Хомунаалынай төлөбүрү 30% толуйуу

Share

Элбэх оҕолоох ыалларга хомунаа­лынай төлөбүргэ чэпчэтии көрүллэр. Чэпчэтии хомунаалынай өҥөҕө орос­куот 30%-гар тэҥнэһэр.

Ханнык хомунаалынай өҥөҕө чэпчэтии оҥоһулларый?

– олорор дьиэҕэ хомунаалынай өҥөҕө (ол иһигэр кытаанах оттукка);

– социальнай наймылаһыы дуогабарынан;

– хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар.

Ирдэбилэ:

– Социальнай көмөнү ылар быраап­таах, элбэх оҕолоох ыал статуһа баар буолуохтаах (үстэн элбэх, 18 сааһын туола илик оҕолоох, эбэтэр, үөрэнэр, сулууспалыыр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри);

– сайабылыанньа суруллубут кэ­­мин иннинээҕи 12 ыйга хомунаалынай төлөбүр төлөммүт буолуохтаах (кибитээнсийэ ирдэнэр);

– Саха сиригэр бырапыыскалаах олорор дьиэ, кыбартыыра.

Сайабылыанньаны төрөппүттэртэн биирдэстэрэ сылга биирдэ суруйар. Бу төлөбүр 12 ыйга болдьохтоох бэриллэр. Харчы ый аайы “Алмаасэргиэнбаан” “Саха сирин каартатын” счетугар түһэр. Дьиэ кэргэн дохуота манна учуоттаммат.

Холобур, биэс оҕолоох ыал үс хостоох кыбартыыраҕа олорор. Хомунаалынай өҥөҕө ый аайы 13 168 солкуобайы төлүүллэр. 30%-наах толуйууга кинилэргэ ый аайы 3950 солкуобай төннөр.

Сайабылыанньаны 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн “Мин докумуоннарым” Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран, эбэтэр, e-yakutia.ru портал нөҥүө биэ­риэххэ сөп. Бу көмөнү Субсидия ааҕыныстыбата аныыр. Саайтара: http://subsidii-jku.ru/

Бу толуйуллубут төлөбүр кэлин дьиэ кэргэн дохуотун ааҕарга учуоттанар (холобур, биир кэлим босуобуйаны, хомунаалынай өҥөҕө субсидияны ааҕарга).

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэр нэдиэлэҕэ гражданскай пуорум ыытыллыаҕа

Дьокуускайга «Гражданскай уопсастыба: Кыайыы туһугар сомоҕолоһуу» диэн суолталаах пуорум балаҕан ыйын 9-10 күннэригэр ыытыллаары турар. Манна…

1 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга 150 аадырыстаах баһыылка тиэрдилиннэ

Саха сирин тирэх пууннарын үлэһиттэрэ нэдиэлэ устата 18 сырыыны оҥордулар. Ол түмүгэр Саха сириттэн сылдьар…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Юнармия» ыччат, оҕолор байыаннай-патриотическай хамсааһыннарын сүлүөтэ саҕаланна

Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар "Юнармия" ыччат, оҕолор байыаннай-патриотическай хамсааһыннарын сүлүөтэ саҕаланна. Сүлүөккэ Алдан, Амма, Бүлүү, Мэҥэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Силээннээххэ болдьоҕун иннинэ үксүн балыксыттар куоластыыллар

Усуйаана улууһун Силээннээх национальнай нэһилиэгэр (Сайылык сэл.) балаҕан ыйын 14 күнүгэр нэһилиэк баһылыгын быыбара буолуохтаах.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Эдэр-сэнэх буолуу кистэлэҥнэрэ

Үөрэх этэринэн, киһи орто сааһа 120 сыл диэн да, дьиҥэ, олохпут итинтэн быдан ырааҕынан кылгас. Быраастар,…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суһал иһитиннэрии! Бензовоз суулунна

Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр суолга бензовоз сууллан, паромҥа киирэр суол сабыллыбытын туһунан иһитиннэрэллэр. ДТП тахсыбыт сиригэр…

2 часа ago