Хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа биэс сыл иһигэр улахан уларыйыы таҕыста

Share

Кэлиҥҥи биэс сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа, энергетикаҕа улахан уларыйыылар тахсыбыттарын көрөбүт. Үгүс сиргэ хочуолунайдар саҥардылыннылар, уу, уот ситимнэрэ тардылыннылар. Нэһилиэнньэ гаас ситимигэр да холбонуута элбээтэ.

Үгүс үлэ ыытылынна

Бастатан туран, Ил Дархан Айсен Николаев кэлиҥҥи сылларга энергетика боппуруоһугар өрөспүүбүлүкэҕэ үтүмэн үгүс үлэни ыыппытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Бииринэн, бу бырамыысыланнай хампаанньалар үлэлэрин кэҥэтэллэригэр туһалаах. Иккиһинэн, тыа сиригэр энергетика, уот боппуруостара быһаарыллан эрэллэр. Ол курдук, 2018 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар, Ленскэйгэ үрдүк күүрүүлээх уот ситимнэрэ киирэннэр, 2019 сылтан үгүс улууска уот кэлиитэ лаппа тупсубута. Ону таһынан, “Якутскэнерго” хампаанньа 2018 сыллааҕы көрдөрүүтүттэн өрөмүөн үлэтин 1,5 төгүл улаатыннаран, 1620 биэрэстэлээх сиринэн уот ситимин уларыппыта. Аллайыахаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Өлөөҥҥө саҥа дизельнэй электростанциялар үлэҕэ киирбиттэрэ.

Хаартыска: Мария Васильева (СИА)

Аны аҕыйах сылтан бэттэх хотугу улуустарга электростанциялары саҥардыы үлэтэ саҕаламмыта. “Русгидро” хампаанньа Арктика, хотугу улуустарга алта комплексы тутан турар. Ол курдук, Булуҥ улууһугар Тиксиигэ тыал күүһүн туһанар станция үлэлээн, аҕыйах сыллааҕыта кыс хаар ортото тоҥо сыспыт бөһүөлэк саҥалыы тыыннаммыта. Күн уотун туһанар улахан комплекс Хонууга киирэн турар. Билигин өссө атомнай станциялар тутуулара кэпсэтиллэн, Усуйаана улууһугар саҥа станция олоххо киириэхтээх. Айсен Николаев бэлиэтииринэн, 2024 сылга диэри өссө 72 энергокомплекс тутуллуохтаах. Инникитин Ленскэйгэ 550 мегаватт кыамталаах гааһынан барар электростанция былааннанан турар. Бу станция БАМ илиҥҥи полигонун эмиэ уотунан хааччыйыахтаах. Итини таһынан Нерюнгритааҕы электростанция кэҥэтиллиэхтээх, Дьокуускай куорат электростанциятын иккис уочарата тутуллуохтаах.

Улуустарга саҥа эбийиэктэр

Улуустарга хомунаалынай хаһаайыстыбаны саҥардыы бырагырааматынан хас сылын аайы саҥа эбийиэктэр тутуллан киирэн иһэллэр. Холобур, 2018 сыллаахха 22 хочуолунай тутуллубута. Былырыын Национальнай туруктаах буолуу пуондатыттан 3 млрд солкуобай көрүллэн, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы, Амма, Томпо улуустарыгар хочуолунайдары, ититэр систиэмэлэри оҥоруу саҕаламмыта. Ону таһынан Нерюнгри куоракка уу систиэмэтин тардыы, улуустарга киин ититэр систиэмэҕэ олорор дьиэлэри холбооһун салҕанан бара турар.

Гаас ситимин тардыы

Кэлиҥҥи сылтан бэттэх нэһилиэнньэлээх пууннарга гаас ситимин тардыы, уһаайбаларга гааһы киллэрии саҥа тыынын ылан үлэлии турар. Былырыын “Сахатранснефтегаз” хампаанньа хаһааҥҥытааҕар да элбэх үлэни оҥорбутун бэлиэтиир наада. Сыл иһигэр 230 км усталаах гаас ситимин тардыбыта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2,5 тыһыынчаттан тахса ыал дьиэлэригэр күөх төлөнү киллэрбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, Айсен Николаев дьаһалынан, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ гаас ситимин киллэрэллэригэр бүддьүөттэн 150 тыһыынча солкуобай субсидия быһыытынан көрүллүбүтэ. Бу көмөнөн номнуо балтараа тыһыынчаттан тахса киһи туһаммыта.

Өр сылларга хамсаабакка турбут Кыһыл Сыыр—Мастаах хайысханан кэлэр гаас ситимэ былырыыҥҥыттан үбүлэнэн, эһиил 2024 сылга олоххо киириэхтээх. Итини таһынан Ил Дархан Айсен Николаев “Газпром” хампаанньаны кытары дуогабар түһэрсэн, 2025 сылга диэри Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига гаас ситимин тардыы барыахтаах.

“Ыраас уу” федеральнай бырайыак

“Ыраас уу” федеральнай бырайыагынан куораттарга, нэһилиэнньэлээх пууннарга ыраас ууну биэриигэ үлэ салҕанан, Дьокуускай куоракка ууну ыраастыыр саҥа эбийиэк үлэҕэ киирбитэ. Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Покровскайга, Үөһээ Бүлүүгэ, Жатайга ууну ыраастыыр станциялар саҥардыллыбыттара. Билигин өссө Бэрдьигэстээххэ, Сунтаарга, Үөһээ Бэстээххэ, Алтаҥҥа, Аммаҕа үлэлэр бара тураллар. Ону таһынан Өлүөхүмэҕэ станция иккис уочарата тутуллуохтаах.

Түмүктээн эттэххэ, Айсен Николаев кэлиҥҥи сылларга федеральнай бырагыраамаларга күүскэ киирсэн үбүлээһини көрдөттөрбүтүн түмүгэр, Сахабыт сиригэр хомунаалынай хаһаайыстыба боппуруостара кээрэтиллэн сылтан-сыл аҕыйаан иһэллэр. Бу биһиги курдук тыйыс усулуобуйалаах, аам-даам тымныылаах дойдуга суолтата улахан.

Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥоһуллар

Дьокуускайга сэтинньи 16 күнүгэр Ойуунускай уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ тахсыбыт баһаар кэнниттэн үгээрдээн икки оҕо 1-кы…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһа – Бастакы лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубагын хаһаайына

Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин…

26 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

12 часов ago