От ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа үрдүнэн, ол иһигэр Саха сиригэр олох-дьаһах, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр үрдээри турар.
Хомунаалынай өҥө иһин тарыыбы үрдэтии болдьоҕун 2023 с. от ыйын 1 күнүгэр оҥоһуллуохтааҕын 2022 с. ахсынньы 1 күнүгэр көһөрөр туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын быһаарыыта тахсыбыта. Маннык дьаһаныы 2023 с. табаарга уонна өҥөнү оҥорууга сыана үрдээһинин чэпчэтэр уонна ОДьКХ, энэргиэтикэ тэрилтэлэрин өйүүр сыаллаах ылыллыбыта. 2024 сыл саҕаланыытыгар былааннаах үрдээһин оҥоһуллуохтааҕын от ыйын 1 күнүгэр көһөрбүттэрэ. Онон балтараа сылы быһа тарыып үрдэтиллибэккэ, урукку сыананан турда. Биллэн турар, сыана, тарыып үрдээһинин нэһилиэнньэ ыарыылаахтык ылынар.
Урут дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр хас сыл ахсын тохсунньу 1 күнүттэн үрдүүрэ. Кэлин сыл иккис аҥаарыттан улаатыннарар буоллулар. Тарыып туохтан турарый? Бастатан туран, энергоресурса бэйэҕэ турар сыаната, онно эбии өрөмүөнү ыытарга туһаныллыбыт ороскуот, саҥа технологияны туһаныы уонна үлэһиттэр хамнастара барыта түмүллэн уопсай тарыыбы үөскэтэллэр. Итиини биэрии тарыыбыгар улахан ороскуоту оттугу атыылаһыы уонна ону тустаах сиргэ тиэрдии сыаната ылар. Ол ортотунан 40-70 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.
Оттон биһиэхэ сүрүннээн олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар ньиэп, таас чох уонна дизельнэй уматык туһаныллар. Билэрбит курдук, тыйыс усулуобуйалаах хоту сиргэ тиэйии-таһыы ороскуота олус улахан, онуоха суолбут-ииспит мөлтөҕө, улуустарбыт ыраахтара эмиэ сабыдыаллыыр.
Дойду үрдүнэн сатыылаабыт билиҥҥи уустук кэмҥэ үрдүкү салалта өссө сыананы тутан олорор диэххэ сөп. Аан дойду кириисиһэ, арҕаалар сааҥсыйалара ис ырыынакка улахан охсууну оҥороллор. Ону ол диэбэккэ, судаарыстыба сөптөөх бэлиитикэни тутуһан нэһилиэнньэҕэ улахан охсууну оҥорбот курдук дьулуһар. Тоҕус ый кыһыннаах тоһуттар тымныылаах Саха сиригэр олоруу ороскуота өссө улахан. Онуоха өрөспүүбүлүкэ көмө оҥорон, сыананы бэрээдэктиир диэн өйдүөх тустаахпыт. Холобур, хоту улуустар олохтоохторо хомунаалынай өҥө иһин 10% эрэ төлүүллэр, 90% өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия быһыытынан көрүллэр.
Дьиҥэр, көмө суоҕа буоллар, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр үрдэ суох улаатыа этэ. Онуоха РФ Бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэргэ төһө-хачча үрдүөн сөптөөх кээмэйи (индекс) бигэргэтэр. Бу бигэргэммит кээмэй кырата үс сылга уларыйбакка туруо диэн быһаараллар. Хас биирдии эрэгийиэн бэйэтэ кээмэйдээх буолар, онон олохтоох былаас уорганнара ол тарыып иһинэн эрэ үрдэтэр кыахтаахтар. Хас эрэ бырыһыаҥҥа диэри үрдэтиэхтээххин диэн буоллаҕына, ол кээмэйтэн улаатыа суохтаах, хата кыччыан сөп. Ол эрээри биһиэхэ ол кыаллыбат, тыйыс усулуобуйа атыннык дьаһанары ирдиир.
Арассыыйа үрдүнэн 2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр, ортотунан, 4%-н 15%-ҥа диэри үрдүөҕэ. Холобур, Москваҕа муҥутаан – 11%, Санкт-Петербурга – 9,8%, Москва уобалаһыгар – 10,7%, Ленинградскай уобаласка – 10,2%, Омскайга – 14%, Челябинскайга – 11%, Забайкальскай кыраайга – 15% үрдүөҕэ. Оттон саамай кыра – Хакасия Өрөспүүбүлүкэтигэр 4% индекс олохтонно.
Ааспыт биэс сылы ылан көрөр эбит буоллахха, ОДьКХ тарыыба Арассыыйа үрдүнэн 2019 сылга иккитэ – тохсунньуга 1,7 % уонна 2,4 %, 2020 с. – 3,1 %, 2021 с. – 3,3%, 2022 с. эмиэ иккитэ – от ыйыгар 4% уонна ахсынньыга – 9% үрдээбит. 2023 сыллааҕы үрдээһини 2024 сылга көһөрөннөр, быйыл от ыйын 1 күнүттэн үрдүүрэ күүтүллэр.
Саха сиригэр ыаллыы сытар Магадаан уобалаһыгар 4,9%, Амур уобалаһыгар 9,4% үрдүүрэ күүтүллэр. Магадан инники сылларга тарыыбын уокка кыччатан, хомунаалынай өҥөтүгэр үрдээһини биллэрбэккэ аһарбыта. Ол курдук биһиэхэ 7,6% үрдүүр кэмигэр Магадааҥҥа 3,65% үрдээбитэ. Ол курдук нэһилиэнньэтин үгүс өттө чэпчэтиинэн туһанан, ортотунан, 55,1 % эрэ төлүүр. Атынын Магадаан Бырабыыталыстыбата бэйэтин бүддьүөтүттэн толуйар. Магадааннар чуолаан олох-дьаһах хаһаайыстыбатын иһин төлөбүргэ 60% ылар сылааһынан хааччыйыы иһин ороскуоту кыччаппыттар.
Эспиэрдэр сыаналыылларынан, Саха сирин, Анадырь, Магадаан, Петропавловскай-Камчатскай олохтоохторо саамай үрдүк тарыыбы хомунаалынай хаһаайыстыба өҥөтүн иһин төлүүллэр. Бу эрэгийиэннэр бары хоту сиргэ эбэтэр Уһук хоту сыталлар. Биллэн турар, тоҕус ыйдаах тыйыс тымныыга элбэх уматык, оттук, уот-күөс баранар.
2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарыып, ортотунан, сылааһынан хааччыйыыга 16,8%, уунан хааччыйыыга 19,9%, уунан туһаныы – 21,8% үрдүөҕэ.
Саха сиригэр өҥө иһин үрдээһин, ортотунан, 9,5%-н буолара күүтүллэр. Ол туһунан СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков былырыын сыл түмүгэр этэн турар. Электроэнергияҕа, гааска, итии ууга, итиини биэриигэ тыа хаһаайыстыбатын улуустарыгар бырамыысылыннай оройуоннары кытары тэҥнээтэххэ, тарыып намыһах буолуо.
2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарыып, ортотунан, сылааһынан хааччыйыыга 16,8%, уунан хааччыйыыга 19,9%, уунан туһаныы – 21,8% үрдүөҕэ. Онуоха биирдиилээн дьон, ону сэргэ Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччылар чэпчэтиилээх тарыыбынан туһанар бырааптаахтар. Онон ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр 9,5 %-н буолар, оттон оройуоннарга халбаҥнаан 3 % үрдүөҕэ, ол эрээри бары хомунаалынай өҥөлөр иһин төлөбүр 12,5%-н тахсыа суоҕа. Оттон дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччыларга сылааһынан хааччыйыы үрдээһин 10%-н тахсыа суоҕа.
Ол курдук 2024 с. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр тарыып, ортотунан, маннык үрдүөҕэ: электроэнергия – 8,9%, гааһынан хааччыйыы – 11,2%, кытаанах бөҕү-саҕы хомуйуу – 9,1%, сылааһынан, итии уунан хааччыйыы уонна ууну туһаныы – 9%, тымныы уунан хааччыйыы – 7,3%.
ТҮМҮК ОННУГАР
Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын өҥөтүн иһин төлөбүр былаан быһыытынан аҕыйах күнүнэн үрдүүрэ күүтүллэр. Итини таһынан бу сайын өссө биир суолталаах уларыйыы киириэ. Бу сырыыга үөрүүлээх сонун диэххэ дуу. От ыйыттан үп тэрилтэлэригэр уонна өҥө иһин төлөбүрү ылар оператордар социальнай өттүнэн кыаммат дьоҥҥо хомунаалынай төлөбүр иһин хамыыһыйаны ылары бобор сокуон киириэ. Билиҥҥитэ кимнээххэ оннук өйөбүл оҥоһуллара чопчулана илик, ол эрээри онно биэнсийэлээхтэр уонна нэһилиэнньэ кыаммат араҥата киирэрэ саарбаҕа суох.
Аны туран, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөн сөптөөх кэмигэр ыытыллар буолуоҕа. Ол туһунан РФ Дьиэ-уот кодексатыгар эбиилэр киирдилэр. Мантан инньэ өрөмүөннүүр үлэлэр дьиэ туругуттан уонна инженернэй коммуникациятыттан көрөн ыытыллыахтара.
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…