Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах Тобуруокап

Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах Тобуруокап

25.10.2022, 18:29
Бөлөххө киир:

Алтынньы ый 25 күнүгэр оҕо-аймах тапталлаах суруйааччытынан дьиҥ чахчытык ааттаммыт, хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах саха норуотун биир тапталлаах суруйааччыта,  фронтовик- поэта Бүөтүр Тобуруокап күн сирин көрбүт, 105 сааһа бэлиэтэнэр күнэ. Улахан поэт баай ис хоһоонноох айар үлэтэ хас да көлүөнэ саха ааҕааччытын бу күҥҥэ диэри умсугутан кэллэҕэ.

Кырачааннары абылыыр айымньыларынан саха литературатыгар оҕо суруйааччытын быһыытынан 1947 сыллаахха суруллубут “Буукубалар мунньахтара” остуоруйа буолбута. Кини кырачаан ааҕааччыларга анаабыт кырдьыктаах буолуу, үтүө майгы, билии күндү кылаат буоларын туһунан айымньыларынан хас да көлүөнэ дьон улаатта. Учуутал идэлээх суруйааччы Петр Николаевич оҕону соһутар, умсугутар, оонньуу-көр нөҥүө суруйбута, ону сэргэ кини айымньытын дьоруойдара ааҕааччыга бэйэтигэр майгынныырынан уратылаахтар, тиэрдэр сүбэтэ-ааҕан баран, мин сөпкө быһыыланабын дуу диэн толкуйдуурга үөрэтэр.
Саха оҕото оҕо уһуйааныгар элбэхтик нойосуус үөрэ-көтө аахпыт “Кып-кыра Чычып-чаап”,  “Эрдэ турбут оҕолор”,  “Улаатарым буоллар мин”, “Ытанньах герой буолбат” хоһоонноро оҕо өйүгэр чэпчэкитик киирэн, сүрдээх үөрүүлээхтик, көр-нар аргыстаах ааҕыллар, оҕону сырдыкка кынаттыыллар…
Оҕо суруйааччыта, нарын тыллаах лиирик-поэт Петр Тобуруокап,  бастатан туран, төрөөбүт дойдутун олоҕун, норуотун өйүн-санаатын хомоҕой хоһоонугар тиспит бэриниилээх гражданин, төлөннөөх патриот, бэйэтин кэмин суруйааччыта этэ..


Поэт Петр Тобуруокап хоһоонноро 1960-1980- сылларга киэҥник ырыа буолан тарҕаммыттарынан, саха ырыата сайдарыгар улахан кылааты киллэрбит поэт быһыытынан сыаналанар, ол курдук кини хоһоонноругар 400-чэ ырыа айыллыбыта.Маннык чыпчаалга тиийбит хоһооннордоох поэт баара бүтүн Арасссыыйаҕа да суох быһыылаах. Саха биллэр композитордара, мелодистара Христофор Максимов, Аркадий Алексеев, Георгий Никифоров, Захар Степанов, Егор Поликарпов, Мария Константинова уо.д.а. кини хоһооннорун ырыа гынан көтүппүттэрэ. “Таптыырга буруй суох”, “Маҥан мастар”, “Этимэ ый үөһэ устарын”, “Суох, кэбис, тапталым”, “Кырдал кыыһа”, “Мутукча сыта”, “Күөгэһэр лабаалар”, “Чэмэлиинэ”, “Ньургуһунна бэлэхтээ”, “Сэмэнчикпин таптыыбын” ырыаларын истибэтэх саха киһитэ, бука, суоҕа буолуо.
Петр Тобуруокап сааһын тухары төрөөбүт дойдутуттан тэйбэккэ, тыа сирин таптаан олорбута. Дьон-норуот ортотугар сылдьан, ийэ айылҕалыын алтыһан, тыа сирин сэмэй үлэһит дьонун олоҕун-дьаһаҕын, тылын-өһүн истэн,  элбэҕи иҥэриннэҕэ.Ол да иһин,  кини айымньылара дьон сүрэҕэр чугастар.
Төрөөбүт сахатын тыла кэскиллээх буоларыгар ис сүрэҕиттэн баҕарбыт, ол туһугар олоҕун анаан айбыт-туппут улахан поэт Петр Тобуруокап ийэ тылыгар итии тапталын, эрэлин “Айхал, сахам тылыгар!” алгыс тэҥэ сахатын норуотугар анаабыт поэмата сахатын норуотугар ыҥырыы кэриэтэ иһиллэр.

«Туругура, тупса тур,
Тирэҕирэ, чиҥии тур,
Тоҕойдору туораан ис,
Арҕастары ааһан ис,
Саргы дьайаан Сахам тыла,
Сарыал санаа – Сахам тыла!»

Бу сыллар тухары норуот поэта төрөөбүт сирэ  — махталлаах Үөһээ-Бүлүү дьоно-сэргэтэ Петр Тобуруокап сырдык аатын үйэтитэн, өрөспүүбүлүкэ айар куттаахтарын, хоһоону, ырыаны доҕор, олох аргыһа оҥостубут дьон түмсэр «Тобуруокап көмүс күһүнэ» тэрээһини ыытан кэллэ. Көмүс буукубаннан суруллар оҕо-аймах, улахан дьон ытыктыыр норуодунай поэта Бүөтүр Николаевич Тобуруокап тэлгэһэтэ бу күһүҥҥү көмүс күннэргэ араас сиртэн айар дьону түмэр үтүө үгэскэ кубулуйда, манна хоһоон хоһуллар, ырыа да ылланар, мантан саҥа ааптардар тахсаллар.
Күндү ааҕааччы! Саха норуотун уу сахалыы тыыннаах суруйааччыта,оҕо сүрэҕэр тапталы сахпыт норуодунай поэта Петр Николаевич Тобуруокап  тапталлаах сахатын норуотугар анаабыт, “күндүттэн күндү кылаат” буолбут айымньылаах үлэтэ,ырыата-тойуга,олох тутула уларыйыытыгар суолталара сүппэккэ, өрө тутулла, ааҕылла, үөрэтиллэ турарыгар оҕолору төрөппүтэри ыҥыра хаалабыт.

Мария НИКОЛАЕВА, бибилэтиэкэр

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: