Салгыы
Хочоҕо эбии турбалары олордуохтара

Хочоҕо эбии турбалары олордуохтара

14.05.2023, 15:41
Хаартысканы Елена Прокопьева ыытта.
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хочо бөһүөлэгэ ууга барар куттала үөскээн, ыксаллаах быһыы — майгы биллэриллибитэ. Уу биир күн иһигэр 16 олбуору ылбыта, сорох ыаллар малларын — салларын хомунан, куттала суох сиргэ көһөн биэрбиттэрэ. Түүҥҥү дьуһуурустуба тэриллибитэ, даамбаҕа бөҕөргөтүү үлэтэ ыытыллыбыта.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов кэлэн быһыыны-майгыны миэстэтигэр кэлэн көрбүтэ-истибитэ. Ол кэнниттэн бырабыыталыстыба хамыыһыйата кэлэн түмүктэри оҥорон барбыта.

Хамыыһыйа үлэтин түмүгүнэн чугастааҕы кэмҥэ «Оһоҕос » үрэххэ эбии турбалары олордорго уонна 2025 сылга муостаны тутарга диэн быһаарыы ылыныллыбыта. Олохтоохтор итинник быһаарыыны , биллэн турар, үөрүүнэн истибиттэрэ.

Билигин үрэхтэр халааннаан бүттүлэр. Уу аргыый аҕай түһэн эрэр. Ол эрэн Уһун күөлбүт үрдүнэн барар далаһанан дьон билигин кыайан туораабат, ырааҕынан эргийэн сылдьаллар.

Олохтоохтор бырабыыталыстыба өттүттэн киирбит этии туоларын эрэнэ күүтэбит.

Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: