Хоһоон куонкуруһа: Августина Жиркова: «Сэрии суох буоллун!»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) Кыайыы 80 сылынан  төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан куонкуруска уопсайа 76 кыттааччы  кытынна. Олортон бастыҥ хоһооннору талан саайтка ааҕааччыларбытыгар анаан таһаарабыт. Кыайыылаахтар ааттарын  муус устарга билиэхпит.

Жиркова Августина Ивановна, Эдьигээн

Сэрии суох буоллун!

/Аҕабар Федотов Иван Гаврильевичка аныыбын/

Аҕа дойду Улуу сэриитин

Умнубаппыт биһиги!

Эһэлэрбит, эбэлэрбит,

Ийэлэрбит, аҕаларбыт

Хам аччык аҥаардаах

Тыбыс тымныы ууну кэһэн,

Тымныы уу

Силиилэрин иһигэр киирэн,

Ырдьаччы тоҥо-тоҥо

Алта саастаах быыкайкаан оҕолор

Оҕо курдук оонньообокко,

Улахан дьону кытта

Кыһыл көмүс хатырыктааҕы

Сэрии фронугар ыытаары,

Көмөлөһөн  муҥнаналлара.

Инникигэ кыра да буоллар

Эрэл кыымнаах кытаанах  соругу

Сэрии сылын оҕолоро толорбуттара.

Бу дьоллоох олоххо олорон

Харахтарын уутун

Аргыый туора соттоллор.

Санаан кэлэллэр

Ол сэрии сылларын.

Суох буоллун сэрии!

Уруй буоллун уйгулаах олоххо!

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда

Саҥа сылы көрсө бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев  РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин…

1 минута ago
  • Бэрээдэк
  • Уопсастыба

Дьон казиноттан уонна да атын оонньуулартан бэйэлэрин бобор кыахтаныахтара

Бэйэлэрин кыайан туттуммат дьоҥҥо Госдума маннык сокуону ылынна. Азартаах оонньуулартан босхолонуон баҕарар киһи бэйэтигэр бобууну…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ 96 хоһо үлэлиир

Быйыл Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ хосторун үлэлэрин сөргүттүлэр. Маннык үлэни саҕалыырга Ил Дархан Анал этиитэ…

11 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кытыйа, хамыйах арааһа

Кытыйа, хамыйах арааһын билэҕин дуо? Маны көр. Кытыйа арааһа Кытыйа - миискэ курдук дьоҕус мас…

31 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Нэдиэлэ иһигэр икки сүүстэн тахса психологическай көмө оҥоһулунна

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Донааҕы Ростовка госпиталларга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 180…

46 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Дүпсүннэр уонтан тахса хаххалыыр сиэккэни бэлэмнээтилэр

Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторо, чуолаан "Сардаҥа" оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ уонна үлэһиттэрэ Дьокуускайга уонна…

1 час ago