Холобур буолар спортсмен Василий Готовцев

Холобур буолар спортсмен Василий Готовцев

Ааптар:
07.10.2023, 19:00
Хаартыска: Василий Гоголев архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Олох олоруу көнө хонууну туорааһын буолбатах диэн бэргэн этии баар. Ону барытын этэҥҥэ туораан олох киэҥ аартыгар тахсыбыт, атыттарга холобур буолар биир дойдулааҕым туһунан суруйабын. Кини Дьылҕа Хаан бэлэмнээбит эриирдээх-мускуурдаах олоҕун этэҥҥэ туораан бэтэрээн спортсменнар кэккэлэригэр киирбит Дүпсүн нэһилиэгин Бээди бөһүөлэгиттэн төрүттээх Василий Васильевич Готовцев диэн буолар. Билигин Намҥа олохсуйан олорор.

Василий Васильевичка күүс-уох, кытаанах майгы-сигили айылҕаттан бэриллибит. Ол курдук, кини ааспыт үйэ бүтүүтэ тарҕаммыт омук киинэлэригэр көстөр Голливуд аатырбыт артыыстара оҥорор трюктарын барытын сатыыра. Иннинэн-кэннинэн сальтону, эмиэ ол курдук шпагаттары ааһан иһэн оҥороро, өссө дьиэтин истиэнэтинэн сүүрэн тахсар этэ. Дэриэбинэтигэр сүүрэн кими даҕаны тулуппат этэ, онтон да элбэх араас хамсаныыларынан дьону сөхтөрөөччү.

Баардаах баара өтөн уонна кыра бөһүөлэккэ үлэ-хамнас даҕаны суоҕунан сибээстээн, Василий 40 сааһын ааһан баран олохсуйардыы сананан Дьокуускай куоракка барбыта.

Василийбыт эдэр сылдьан төбөтүгэр улахан эчэ­йиини ылан инбэлиит буолбута. Төбөтүн аҥаара былаастык бүрүөһүннээх, кини “төбөм иһигэр куугунас тыастаах уонна аҥаар кулгааҕым мөлтөхтүк истэр” диэн миэхэ быктаран ааспыттааҕа. Айылҕа бэлэхтээбит сөҕүмэр күүһэ-­уоҕа, талаана ситэ арыллыбакка хаалар буолла диэн билэр дьон, биһиги, кыһыйабыт эрэ. Арай, маннык талааны кыра эрдэҕиттэн чочуйан эрчийбит буоллар, кини биллэр улахан спортсмен буолуохтааҕа…

Ону ол диэбэккэ, үйэм тухары инбэлиит буоллум диэн тохтоон хаалбакка, доруобуйабынан хааччахтанным диэн хаайтарбакка, Василий өссө эбии кытаатан өрөйөн-чөрө­йөн биэрэр. Билигин эттэххэ дөбөҥ. Кини: “Бу ааспыт кэрчик кэм кэнниттэн барыта үчүгэй буолуо диэн эрэнэбин. Успуордунан утум­наахтык дьарыктанан санаам күүһүрэн, ыарахаттары туоруурга көмөлөһөр уонна доруобуйам даҕаны тупсар”, – диир.

Суруйуум дьоруойа билигин даҕаны араас трюктары оҥорорунан дьарыктанар. Дойдутугар Бээдигэ ыытыллыбыт “Минута славы” диэн ааттаах тэрээһиҥҥэ кыттан дьону сөхтөрөн турардаах. Онно Гран-при буолбута. Бу дьарыгын кытта өссө алаас күөллэрин харбаан туоруур идэлээх. Оннук эрчиллэн быйылгы куорат күнүгэр ууга харбааһыҥҥа аһаҕас күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни ылбыта.

Сүүрүүгэ ситиһиилэрин киһи ааҕан сиппэт. Саха сирин муҥутуур күүстээхтэрин быһаа­рар “Манчаары оонньууларыгар” үстэ кытынна. Бастакы кыттыытыгар 5 км уһуну 16 мүнүүтэ 50 сөкүүндэнэн кэлэн дьону сөхтөрөн турар. Оттон кэлиҥҥи бастыҥ көрдөрүүтэ 17 мүнүүтэттэн тахсар. Санаан көрүҥ, бу анаан эрчиллиитэ суох, айылҕа бэлэхтээбит сөҕүмэр талаанынан эрэ.

Мантан да атын өрөспүү­бүлүкэ таһымнаах араас сүү­рүүлэргэ куруук ситиһиилээхтик кыттар. Арассыыйаҕа күрэхтэһиннэрэ ыыта сатыылларын, кэлиҥҥи кэмҥэ эчэ­йиим мэһэйдиир буолла диэн Василий буолуммат.

Василий олоҕун туһунан “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар, бар дьоҥҥо холобур буоллун диэн санаанан салайтаран суруйдум. Кини: “Инбэлиит буоллум, ыалдьабын диэн сытынан кэбиспитим буол­лар, өлбүтүм ырааппыт буолуохтаах. Олох ыарахаттарын көрсөөт тостон туран хаалбакка, инним диэки баран иһиэм диэн эрэллээхпин”, – диир.

Иван Сивцев-Бээди.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: