Холобур буолар хорсун олох: Блокадаламмыт Ленинград көмүскэлин кыттыылааҕа, сэрии, тыыл бэтэрээнэ, Учуутал А.Т. Старостина төрөөбүтэ 100 сыла

Share

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө

Үтүө аата сырдыы туруо

Биһиги Сахабыт сиригэр, Чурапчы улууһугар бэйэтэ эмиэ биир ураты, баай устуоруйалаах, бүтүн Саха сиригэр уос номоҕор киирбит Улуу Кудаҥса төрөөн-үөскээн олорбут, ытыктанар  төрүт  дойду Оҕуһур — дириҥ силистээх-төрүттээх үтүө дойду Түөйэ, уоттаах сэрии уонна хоту көһөрүллүү, кэлин бөдөҥсүтүү бэлиитикэтин содулларыгар букатын эстэ сыһа-сыһа, аҥардас, төрөөбүт дойдуларын, түөлбэлэрин олус таптыыр, кэрэ айылҕатын, өҥ сирин-уотун сыаналыыр, дьиҥнээх  патриот дьоннордоох буолан, нэһилиэк дьонун ахсаанынан сэрии иннинээҕи чөлүгэр түспэтэр даҕаны, бүгүн син-биир баар, баарын биллэрэр, үлэлиир-үөрэнэр, олох салҕанар. Билигин манна 10-ча бааһынай хаһаайыстыба (ИП) сүөһү-сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктанар, үлэ күөстүү оргуйар. Соторутааҕыта Түөйэҕэ сылдьан, дьонун-сэргэтин, ыччаттарын көрсөн, итинник санааҕа кэллим.

Алтынньы 18 күнүгэр Оҕуһур сэлиэнньэтигэр, А.Т.Старостина аатынан Түөйэтээҕи оскуола-садка, ытыктыыр, киэн туттар киһибит, улахан буукубаттан  суруллар Учууталбыт, блокадаламмыт Ленинград көмүскэлин уонна Чурапчы холкуостарын хоту күүс өттүнэн көһөрүү кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитин, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, дойдутун патриота Анастасия Тихоновна Старостина төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин олус истиҥник  ыытылынна. Дириэктэр Майя Васильевна Новгородова салалтатынан педагогтар Наталия Николаевна Беляева, Надежда Филипповна Коркина, Прасковья Гаврильевна Местникова, Яна Сидоровна Беляева уонна Култуура киинин уус-уран салайааччыта, ахтыы-күнү иилээн-саҕалаан ыытыспыт  Альбина Гаврильевна Черных уо.д.а. бу үбүлүөйдээх тэрээһини үрдүк таһымҥа бэлэмнээбиттэр.

Тэрээһиҥҥэ Анастасия  Тихоновна кыыһа,  Дьокуускайга олорор, үлэлиир, ийэтин курдук педагог идэлээх  Саргылаана Николаевна Старостина кыыһынаан Саргылааналыын, Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы   Егор Афанасьевич Сивцев, улуустааҕы Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мотрена Николаевна Матвеева, Улуустааҕы үөрэх управлениетыттан начаалынньыгы солбуйааччы Алена Борисовна Моисеева, уопсай үөрэхтээһин салаатын исписэлииһэ Маргарита Прокопьевна Оконешникова кытыннылар, тыл эттилэр, Анастасия Тихоновна Старостина аатын үйэтитиигэ,  үөрэнээччилэри патриотическай иитиигэ ситиһиилэрин, маннык үтүө ыччаттардаах Түөйэ сайдар кэскиллээҕин бэлиэтээн  туран,  оскуола-сад  кэлэктиибигэр Махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.  Анастасия Тихоновна биир бастыҥ үөрэнээччитэ Григорий Константинович Макаров кэргэнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Григорьевна Макарова кыыһынаан, педагог Күннэй Григорьевна Аммосовалыын Мугудайтан, Сылаҥтан ытык  кырдьаҕастар,  хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа Анна Михайловна Новгородова, улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин ааттарыттан Конфей Кимович Колесов,  Чурапчытааҕы интэринээт-оскуолаттан бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ Анна Ивановна Васильева, Александра Захаровна Прибылых, социальнай педагог Николай Николаевич Монастырев,  Тихоновна үөрэппит оҕолоро, биир дойдулаахтара истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар. Оскуола-сад бэлэмнээбит «Хорсун олох холобура» быыстапканы билиһиннэрии,  «Үтүө аата сырдыы туруо» диэн Учуутал Настаа олоҕун, үлэтин сырдатар саҥа видео-киинэни көрүү буолла.

Ленинград көмүскэлигэр

Анастасия Тихоновна Старостина 1924 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Аччаҕар нэһилиэгэр Анна, Тихон Старостиннар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Балтараа эрэ саастааҕар төгүрүк тулаайах хаалан, эдьиийинээн абаҕаларыгар иитиллибиттэрэ. 1940 сыллаахха, анал сүүмэрдээһини ааһан, эдэркээн Настя Саха сирин 34 чулуу ыччатын кытта Ленинградтааҕы Театральнай институкка үөрэнэ барбыта. 1940-41 үөрэх дьылыгар Саха национальнай студията биллиилээх профессорга Леонид Макарьевка уһуйуллар. Барыга талааннаах саха ыччаттара институттарыгар “Могучая студия” диэн аатынан сүрэхтэммиттэрэ да элбэҕи этэр. Онтон.., онтон сэрии саҕаланар… Уолаттар фроҥҥа бараллар, кыргыттар уонна 18-н туола илик үс уол блокадаламмыт Ленинградка хаалан, туос аччык сылдьан, тапталлаах куораттарын өстөөхтөн көмүскээн, сайыны-күһүнү быһа түүннэри-күннэри траншея хаһыытыгар үлэлииллэр, Кировскай собуот аттыгар баррикадалары туталлар. Бу кытаанах үлэттэн быыс булан, үксүгэр утуйарын да умнан туран  Анастасия, санитарнай этэрээт (МПВО) байыаһа, шефтээх госпиталларыгар тиийэн, араанньы буолбут саллааттарга көмөлөһөрө. Ыҥырыыны ылынан, блокада саамай ыар кэмигэр, 1941-42 дьыл от ыйыттан тохсунньуга диэри 7 ыйы быһа Настя Старостина донордаан, араанньы буолбут саллааттары быыһыырга анаан хаанын туттарбыта…  Олунньуга тиийэн эмиэ хаан туттараары туран, туос аччык, сэниэтэ суох кыыс  уҥан түспүтүгэр эрэ, донордыыргын тохтотобут, диэбиттэрэ эмчиттэр. Сэрии толоонугар уонна блокада кэмигэр аччыктааһынтан-тымныйыыттан доҕоттору, дьүөгэлэри сүтэрии ыар аһыытын билэн, тыыннаах хаалбыт 8 студиец-кыыс 1942 сыл олунньуга Ладоганан — “Олох суолунан” эвакуацияланан, хас эмэ ый айаннаан, сайын саҕаланыыта ахтылҕаннаах дойдуларын булбуттара. Дьокуускайга, Радиокомитекка таһаарааччы эрэдээктэринэн үлэҕэ ыланнар, бэркэ үлэлээн иһэн, аны күһүнүгэр  Чурапчы холкуостара күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ бараннар, ииппит дьонугар күүс-көмө буолан, Анастасия хоту Эдьигээҥҥэ айанныыр…  Манна дьоно балыкка үлэлиир. Кини Мэҥкэрэ диэн учаастакка учууталлыыр. Хоту икки сыл үлэлээн, 6 киһилээх дьиэ кэргэнтэн үһүөйэх эрэ буолан, сыккырыыр тыыннара эрэ хаалан, дойдуларын булаллар… Сэрии кэнниттэн Учуутал институтун бүтэрэн, Анастасия Тихоновна сүрүннээн төрөөбүт улууһун оскуолаларыгар айымньылаахтык үлэлээн, дьон махталын ылыан ылбыта.

Үйэтитии

Анастасия Тихоновна кыыһа Саргылаана Николаевна Старостина, күтүөтэ, сиэннэрэ, Түөйэҕэ кини аатын сүгэр оскуола-сад кэлэктиибэ, Түөйэ түөлбэтин олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ “За оборону Ленинграда”   мэтээллээх Анастасия Тихоновна Старостина – Учуутал Настаа сырдык аатын үйэтитиигэ ис-сүрэхтэн тахсар дьоһуннаах, былааннаах, үгүс үлэни ыыталлар. Бастатан туран, кэлэктиип дьулуурдаах туруорсуутунан, 2020 сыллаахха оскуола-садка А.Т.Старостина аата иҥэриллибитэ. Үлэлээбит оскуолатын эркинигэр Учуутал Анастасия Тихоновнаҕа Өйдөбүнньүк дуоска ыйаммыта.  Анастасия Тихоновна кыыһа Саргылаана Николаевна, сиэннэрэ Николай Аполлонович Федоров, Саргылаана Владимировна Старостина оскуола-сад бастыҥ выпускниктарыгар А.Т.Старостина аатынан истипиэндьийэ туттарбыттара  хас да сыл буолла. Түөйэ олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, Сылаҥ нэһилиэгин (баһылык Е.И.Макаров) өйөбүлүнэн, быйыл, Анастасия Тихоновна төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, анал искибиэр уонна стела аһылыннылар. Бу бэлиэ күн ыалдьыттар  Анастасия Тихоновнаҕа анаммыт стелаҕа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Хаан-уруу дьонун-сэргэтин, үөрэнээччилэрин, биир дойдулаахтарын кыһамньыларынан, бу сылларга,  Учуутал Анастасия Тихоновна олоҕун, үлэтин кэпсиир хас да кинигэ күн сирин көрдө. Өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, тэлэбиидэнньэҕэ-араадьыйаҕа Анастасия Старостина туһунан эмиэ тиһигин быспакка  сырдатыллар.

Үйэтитии, төрөөбүт дойду устуоруйатын үөрэтии  үлэлэргэ эстэпиэтэни аны эдэрдэр туппуттара кэрэхсэбиллээх. Оҕуһуру сайыннарар сыаллаах “Силис”  диэн тэрилтэ (НКО) баар буолла, сэтинньи 15 күнүгэр, А.Т.Старостина төрөөбүтэ 100 сылын чэрчитинэн, “Көһөрүллүү алдьархайа – мин дьиэ кэргэним устуоруйатыгар” диэн улуустааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэни, Үөрэх управлениетын кытта ыытыахпыт, диэн НКО бэрэссэдээтэлэ Зинаида Дьячковская былааннарыттан билиһиннэрдэ.

Үйэтитии салгыы барар. Ол курдук, А.Т. Старостина 100 сылынан Түөйэ түөлбэ олохтоохторугар уруһуй куонкуруһа биллэриллибитэ, онно улахан дьоҥҥо кыайыылаахтарынан Амелия Местникова, Розалия Беляева, Прасковья Местникова таҕыстылар. Кыттыбыт оҕолорго барыларыгар диплом туттарылынна. Итиэннэ түөйэлэр билигин  Тихоновна олорбут тиэргэнин,  дьиэтин Анастасия Тихоновна Старостина Мусуой-дьиэтэ оҥорор баҕа санаалаах,  туруорса сылдьаллар.  Чурапчы улууһа, баһылык Степан Саргыдаев уонна  Сылаҥ нэһилиэгэ өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Улуу кыайыы 80 сылын көрсө А.Т.Старостина  сырдык аатын үйэтитиигэ тэрээһиннэр улуус былааныгар киирэн тураллар. Ити курдук, Анастасия Старостина  хорсун олоҕо кэлэр кэнчээри ыччакка үтүө  холобур буола  туруоҕа.

Түөйэ кэскилэ

Элбэҕэ суох да буоллаллар, А.Т.Старостина аатынан Түөйэ оскуолатын үөрэнээччилэрэ чаҕылхайдарынан, талааннаахтарынан барыбытын сөхтөрдүлэр. Ол курдук, туйгун үөрэнээччилэр Никита Новгородов, Иоханна Коркина, Арылхан Беляев учууталларын-иитээччилэрин кытта бииргэ  “Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит. Махтанабыт!” диэн хоһоонунан дьүһүйүүгэ кытыннылар уонна ыалдьыттарыгар ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр. Мин бу бэлиэтээһиннэрбин Никита толорбут “Эр хоһуун” ырыатыттан тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын: “Уол оҕо, Эр хоһуун, Эн салайаар кэлэр кэми! Эн Сахаҥ сирин таптаа, таптаа дойдугун, дьонноргун!”.

Татьяна МАРКОВА.

Дария Беляева уонна ааптар тиксэрбит хаартыскалара.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago