Суолга саахал тахсыыта уҕараабат
09.02.2024, 16:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Суолга саахал тахсыыта тохтообот.
Үөһээ Халыма улууһун Зырянкатыгар 1982 сыллаах төрүөх киһи «КамАЗ» массыына кэннинээҕи көлөһөтүн уларыта сылдьан эчэйиини ылан, миэстэтигэр өлбүт. Онон полиция уорганнара тимир көлөнү көрүнэргитигэр сэрэхтээх буоларга этэллэр.
Нерюнгри куоракка 1974 сыллааха төрүөх киһи «Хино Рейнджер» массыынатынан Карл-Маркс уулуссанан айаннаан иһэн, суолу биэрбэккэ, «Тойота РАВ-4» тимир көлөнү кытта харсыспыт. «Хино Рейнджер» тимир көлө тротуарга быраҕыллыбытын түмүгэр, 1972 сыллаах төрүөх дьахтар суорума суолламмыт. Холуобунай дьыала тэриллибит.
Ааспыт сууккаҕа 2 суоппар тимир көлөнү итирик туруктаах ыыппыттара биллибит.
+1
+1
2
+1
+1
+1
3
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: