Хомсомуолга хайдах ылаллар этэй?

Share

Хомсомуол тэриллибитэ 106 сылын көрсө, ол кэми ахтан-санаан, хомсомуолга хайдах ылалларын туһунан устуоруйатын сэгэтэн көрүөххэ. Тоҕо хомсомуол буолуоххун баҕараҕын? диэн туран хомсомуолга хайдах ылаллар этэй?

Хомсомуолга 14 сааскыттан ылаллара. Пионерга ылыы курдук кууһунан барбата, этэргэ дылы, хас биирдии киһини сирэй кэпсэтэн, бары өттүттэн тургутан көрөллөрө. Сайабылыанньа биэрэргэ биир хомуньуус эбэтэр 10 ыйтан итэҕэһэ суох ыстаастаах икки хомсомуол киһи хаачыстыбатын уонна ситиһиилэрин тоһулуура ирдэнэрэ. Сайабылыанньа кэннэ оскуола хомсомуолун түмсүүтүгэр көрөргө биитэр көрбөккө диэн уураахтыыллара. Сөбө суох хандьыдаат диэтэхтэринэ, көрүмүөхтэрин эмиэ сөбө.

Сайабылыанньаҕын ылбыт түгэннэригэр хомсомуол кэмитиэтин уонна райком бэрэстэбиитэлин кытта кэпсэтии (собеседование) күнүн болдьууллара. Манна бэлэмнэнии санааҕар унньуктаах уһун, улахан долгутуулаах буолара. Собеседование күн уҥуох-иҥиэх халыр-босхо баран, тип-титирэс буола долгуйбут ыччаттар кэлэллэрэ.

Бэлэмнэнии диэн ЫБСЛКС (ВЛКСМ) устаабын, хомсомуол уонна баартыйа баһылыктарын ааттарын-суолларын, суолталаах дааталары нойосуус үөрэтии уонна, саамай кылаабынайа, “тоҕо хомсомуол буолуоххун баҕараҕын?” диэн ыйытыыга хоруйу толкуйдааһын буолара. Кэмитиэт чилиэннэрэ хаһан баҕарар “оҕуруктаах” ыйытыыны биэрэн “самнарыахтарын” сөптөөҕө. Хандьыдаат собеседованиены этэҥҥэ аастаҕына, хомсомуол билиэтин туттараллара. Усунуос (взнос) оскуола оҕотугар уонна устудьуоҥҥа ыйга 2 харчы, үлэлиир дьоҥҥо хамнас биир бырыһыанын ылара.

1989 сылга диэри ЫБСЛКС чилиэнэ буоллаххына эрэ үрдүк үөрэххэ, үчүгэй училищеҕа, техникумҥа киирэр кыахтааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Русскай Устье олоҕор үс араас көрүү баар

Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сахатранснефтегаз» мобильнай сыһыарыыта үлэлээтэ

"Сахатранснефтегаз" тэрилтэ килийиэннэрэ ыйы быһа саайтка баар тус кэбиниэттэригэр уонна мобильнай сыһыарыыга кыайан киирбэт буола…

41 минута ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү иниспиэктэрдэрэ Бүлүү өрүһүнэн айанныырга сэрэтэр үлэни ыыталлар

Үөһээ Бүлүү улууһун судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү иниспиэксийэтэ ЫБММ ГИМС иниспиэктэрдэрин кытары бииргэ «Куттала суох…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сэтинньи 21 күнүгэр хайдах халлаан турда?

Бүгүн эһиэхэ халлаан хайдаҕый? Былыттаах дуу, күннээх дуу? Бүгүҥҥү күнүнэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри турар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Солоҕоҥҥо саҥа арыы сыаҕа аһылынна

Бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр саҥа арыы сыаҕа арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago