Хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр бырыһыан ааҕыллыытыттан босхолуурга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан сайаапкалары ылаллар

Share

Саха сиригэр олох-дьаһах хомунаалынай өҥөтүн уонна хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүгэр бырыһыан ааҕыллыытыттан босхолуурга  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан сайаапкалары ылыы салҕанар.

Алтынньы 7 күнүнээҕи брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрбитинэн, бу курдук өйөбүлү сулууспаларын кэмигэр сылдьар байыастар туһаныахтарын сөп.

“Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба өҥөтүн төлөбүрүн кэмигэр төлөөбөтөхтөр бырыһыан ааҕыллыытын тохтотор инниттэн, дьон хааччыйар тэрилтэлэргэ, салайар хампаанньаларга эбэтэр бас билээччилэр табаарыстыбаларыгар, ону тэҥэ, кытаанах хомунаалынай тобохтор эрэгийиэннээҕи сүрүннээччилэригэр сайабылыанньа суруйуохтарын сөп. Элбэх кыбартыыралаах дьиэ уопсай баайын хапытаалынай өрөмүөнүгэр төлөбүрү кэмигэр эбэтэр ситэ төлөөбөтөх түгэҥҥэ ааҕыллыбыт бырыһыантан (пеня) босхолонорго, дьон Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин пуондатыгар сайабылыанньа суруйан киллэриэхтэрин сөп” – диэн кини быһаарар.

Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ  байыаннай дьайыы 141 дьиэ кэргэнигэр олорор дьиэни гаастааһыҥҥа материальнай, байыаннай сулууспалаах 448 төрөппүтүгэр санаторнай-курортнай эмтэниигэ көмө оҥоһуллубут. 342 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэ сытар сиригэр барарга харчынан көмөнү ылбыт, 270 киһи – дьиэҕэ социальнай хааччыйыы уонна стационарнай аҥаардаах көрүҥ өҥөтүнэн туһаммыт. 847 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 1542 дьиэ кэргэн чилиэнэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэриини аастылар.

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр үлэ көрдүүрүн туһунан 555 киһи биллэрбит, ол иһигэр 170 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, 385 дьиэ кэргэн чилиэнэ. Итинтэн 127 киһини үөрэттэрэ ыыппыттар, 340 киһиэхэ үлэ булбуттар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

36 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

5 часов ago