Диэх да курдук, бу күннэргэ саха литэрэтиирэтин таптааччыларга бэрт сонун кинигэ тахсыбыт. Ааттын да астык, уу сахалыы “Һок? Һэптиэ!” диэн. Кинигэни көрөөт киһи соһуйан: “Һок!”—диэн саҥа аллайара чуолкай. Оттон ааҕан баран, мэктиэлээн “Һэптиэ!” диэн бигэргэтэрин кэриэтэ.
Кинигэни Надежда Аргунова-Логлоҕор суруйбут. Онтукатын “аныгы саха дьахтарын санаалара” диэбит. Дьэ, киэҥ кэпсээн эбит. Аан дойду бары хаттаҕаһын аахпытынан диэбит сымыйа. Манна эҥинэ бэйэлээх ураты санаалар былыт курдук элэҥнээн ааһаллар. Бииртэн биир санаа үктэтиэх тургутуутугар мунан хаалыахха эмиэ сөп. Оччоҕо ону, арааһа, күргүөмүнэн ырытыы эрэ абыраллаах аартыкка сирдиирэ дуу. Биитэр хантан от-мас салҕанан бу санаа уустук балаһыанньатыттан, баттыгыттан быыһаныах баҕайыный диэх мунчаарыы эмиэ үүйэ-хаайа тутар…
Ити барыта уобарастаан эттэххэ. Оттон ааптарга махтал тылларын аныах эбиппин: араастаан да эргитэн-урбатан, онон-манан мэйии быыһынан уста сылдьан кымаахтыыры сатыыр да эбит диэн сөхтүм ээ… 155 кэпсээн кэчигирээбитэ дьиктитиэн! “Былатыан дорообо” диэнтэн уйадыйдым, “Араҕас бачыыҥкаттан абардым”, “Араамалара бииртэн” уонна “Оптуобуска” диэнтэн күлэн быара суох сыттым, “Саарбах сахаттан” сааттым, “Массаас кырыбыайка” уйадытта, “Икки бөрө” толкуйдатта… Ити мин аахпыппыттан, толкуйум туомугар быһа киирэн хаалбыттары бу суруйа олорон үлүбээй холобурдаатым.
Оттон саас-сааһынан ырыыппалаан кэпсэтэр буоллахха, маныаха булгуччу чэй иһэр түгэн эрэйиллэр эбит! Дьэ, бэйи, хаар түстүн! Сиэппэр уктан баран таһараа ыалбар Миитэрэйгэ тахсыыһыбын, “тылы тыыта таарыйа” тыыннаахтар тыыппалаах кэпсэтиилэрин күөртүүһүбүн! Онто суох билигин ыалга киирдэххэ, оҕонньор төлөпүөнүн одуулаан оронугар сытар, өскүөрүтүн эн диэки хайыһан да көрбөт. Эмээхсин остуол муннугар уурбут төлөпүөнүттэн хараҕын араарбакка олорон тиэтэл муҥ кыраайынан чэй иһэрдэр. Эчии! Санаатыгар “сатана оҕонньоро хаһан тахсара буолла, төлөпүөммэр тик-токпун көрүөм этэ” дии саныырын курдары көрөр курдукпун!
Бу сырыыга Анньыыһын атыннык салайтарыа, кинигэбин илдьэ киирэн биир тиэмэни добдугураччы ааҕыам уонна кэпсэтиигэ ыҥыртыам! Кыайаа инибин диэн санаам бөҕөх. Тоҕо диэтэр, бу “Айардар” “ас амтаннааҕын амтаһыйбыттара” ыраатта, бииртэн биир сэргэх, киһини һык гыннарар кинигэлэрин оҥорон иһэллэр. Онон кинилэргэ ааҕар киһи быһыытынан махталым улахан!
Доҕоттор, “Һок? Һэптиэ!” наһаа табыллыбыт кинигэ буолбут. Кылгас кэпсээннэр ирдэбиллэринэн булгуччу кэннигэр түс толкуйа, бас этиитэ ыйыллара баар буолуохтаах. Манна бэрээдэк кэһиллибэтэх. Тыын ис хоһоонун бигэргэтэр санааны анаан-минээн ааптар лаппыйан суруйбута туохтааҕар да суолталаах.
Итиэннэ тутарга-хабарга олус да табыгастаах, тып курдук, киһи ытыһыгар ыллар эрэ сылаас тыынынан илгийэргэ дылы. Һэптиэ! Оннук бэрт!
Анисим НЕУСТРОЕВ
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…