Ходобуойу өрөмүөннэтии: гаайкалары күүскэ эрийтэримэҥ. Тоҕо?
Соторутааҕыта тимир массыынам ходуобкатын автосервискэ өрөмүөннэттим. Ханна да барарым суох буолан, хайдах-туох өрөмүөннүүллэрин көрө-истэ сырыттым. Килийиэннэр хосторугар киирэн, кофе истим эҥин.
Маастарым үөһэ ыйанан турар тимир көлөҕө сайлентблоктары кэтэрдитэлээн, гаайкаларын тардыталаан эрийтээтэ. Массыынаны агрегат көмөтүнэн аллараа түһэрэн сиргэ үктэннэрэн баран, миигин тимир көлөҕүн ити аттыгар баар дьаамалаах сиргэ илдьэн туруор диэтэ. Өссө үчүгэйдик гаайкаларын тардан эрийэн бириэхпит диэн быһаарда. Массыынабын дьаама үрдүгэр тиийэн туруорбуппар, маастар аллараа киирэн, гаайкалары дьэ күүскэ тардан чиҥэтэн биэрдэ.
Тоҕо итинник гынна?
Тоҕо итинник ньыманы туһанаҕын диэн ыйыппыппар, «Агрегакка ыйынан турар массыына ходобуойугар саҥа чааһы олордон баран ону күүскэ тардыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, ыйанан турар тимир көлө ходобуойа балаһыанньата уларыйар, сиргэ тирэнэ сылдьарынааҕар атын буолар. Ол иһин сиргэ үктэннэрэн баран, гаайкаларын өссө чиҥэтэн бэриллэр. Үөһэ ыйанан турар кэмигэр күүскэ эрийдэххэ, сиргэ үктэнэр кэмигэр уларыйыы тахсан, күүскэ эриллибит сайлентблок ис эрэһиинэлэрин быһа тардан кэбиһиэн сөп. Оччоҕуна бу саҥа сайлентблок эмиэ сотору уларытылларыгар эрэ тиийэр», – диэн олус сөптөөх хоруйу биэрдэ. Онон бу маннык гыналларын маастардартан ирдииргит наадалаах курдук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: