Салгыы
Хоһоон ааҕар кырдьаҕас

Хоһоон ааҕар кырдьаҕас

18.02.2024, 11:30
Хаартыска: Кириллиннэр тус архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Социальнай ситимҥэ тарҕаммыт видеоҕа тыс этэрбэс тигэ олорон, Пушкин хоһооннорун өйүттэн ааҕан субурутар кырдьаҕаһы киһи бары сэргээтэ. Барахсан, бу өйө-санаата тобуллаҕаһын, тарбаҕа имигэһин, сүрэҕин-бэлэһин  көрүҥ! Дьэ, кини кимий?

89 саастаах Михаил Петрович Николаев — тыыл бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, Ньурба улууһун Малдьаҕарыгар олорор. Ити видеону устубут, кини кыыһа Сардаана Михайловнаны кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.

Сардаана Михайловна Кириллина бэйэтэ сааһын тухары акушерканан үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсан баран, күн аайы туорт астаан атыылыыр, түүлээҕи имитэр буолбут. Атын хоско аҕата оронугар олорон, таба, тайах тыһыттан этэр­бэс тигэн, дьоҥҥо уллаттаран, атыылыыр эбит. Тыһы бэйэтэ имитэр даҕаны. Ол олорон, өйүттэн хоһоон ааҕан добдугуратар. «Онон икки бизнесменнэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэ бөҕөбүт», — диэн кыыһа күлэр.

Хаартыска: Кириллиннэр тус архыыптарыттан.

Михаил Петрович тыс этэрбэстэри тигэн, сиэннэрэ дьиэ­лэнэллэригэр көмөлөһөр. Бу ылбычча киһи кыайбат үлэтэ эбээт! Харах кыраҕытык көрөрө, тарбах күүһэ, сатабыл ирдэнэр. Кини этэрбэстэрин хоту улуустарга, Эдьигээҥҥэ тиийэ, Саха сирин бары муннуктарыттан хамаҕатык атыылаһаллар.  Онон эһээлэрэ итинник дьарыктаах буолан, «бырыһыана суох кирэдьиит» биэрэн, 4 сиэнин дьиэлээбит. Дьэ, бу хайдаҕый?

Ити курдук сиэннэрин үөрэттэрэн, үлэһит оҥортоон, дьиэлээн, билигин да көрө-истэ, бэрийтэлии олорор.

Былырыын оҕолоро төрөөбүт-улааппыт, ийэлээх аҕалара үйэлэрин тухары олорбут эргэ дьиэлэрэ умайан хаалбыта. Ол дьиэ бэйэтэ му­­суой курдук этэ — Николаевтар үйэлэрин тухары муспут маллара, баай бибилэтиэкэлэрэ, таҥастара-саптара, ону тэҥэ, элбэх тыс, тигиллибит этэр­бэс умайан хаалбыта. Ол тиэргэҥҥэ саҥа дьиэлэрэ баар да, умайбыт ­дьиэтин тахсан көрө-көрө санааргыырын иһин, кыыһа быйыл аҕатын бэйэтин дьиэтигэр көһөрөн киллэрэн, кыстатар.

Михаил Петрович учуутал буолан, олус элбэх хоһоо­ну өйүттэн ааҕар дьоҕурун сүтэрбэт. Урут кинигэни сыттыгын анныгар укта сылдьан, ааҕара үһү. Ньурба лиирик бэйиэтэ Николай Чуору кытта доҕордоһоро. Билигин да Чуор үгүс хоһооннорун өйүттэн ааҕан биэрэр. Ордук Пушкин, Лермонтов хоһооннорун сөбүлээн ааҕар. Төһөлөөх да уһун хоһоону бүтүөр диэри өйүгэр тута сылдьара сөхтөрөр. Арааһа, билигин эдэр дьон биир-икки хоһоону толору өйтөн ааҕаллара саарбах…

Хаартыска: С.М. Кириллина тиксэриитэ

Бастыҥ хайыһардьыт, учуутал

Михаил Петрович, 1934 сыллаахха төрөөбүт эрээри, дьоно оскуолаҕа биэрэллэригэр биир сылы хойутаан суруйтарбыттар. Онон, дьиҥэ, 90-с хаарын санныгар уулларан эрдэҕэ. 1959 сыллаахха Саха госуниверситетын бүтэрэн баран, биир сыл райкомолга үлэлээбитэ.

1960 сылтан Малдьаҕарга «Лесной» оскуолаҕа саха тылын, литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээн саҕалаабыта. Учуутал тиийбэт буолан, физкултуура учууталынан үлэлээбитэ, оҕолору хайыһарга дьарыктаабыта. Кини пединститут, кэлин СГУ хайы­һарга хамаан­датын бастыҥ хайыһардьыта этэ. Кэлин Ньурба оройуонугар чулуу хайыһардьыт­тары бэлэмнээн таһаарбыт өҥөлөөх. Оройуон бастыҥ хайыһардьыт оҕолоро киниэхэ анаан дьарыктана кэлэллэрэ.

Үйэтин тухары саха тылын, история, физкултуура учууталынан, саабыһынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ, өссө да үлэлиэх киһи, 1989 сыллаахха атаҕын эчэтэн, тохтообута. Аты айааһыы сылдьан, акка состорон, атаҕын силгэтэ быстан, эпэрээссийэлэнэн, инбэлиит буолан, үлэтиттэн тохтообута, ол эрээри, хаһан да таах олорботоҕо. Учууталлаабыт ыстааһа — 45 сыл.

Хаартыска: С.М. Кириллина тиксэриитэ.

Бу оскуолаҕа химия, биология учууталынан үлэ­лиир Елена Степановнаны кытта ыал буолан, 5 оҕону төрөтөн, улаатыннарбыттара, үйэ аҥаарын кэриҥэ бииргэ иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара.

Елена Степановна оскуо­лаҕа сибэкки бөҕөтүн үүннэрэрэ. Кэргэнэ киниэхэ көмөлөһөн, сибэкки иһиттэрин оҥороро, буор таһара. Оскуола көрүдүөрэ, кылаастар, тиэргэнэ бүтүннүү сибэккинэн симэнэллэрэ. «Элбэх сиргэ сырыттым да, ханна да суох сиэдэрэй, дьиҥнээх оскуола-саад!» диэн биллэр педагог К.С. Чиряев кэлэ сылдьан, сөҕөн, биирдэ саҥа аллайбыттаах…

Ону тэҥэ, оскуола учаастагар оҕуруот аһын үүннэрэн, өлгөм үүнүүнү ылаллара. Малдьаҕарга аан бастакынан помидору, оҕурсуну, хаппыыс­таны, кабачогу, арбуһу олордубуттара. Елена Степановна салалтатынан оскуолаҕа “тыыннаах муннукка” тыа кыыллара, бэл, тыыннаах эһэ баара. Ийэлэрэ ити курдук айымньылаахтык үлэ­лиирэ. Онон “Саха-Азия оҕолоро” пуонда стипендиата буолбута, “Норуот үөрэҕириитин туйгуна” ааты иҥэрбиттэрэ.

Дьиэлэрин үрдүгэр кыталык үҥкүүлүүр…

Өссө биир интэриэһинэйэ диэн, Сардаана Михайловна икки уола саха тэлэбиидэнньэтигэр ыытыллыбыт «Арыыга» бырайыакка кыттан, кыайбыттар. Бастаан улахан уола, Ньурба тыйаатырыгар артыыһынан үлэлээбит Александр, кыайбыта. Александр Семеновиһы эдэрин көрүмэҥ, улууска тарбахха баттанар оһуохайдьыт, ырыаһыт. Билигин аҕатын батыһан, Накыыҥҥа үлэлээн эрэр.

Онтон кини быраата Артем «Мин да убайым курдук бэйэбин холонон көрүөм этэ» диэн баран, былырыын бырайыакка кыттан, эмиэ кыайбыта. Артем Семенович билигин Малдьаҕар оскуолатын дириэктэринэн үлэлээн эрэр.

Онон Михаил Петрович сиэннэрэ эһээлэрин удьуордаан, үгүстэрэ учууталлар, спортсменнар, артыыстар…

Кириллиннэр аҕалара Семен Александрович “Булчут сэһэнэ” диэн куйаар ситиминэн ыытыллыбыт күрэскэ 3 уолун кытта 2-с үрдэли ылан турар. 2020 сыллаахха Кириллиннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ ыала” күрэс чэрчитинэн, “Ньурба улууһугар бастыҥ тыа сирин ыала” куонкуруска кыайбыттара.

Дьиэлэрин эркинин бэрт элбэх кыайыыларын-хотууларын туоһулуур мэтээллэр киэргэтэллэр. Сахалыы сиэринэн уһанан, иистэнэн, оҕуруот аһын өлгөмнүк олордон, тиэргэннэрин сибэкки арааһынан симээн, оҕолор, сиэннэр үөрүүлэринэн үрдээн, быр-бааччы олорор ыал. Кинилэр эрэ дьиэлэрин кырыыһатыгар сэттэ кыталык үҥкүүлүүр, тэрээһэлэрин түннүгүн булт тиэмэтигэр ураннык кыһыллыбыт хартыыналар киэргэтэллэр…

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: