Салгыы
Хоһуун уола Ил Дархан: «Бу хайысхаҕа эдэр ыччаты кытары күүстээх үлэ барыан наада»

Хоһуун уола Ил Дархан: «Бу хайысхаҕа эдэр ыччаты кытары күүстээх үлэ барыан наада»

06.11.2024, 22:26
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Фашизмы утары II өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум элбэх киһини түмэ тарта. Ыраахтан-чугастан араас идэлээх, дьарыктаах, фашизмы утары туруммут биир өйдөөх-санаалаах дьон санааларын эттилэр. Фашизмы утары пуорум туһунан санаатын байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Хоһуун уола Ил Дархан маннык үллэстэр:

— Мин байыаннай дьайыыга 2022 сыллаахха Херсон хайысхатынан сылдьыбытым. Николаевка аннынан сыппыппыт, онно  эчэйиини ылан дойдубар төннөн кэлбитим. Онон бэйэм уу харахпынан арҕаа дойдулар дьайыыларын, фашизм содулун көрбүт буоламмын, маннык тэрээһин ыытыллара сөптөөх дии саныыбын. Патриотизм өйдөбүлүн, фашизм күөдьүйүүтүн туһунан элбэҕи кэпсээтилэр. Ийэ сирбитигэр, Аҕа дойдубутугар тапталы, бэриниилээх буолууну ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиэххэ наада диэн этэбин. Бу хайысхаҕа эдэр ыччаты кытары күүстээх үлэ барыан наада. Хас биирдии киһи патриотическай тыынын оччоҕо эрэ уһугуннарар кыахтаахпыт дии саныыбын.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: