Салгыы
Хомунаалынай өҥөнү баан хамыыһыйата суох төлүөхтэрэ. Кимнээх?

Хомунаалынай өҥөнү баан хамыыһыйата суох төлүөхтэрэ. Кимнээх?

24.06.2024, 18:45
Хаартыска: Объясняем.рф
Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын өҥөлөрүн баан ылар хамыыһыйата суох төлүүр дьон испииһэктэрин бигэргэттэ диэн «Российская газета» суруйар.

Премьер-миниистир Михаил Мишустин тустаах уураахха илии баттаата.

Ол чэрчитинэн, 2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн сорох дьон хомунаалынай өҥөлөрү уонна пеняны төлүүллэригэр баан хамыыһыйата суох төлүүр кыахтаналлар.

Бу дьон испииһэгэр кимнээх киирдилэр?

— элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр;

— биэнсийэлээхтэр;

— инбэлииттэр;

— бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ;

— Аҕа дойду сэриитин, эбэтэр, бойобуой дьайыылар өлбүт кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ.

Бу социальнай көмөнү аныыр наадатын туһунан бэрэсидьиэн Владимир Путин 2023 сыллаахха аһаҕас эпиир кэмигэр иһитиннэрбитэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: