Хоһоон куонкуруһун түмүгэ
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан куонкуруска уопсайа 83 киһи кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ, ол иһигэр “Саха сирэ” хаһыат үлэһиттэрэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Надежда Егорова-Намылы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ангелина Васильева-Дайыына сүбэлэһэн, ырытыһан баран кыайыылаахтары быһаардыбыт. Ол курдук, Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор Кирилл Аржаков-Кириискэ Ардьакыап “Кыайыы иһин турунуоҕуҥ!” хоһоонунан бастакы миэстэҕэ таҕыста.
“Элбэх үйэлэр тухары
Эллэһэн-эйэлэһэн үөскээбит,
Эриирдээх сыллары туораабыт
Эллэй Боотур сыдьааннара
Эрдээх сахалар – биһиги!
Уоттаах-тыйыс кэмнэргэ
Умуллан-уостан сүппэтэх,
Ураты кытаанах санаалаах
Укулааттаах үгэстээх
Урааҥхай сахалар – биһиги!
Кыһарҕаннаах күннэргэ,
Киһи дуу, кии дуу буоларга
Кыыһар үрдүк өрөгөйдөөх,
Кыайыы иһин дьулуурдаах
Кытыан сахалар – биһиги!
Арҕаалардыын атааннаһар
Араллааннаах кэмнэргэ
Адьаһын туора турбаппыт!
Адьарайдары самнарарга
Албан сахалар бэлэммит!
Самнан биэрбэт соргулаах,
Сайаҕас-көнө майгылаах
Саха урааҥхай ыччата,
Сата-буурай санааланан
Сааны-саадаҕы тутуоҕуҥ!
Саргы-дьаалы салалыннын,
Сырдык Кыайыы сандаардын!”
Иккис миэстэ — Дьокуускайтан Пахомов Николай Иванович
«Доҕоччуок, табаҕыҥ баара дуу?»
Аптамаат тыаһыгар хоруйдуу
Ким эрэ сахалыы саҥарда,
Кэннибэр күлүгэ барыйда.
Кааската, синиэлэ атынын,
Кэһиэхтээх саҥата нарынын
Соһуйа мин көрөн турбутум,
Сэрэнэн табахпын ууммутум.
Түргэнник оборон бүппүтэ,
Табаҕым мөлтөҕүн сөхпүтэ,
Утары саппыйа биэрбитэ,
Маны тарт, мохуорка диэбитэ,
«Чэ, тоойуом, сэриилэс хоодуоттук,
Туруулас эйэни хорсуннук,
Биһиги кэс тылы эттибит,
Көмүскэл куйаҕын биэрдибит».
Саппыйа суругун көрбүтүм,
Сахалыы тыллартан үөрбүтүм,
Ким кэлэн барбытын сэрэйдим,
Кууспакка ыыппыппын кэлэйдим.
Үһүс миэстэ – Валентина Иннокентьевна Комиссарова-Күлүмүрэ (Дьокуускай)
ЭР БЭРДЭ, ЭН ТӨНҮН
“Ийэлэр сүрэхпит чопчутун
Саралыы хааннаата аймалҕан,
Бу бааспыт ол айдаан тоҕотун
Аһыйа ырытар абаран.
Күн диэки көтүтэ уунаммыт,
Тапталга суулаабыт уолчааммыт
Дьэ тоҕо хаан-силик аргыстаах
Кый ыраах сэймэккэ кыттыахтаах?
Сааһырар кэмнэргэ эрэлбит,
Дьолунан толорор кэскилбит
Модьоҕо бэлиэни атыллаан,
Дьэ тоҕо барыахтаах былдьанан?
Ол эрэн… ким уонна көмүскүөй
Дойдубут эйэлээх олоҕун?..
Ким уонна мэктиэлии үөскэтиэй
Сиэннэрбит дьоллорун тускутун?..
Буойун уол, күн ийэҥ таптала
Куйахтаах харысхал иҥэрдин,
Аал Луук Мас үйэлээх лабаата
Эн куккун көмүскүү чэлгийдин!
Күн күбэй ийэккэҥ барахсан
Көмүскэ ууларын хаһыйыа,
Сүрэҕэ, ханна да буолларгын,
Сулустуу үрдүгэр сыдьаайыа.
Өбүгэҥ хорсуна тилиннин,
Манчаары килбиэнэ сирдээтин,
Эр бэрдэ, дьол, кыайыы көтөллөөх,
Эн, төнүн чиҥ, бигэ үктэллээх.
Сидьиҥ үөр күдэҥҥэ көтүөхтүн,
Сир ийэ чөлүгэр түһүөхтүн,
Өрөгөй чорооно күөрэйдин,
Эйэ-дьол тойуга эйээрдин!”
Куонкуруска номнуо ырыа буолбут хоһооннордоох айар куттаах дьон кытынна. Кинилэри эмиэ хайаан да бэлиэтиир наадалаах. Ол курдук, Эдьигээнтэн Оруоса Эдьигээн “Хотойдорум”, Николай Нутчин-Дьуур “Эргиллиэм, ийэкээм…”
Куонкуруска оҕолор кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх: Дьааҥы Дулҕалааҕыттан Нарияна Рожина, Чурапчы гимназиятын С.К. Макаров аатынан 6 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Евграфова Айыына дойдуларын таптыылларын сурукка-бичиккэ түһэрэн үөртүлэр.
х х х
Куонкурус хара саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри хоһооннор тохтоло суох киирэ турдулар. Тута sakha-sire.ru саайтка тахсан испиттэрэ. Баҕар, ол да иһин буолуо, этэргэ дылы, хоһоон хотоҕостуу субулунна, хоһоонньуттар географиялара да кэҥээтэ.
Онон, дьүүллүүр сүбэҕэ эмиэ судургута суох буолла. Биллэн турар, куонкуруска кыттааччы үксэ биллэр-көстөр бэйиэт, суруйааччы буолбатах, онон биһиги ирдэбилбит да олус үрдүгэ суоҕа. Үгүс хоһооҥҥо уол оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии, кыайыыга эрэл, дойдуларын көмүскүү барбыт уолаттарга итэҕэйии-эрэнии, алгыс тыллара этиллибиттэр. Ол биһигини, хас биирдиибитин, долгутта, ыксаллаах кэмнэргэ бары биир сомоҕо буолар кыахтаахпытын итэҕэттэ. Эһиги ыыппыт хоһоонноргут түмүллэн киирбит бу дьоҕус, ол эрээри күүстээх санаанан илгийэр кинигэбитин буойун уолаттарбыт илиилэригэр ыллахтарына, санааларыгар санаа, күүстэригэр күүс эбиллиэҕин харахпытыгар ойуулаан көрөбүт уонна тэҥҥэ долгуйабыт.
Үс бастаабыт хоһоон туһунан кылгастык этэр буоллахха, Кирилл Аржаков-Кириискэ Ардьакыап “Кыайыы иһин турунуоҕуҥ!” хоһоонугар Эллэй эһэбит саҕаттан үөскээн-төрөөн күн бүгүҥҥэ диэри үүнэн-сайдан, баараҕадыйан кэлбит Эллэй Боотур сыдьааннарыгар эрэлин тириэрдэригэр Алампалыы хоһоон матыыба иһиллэргэ дылы…
Иккис миэстэлээх Пахомов Николай Иванович хоһоонугар саха саллаатын ким-туох араҥаччылыыра сонуннук тыктарыллан этиллибит. Ол курдук, биир саппыйаны олус күүстээх уобараска кубулуппут! Төрөөбүт-үөскээбит сахабыт тыла уонна үйэлээх малбыт-салбыт ханна да тиийдэрбит араҥаччылыы, алгыы сылдьарын итэҕэтэр.
Онтон үһүс миэстэлээх Валентина Иннокентьевна Комиссарова-Күлүмүрэни поэзияны таптааччылар үгүскүт билэҕит. Эрдэ эппиппит курдук, биһиги куонкуруска киирбит хоһооннор ааптардарын саҥа суруйар эбэтэр биллэр-көстөр бэйиэт диэн араарбатыбыт, оннук тускулу тутуспатыбыт. Ол да буоллар, Күлүмүрэ хоһооно – биир чаҕылхайдара. Кини бу хоһоонугар “Тапталга суулаабыт уолчааммыт тоҕо хаан-силик аргыстаах кый ыраах сэймэҥҥэ кыттыахтааҕый?” диэн хас биирдии ийэни, эбэни, кэргэни, оҕону долгутар риторическай ыйытыыны биэрэн, дойдуга буола турар балаһыанньаҕа ийэ быһыытынан тус санаатын этэр. Ол эрэн, өрөгөй чуораана күөрэйэрин, эйэ-дьол тойуга эйээрэрин туһугар ийэ барахсан ииппит уола дойдуну көмүскүү барыахтааҕын санатар уонна эрэлин биллэрэр. Бу хоһоону инникитин поэма дуу, монолог аҥаардаах кэрчик кэпсээн да буолуон сөп курдук көрдүбүт.
Куонкуруспут үйэлээх буоларыгар уонна эр санаалаах уолаттарбыт харысхаллаахтык сананалларыгар, төрөөбүт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэллэригэр баҕаран, эһиги, ааптардар, хоһоонноргутун харысхал бэлиэлээх “Эргиллиҥ кыайыы көтөллөөх” кинигэбитигэр киллэрэн бэлэх уунабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: