Соторутааҕыта Чурапчы улууһугар Оҕуһур сэлиэнньэтигэр А. Т. Старостина аатынан Түөйэтээҕи оскуола-уһуйааҥҥа улахан буукубаттан суруллар Учууталбыт, сэрии, блокадаламмыт Ленинград көмүскэлин уонна Чурапчы холкуостарын хоту күүс өттүнэн көһөрүү кыттыылааҕа, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Анастасия Тихоновна Старостина төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин ыытылынна.
Дириэктэр Майя Васильевна Новгородова салалтатынан педагогтар Наталия Николаевна Беляева, Надежда Филипповна Коркина, Прасковья Гаврильевна Местникова, Яна Сидоровна Беляева уонна Култуура киинин уус-уран салайааччыта, ахтыы күнү иилээн-саҕалаан ыытыспыт Альбина Гаврильевна Черных уо. д.а. бу үбүлүөйдээх тэрээһини үрдүк таһымҥа бэлэмнээбиттэр.
Тэрээһиҥҥэ Анастасия Тихоновна кыыһа, Дьокуускайга олорор, үлэлиир, ийэтин курдук педагог идэлээх Саргылаана Николаевна Старостина кыыһа Саргылааналыын, Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Афанасьевич Сивцев, улуустааҕы Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мотрена Николаевна Матвеева, Улуустааҕы үөрэх управлениетыттан начаалынньыгы солбуйааччы Алена Борисовна Моисеева, уопсай үөрэхтээһин салаатын исписэлииһэ
Маргарита Прокопьевна Оконешникова кытыннылар, тыл эттилэр, Анастасия Тихоновна Старостина аатын үйэтитиигэ, үөрэнээччилэри патриотическай иитиигэ ситиһиилэрин, маннык үтүө ыччаттардаах Түөйэ сайдар кэскиллээҕин бэлиэтээн туран, оскуола-уһуйаан кэлэктиибигэр Махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Анастасия Тихоновна бастыҥ үөрэнээччитэ Григорий Макаров кэргэнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Григорьевна Макарова кыыһынаан, педагог Күннэй Григорьевна Аммосовалыын Мугудайтан, Сылаҥтан ытык кырдьаҕастар, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа Анна Михайловна Новгородова, улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин ааттарыттан Конфей Кимович Колесов, Тихоновна үөрэппит оҕолоро, Чурапчытааҕы интэринээт-оскуолаттан бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ Анна Михайловна Васильева, Александра Захаровна Прибылых, социальнай педагог Николай Николаевич Монастырев, биир дойдулаахтара истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар. Оскуола-уһуйаан бэлэмнээбит “Хорсун олох холобура” быыстапканы билиһиннэрии, “Үтүө аата сырдыы туруо” диэн Учуутал Настаа олоҕун, үлэтин сырдатар саҥа видео-киинэни көрүү буолла.
Анастасия Тихоновна Старостина 1924 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Аччаҕар нэһилиэгэр Анна, Тихон Старостиннар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Балтараа эрэ саастааҕар төгүрүк тулаайах хаалан, эдьиийинээн абаҕаларыгар иитиллибиттэрэ. 1940 сыллаахха, анал сүүмэрдээһини ааһан, эдэркээн Настя Саха сирин 34 чулуу ыччатын кытта Ленинградтааҕы Театральнай институкка үөрэнэ барбыта. 1940–41 үөрэх дьылыгар Саха национальнай студията биллиилээх бэрэпиэссэр Леонид Макарьевка уһуйуллар. Барыга талааннаах саха ыччаттара институттарыгар “Могучая студия” диэн аатынан сүрэхтэммиттэрэ да элбэҕи этэр. Онтон,.. онтон сэрии саҕаланар… Уолаттар фроҥҥа бараллар, кыргыттар уонна 18‑н туола илик үс уол блокадаламмыт Ленинградка хаалан, туос аччык сылдьан, тапталлаах куораттарын өстөөхтөн көмүскээн, сайыны-күһүнү быһа түүннэри-күннэри траншея хаһыытыгар үлэлииллэр, Кировскай собуот аттыгар баррикадалары туталлар. Бу кытаанах үлэттэн быыс булан, үксүгэр утуйарын да умнан туран Анастасия, санитарнай этэрээт (МПВО) байыаһа, шефтээх госпиталларыгар тиийэн, бааһырбыт саллааттарга көмөлөһөрө. Ыҥырыыны ылынан, блокада саамай ыар кэмигэр, 1941–42 дьыл от ыйыттан тохсунньуга диэри, 7 ыйы быһа Настя Старостина дуонардаан, бааһырбыт саллааттары быыһыырга анаан хаанын туттарбыта… Олунньуга тиийэн эмиэ хаан туттараары туран, туос аччык, сэниэтэ суох кыыс уҥан түспүтүгэр эрэ, дуонардыыргын тохтотобут, диэбиттэрэ эмчиттэр. Сэрии толоонугар уонна блокада кэмигэр аччыктааһынтан-тымныйыыттан доҕоттору, дьүөгэлэри сүтэрии ыар аһыытын билэн, тыыннаах хаалбыт 8 студиец-кыыс 1942 сыл олунньуга Ладоганан — “Олох суолунан” эвакуацияланан, хас эмэ ый айаннаан, сайын саҕаланыыта ахтылҕаннаах дойдуларын булбуттара. Дьокуускайга, Радиокомитекка таһаарааччы эрэдээктэринэн үлэҕэ ыланнар, бэркэ үлэлээн иһэн, аны күһүнүгэр Чурапчы холкуостара күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ бараннар, ииппит дьонугар күүс-көмө буолан, Анастасия хоту Эдьигээҥҥэ айанныыр… Манна дьоно балыкка үлэлииллэр. Кини Мэҥкэрэ диэн учаастакка учууталлыыр. Хоту икки сыл үлэлээн, 6 киһилээх дьиэ кэргэнтэн үһүөйэх эрэ буолан, сыккырыыр тыыннара эрэ хаалан, дойдуларын булаллар… Сэрии кэнниттэн Учуутал институтун бүтэрэн, Анастасия Тихоновна сүрүннээн төрөөбүт улууһун оскуолаларыгар айымньылаахтык үлэлээн, дьон махталын ылыан ылбыта.
Үйэтитии Анастасия Тихоновна кыыһа Саргылаана Николаевна Старостина, күтүөтэ, сиэннэрэ, Түөйэҕэ кини аатын сүгэр оскуола-уһуйаан кэлэктиибэ, Түөйэ түөлбэтин олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ “За оборону Ленинграда” мэтээллээх Анастасия Старостина-Учуутал Настаа сырдык аатын үйэтитиигэ ис сүрэхтэн тахсар дьоһуннаах, былааннаах, үгүс үлэни ыыталлар. Бастатан туран, кэлэктиип дьулуурдаах туруорсуутунан, 2020 сыллаахха оскуола-уһуйааҥҥа А. Т. Старостина аата иҥэриллибитэ. Үлэлээбит оскуолатын эркинигэр Учуутал Настааҕа Өйдөбүнньүк дуоска ыйаммыта. Анастасия Тихоновна кыыһа Саргылаана Николаевна, сиэннэрэ Николай Аполлонович Федоров, Саргылаана Владимировна Старостина оскуолауһуйаан бастыҥ выпускниктарыгар А. Т. Старостина аатынан истипиэндьийэ туттарбыттара хас да сыл буолла. Түөйэ олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, Сылаҥ нэһилиэгин (баһылык Е. И. Макаров) өйөбүлүнэн, быйыл, Анастасия Тихоновна төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, анал искибиэр уонна стела аһылыннылар. Бу бэлиэ күн ыалдьыттар Анастасия Тихоновнаҕа анаммыт стелаҕа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Хаан-уруу дьонун-сэргэтин, үөрэнээччилэрин, биир дойдулаахтарын кыһамньыларынан, бу сылларга Учуутал Настаа олоҕун, үлэтин кэпсиир хас да кинигэ күн сирин көрдө. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, тэлэбиидэнньэҕэ-араадьыйаҕа Анастасия Тихоновна туһунан эмиэ тиһигин быспакка сырдатыллар. Үйэтитии, төрөөбүт дойду устуоруйатын үөрэтии үлэлэргэ эстэпиэтэни аны эдэрдэр туппуттара кэрэхсэбиллээх. Оҕолору сайыннарар сыаллаах “Силис” диэн тэрилтэ баар буолла, сотору Анастасия Тихоновна 100 сылыгар аналлаах НПК ыытыахпыт, диэн эдэр исписэлиис Зинаида Дьячковская былааннарыттан билиһиннэрдэ. Үйэтитии салгыы барар. Ол курдук, А. Т. Старостина төрөөбүтэ 100 сылын чэрчитинэн Түөйэ түөлбэ олохтоохторугар уруһуй куонкуруһа биллэриллибитэ, түмүгэ сотору тахсыахтаах.
Кэлэр ыйга оскуолаҕа НПК ыытыллыаҕа. Итиэннэ түөйэлэр билигин Тихоновна олорбут тиэргэнин, дьиэтин Анастасия Тихоновна Старостина түмэлдьиэтэ оҥорор баҕа санаалаах, туруорса сылдьаллар. Чурапчы улууһа, баһылык Степан Саргыдаев уонна Сылаҥ нэһилиэгэ өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Улуу кыайыы 80 сылын көрсө А. Т. Старостина сырдык аатын үйэтитиигэ тэрээһиннэр улуус былааныгар киирэн тураллар. Ити курдук, Анастасия Старостина хорсун олоҕо кэлэр кэнчээри ыччакка үтүө холобур буола туруоҕа.
Элбэҕэ суох да буоллаллар, А. Т. Старостина аатынан Түөйэ оскуолатын үөрэнээччилэрэ чаҕылхайдарынан, талааннаахтарынан барыбытын сөхтөрдүлэр. Ол курдук, туйгун үөрэнээччилэр Никита Новгородов, Иоханна Коркина, Арылхан Беляев учууталларын-иитээччилэрин кытта бииргэ “Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит. Махтанабыт!” диэн хоһоонунан дьүһүйүүгэ кытыннылар уонна ыалдьыттарыгар ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр. Мин бу суруйуубун Никита толорбут “Эр хоһуун” ырыатын тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын: “Уол оҕо, Эр хоһуун, Эн салайаар кэлэр кэми! Эн Сахаҥ сирин таптаа, таптаа дойдугун, дьонноргун!”
Татьяна МАРКОВА. Дария Беляева хаартыскаҕа түһэриитэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…