Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ ыытыллар

Share
Дьокуускайга тохсунньу 24 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ чэрчитинэн, «Пронзительная летопись 27 января: День снятия блокады города Ленинграда, Международный день памяти жертв Холокоста» диэн кинигэ быыстапката аһыллыаҕа.

Быыстапкаҕа Национальнай бибилэтиэкэ пуондатыттан кинигэлэр көрдөрүүгэ туруохтара.

Санатар буоллахха, тохсунньу 15 күнүттэн Арассыыйаҕа Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ ыытылла турар.

Холокост сиэртибэлэрин аҥаардара сэбиэскэй дьон этэ. Холокост ынырыктаах бэлиэтэ — Аушвиц (Освенцим) өлөр-өлүү лааҕырын 1945 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Кыһыл Аармыйа буойуннара босхолообуттара. Холокост сиэртибэлэринэн 6 мөлүйүөн дьэбириэй дьоно буолбуттара.

Тохсунньу 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Свеча памяти» мемориальнай аахсыйа онлайн-көрүҥүнэн ыытыллыаҕа.

Бу аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп: чүмэчи уматан, хаартыскаҕа түһэрэн баран, социальнай ситимҥэ #Неделяпамяти диэн хэштегинэн таһаараҕыт. Бу виртуальнай чүмэчи хаһан да умуллубат «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» буолуоҕа.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үҥкүрдэр маскировочнай сиэккэ лиэнтэтин быһар станогу оҥорбуттар

Саха сирин элбэх тэрилтэтэ харчынан кыттыһан, гуманитарнай көмө хомуйан, маскировочнай сиэккэ баайан  байыаннай дьайыыга бэйэтин…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр быыһааччылар дьуһуурустубалыахтара

Дьокуускайга Кириһиэнньэтээҕи сөтүө тохсунньу 18-20 күннэригэр Күөх Хонуу аттыгар Өлүөнэ боротуокатыгар ыытыллар.  Сыл аайы Кириһиэнньэ…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул билгэтэ: “Быйыл сир аһа дэлэй өҥ сайына буолуо…”

Былыр билгэһиттэр өҥ сайын буоларын Үргэл Ыйы кытта алтыһыытынан билэллэр эбит. Бу туһунан норуот синоптига…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО. Бэйдиэ сылдьар ыттар наһаалаатылар

Бэйдиэ сылдьар ыттар киин куорат кытыы уулуссаларыгар эрэ буолбакка, Аппа уҥуор түөлбэ Матросов, Тимирязев уулуссаларынан…

46 минут ago
  • Сонуннар

Иирсээн түмүгэ — алдьаммыт видеорегистратор

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ  итирик туруктаах уолаттар  айаннаан иһэн суоппары кытта  айдаарсыбыт    видеолара тарҕанна.…

49 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Волонтердар 5,5 тыһыынча көмөнү оҥордулар

Саха сиригэр байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга гуманитарнай көмөнү уонна сылаас таҥаһы-сабы хомуйуу аахсыйата салҕанар. Бу…

1 час ago