Саха сирин бөрөһүттэрин биир дойдулаахтара ааҕа билэллэр. Кинилэр курдук хара тыанан, толоонунан, аар тайҕанан сылдьар киһи аҕыйах буолуоҕа. Сири-уоту эндэппэккэ билэллэринэн, ханна бөрө ордууламмытын, куобах ханна элбээбитин билэллэринэн кимиэхэ да тэҥэ суохтар. Кинилэр – суолдьуттар!
Кинилэр курдук бөрө кистэлэҥнээх, дьикти олоҕун, майгытын билэр киһи аҕыйах буолуоҕа. Ол курдук, атыыр бөрө тыһыта өллө даҕаны, хаһан да “ойохтоммот “ дииллэр. Ол иһин тыһытын сүлээт да, таһааран өлбүт сиригэр хааллараллар эбит. Оччоҕуна онно киирэн биэрэр эбэтэр ытыгылаан сиэн барар эбит. Оттон бураан суолун батыһар хорсун бөрөлөр эмиэ бааллара сөхтөрдө.
Оттон саһылы булчуттар «Мэһэй Боотур» диэн бэрт баҕайытык ааттыылларын билэҕит дуо? Бу эрэйдээх бөрө ыырын, оллугун батыһан, хапкааҥҥа хаптарар идэлээх эбит. Биһиги булчуттарбыт түүнү түүн диэбэккэ бөрөнү сонордоһоллор. Холобур, Лоомтука сорсуннаах булчута Бүөккэ Кириллин уонна да атыттар тоҥору-хатары кэрэйбэккэ оннук сылдьаллар.
Элбэҕи бултаабыт киһи куруук кэпсээҥҥэ сылдьар. Быйыл Амма Болугурун булчуттара сэттэ бөрөлөөхтөр дииллэр. Ньургун Филиппов, Егор Филиппов уо.д.а. ааттарын аммалар бэркэ билэллэр, киэн тутталлар.
Мэҥэ Хаҥалас кытыы нэһилиэгин – Чыамайыкы булчуттара бөрөлөрүн тириитин туттара киирэллэрэ дьаарбаҥкаҕа баран иһэр былыргы атыыһыттары санатар. Дьэ, киһи хараҕа халтарыйар элбэх тириитэ.
Уткин Семен кэнники ылбыт бөрөтө хапкаантан куоппутун күнү быһа эккирэтэн ылбыта эмиэ туһунан остуоруйа буолуохтаах. Оттон биир дойдулааҕа Геннадий Филиппов бултаабыт бөрөтүн сүлээри ириэрэ киллэрбитин курдук, атын бөрөһүттэр эмиэ итинник дьаһаналлар.
Уус Алдан бөрөһүтэ Бүөтүр Охлопков быйыл биэс бөрөлөөх дэһэллэр. Булгунньахтаахтан Геннадий Иванов, Семен Софронов куруук илии тутуурдаах, өттүк харалаах сылдьаллар. Маттаҕа Оҕус Өлөннөөххө Иван Захаров, Дмитрий Протодьяконов, Төхтүргэ Александр Окороков уонна да атыттар бары тыа хаһаайыстыбатыгар тахсар ночооту аччатар туһугар сыралаһаллар. Ол да иһин, сылгылаах хаһаайыстыбалар кинилэргэ олус махтаналлар.
Бары булт быраабылатын тутуһан сылдьаллар. Бөрө ахсаанын сүрүннүүр киһи үчүгэй хапкааннаах буоллаҕына абыранар. Онон бөрөһүттэргэ саҥа хапкаан саҥа кэпсээн курдук интэриэһинэй.
Мэҥэ Хаҥалас Хочо сэлиэнньэтин эдэр бөрөһүтэ соторутааҕыта тыһы бөрөнү өлөрөн, Байанайа мичик гынна. Уопуттаах дьону батыһан, маннык эдэр булчуттар элбээн истиннэр!
Дьэ, уонна бөрөһүттэр хаартыскаларын көрүҥ.
Хаартыскалары ыытта: “Илин эҥээр бөрөһүттэрэ” түмсүү.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…