Ходобуойу өрөмүөннэтии: гаайкалары күүскэ эрийтэримэҥ. Тоҕо?

Share

Соторутааҕыта тимир массыынам ходуобкатын  автосервискэ өрөмүөннэттим. Ханна да барарым суох буолан, хайдах-туох өрөмүөннүүллэрин көрө-истэ сырыттым.  Килийиэннэр хосторугар киирэн, кофе истим эҥин.

Маастарым үөһэ ыйанан турар тимир көлөҕө сайлентблоктары кэтэрдитэлээн, гаайкаларын тардыталаан эрийтээтэ. Массыынаны агрегат көмөтүнэн аллараа түһэрэн  сиргэ үктэннэрэн баран, миигин тимир көлөҕүн ити аттыгар баар дьаамалаах сиргэ илдьэн туруор диэтэ. Өссө үчүгэйдик гаайкаларын тардан эрийэн бириэхпит диэн быһаарда. Массыынабын дьаама үрдүгэр тиийэн  туруорбуппар, маастар аллараа киирэн, гаайкалары дьэ күүскэ тардан чиҥэтэн биэрдэ.

Тоҕо итинник гынна?

Тоҕо итинник ньыманы туһанаҕын диэн ыйыппыппар, «Агрегакка ыйынан турар массыына ходобуойугар саҥа чааһы олордон баран ону күүскэ тардыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, ыйанан турар тимир көлө ходобуойа балаһыанньата уларыйар, сиргэ тирэнэ сылдьарынааҕар атын буолар. Ол иһин сиргэ үктэннэрэн баран, гаайкаларын өссө чиҥэтэн бэриллэр. Үөһэ ыйанан турар кэмигэр күүскэ эрийдэххэ, сиргэ үктэнэр кэмигэр уларыйыы тахсан, күүскэ эриллибит сайлентблок ис эрэһиинэлэрин быһа тардан кэбиһиэн сөп. Оччоҕуна бу саҥа сайлентблок эмиэ сотору уларытылларыгар эрэ тиийэр», – диэн олус сөптөөх хоруйу биэрдэ. Онон бу маннык гыналларын маастардартан ирдииргит наадалаах курдук.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

12 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

12 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

23 минуты ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

42 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago