Хомус — өбүгэбит дьоһун бэлэҕэ

Share

                    Сахабыт сиригэр сэтинньи ый 30 күнүгэр сыллата Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Өбүгэлэрбититтэн бэриллибит ыллыыр чыычаахтаах саха этигэн хомуһа, кини сүрэҕи сүүдүтэр дьүрүскэн тыаһа саха дьонугар эрэ кэрэхсэммэккэ, аан дойдуга тарҕанан олорор араас норуоттар түһүлгэлэригэр, өрөспүүбүлүкэ ыытар улахан тэрээһиннэригэр норуоттары ситимниир, түмэр дьылҕаламмыта хас биирдии саханы үөрдэр.

Бу туһунан биир дойдулаахпыт бөлөһүөк, философия  наукатын  дуоктара,  “Хомус” аан дойдутааҕы мусуойун  олохтоспут Ксенофонт Дмитриевич Уткин: “Саха хомуһа ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунан сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда”, — диэн суруйбуттааҕа.

Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр саха хомуһун, быһаҕын оҥоһуутун өбүгэ бэлэҕин курдук ылынан, Сата тимир уустарын уһанар дьоҕурдарын, сатабылларын, кистэлэҥнэрин сөргүтэн уонна сайыннаран утумнаахтык үлэлэһэ сылдьар киһинэн   биир дойдулаахпыт, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара  бэлиэлээх,  нэһилиэкпит  киэн туттуута буолбут Афанасьев Ариан Васильевич — Арыйаан Уус буолар.

Кини 1965 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр нэһилиэк туруу үлэһит ыала Афанасьев Василий Степанович уонна Петрова Ирина Ивановна дьиэ кэргэттэригэр  3-с оҕонон төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата үйэлэрин тухары улуус тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга олохторун анаабыт, үрүҥ-хара көлөһүннэрин тохпут, боччумнаах кылааттарын киллэрбит дьон этилэр. Аҕата Баһылай үлэтиттэн быыс булла да, маһынан уһанара.

Арыйаан орто оскуоланы 1983 сыллаахха  бүтэрэн, 1984 сыллаахха  ытык  иэһин төлөөн,  Сэбиэскэй аармыйаҕа Монголияҕа  сулууспалаабыта. Аармыйаттан кэлээт, «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх»  диэн бачыымы өйөөн,  Ньурба оройуонугар биир бастакынан  эр дьон биригээдэтин тэринэн, биэс уол буолан икки сылга дуогабар түһэрсэн,   «Марха» сопхуос  Хаҥаластааҕы отделениетыгар ыанньыксыттыы тахсыбыттара. Хара үлэҕэ сыстаҕас уол ийэтин кытта тэҥҥэ ынах ыырга илии-атах буолан улаатан, улаханнык таһаҕас оҥостубакка үлэлээннэр, биир ынахтан үүтү ыаһыҥҥа бэйэлэрин кэмнэригэр сөптөөх үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Арыйаан ол кэмтэн ыла  төрөөбүт дойдутуттан халбарыйбакка, эр киһи сиэринэн мас олордон, дьиэ-уот тэринэн, ыал буолан олохсуйбута.

х х х

  Улуу Суорунтан оҥоһуулаах, Кудай Бахсыттан сыдьааннаах Сата уустарын төрүт түөлбэтигэр Хаҥалас Сататыгар 9 көлүөнэ уустар олорон ааспыттарын туһунан сурукка киирбитэ. Ноноокко, Сыраан, Дорҕоон уустартан тардыылаах, төрдүгэр,  хааныгар уус удьуордааҕын, утумнааҕын кэмигэр өйдөөн ылынан, Ариан Васильевич 1994 сыллаахха Ньурба маастара Иванов Евгений Ионович диэн көмүс ууһугар  көмүс кутарга үөрэммитэ. Ол кэмтэн сыстан-ылсан, дьикти ураты дьарыгы  сөбүлээн дьэ,  уһаммытынан барбыта.

Саталар ааспыт үйэ бастакы аҥаарыгар диэри тимири олохтоох рудаттан уһааралларын истэн сэҥээрэн, элбэх литератураны хасыһан ааҕан үөрэтэн,  2000 сылтан кинилэр ньымаларынан  ылсан уһааран,  саха быһахтарын охсон көрөргө санаммыта. Билигин бу дьарыгын идэ гынан, саҥаттан-саҥа састааптаах тимирдэри баһылаан,  оҥоһуктарын сиэдэрэй, бөҕө, үйэлээх гынарга кыһаллар. Аны 2010 сылтан хомус оҥорорго холонон ылсан үлэлиир. Хомуһу оҥорууга хатыламмат бэйэтин буочарын киллэрэн, тимир араас көрүҥүттэн: алтантан, мельхиортан, үрүҥ, кыһыл көмүстэн араас киэргэллэри сыһыарар.

Тимири Сата хайатын тэллэҕиттэн олохтоох уруудаттан ылар ыра санаатын олохтоох дьаһалта уонна кыраайы үөрэтэр мусуой  өйөөннөр, 2015 сыллаахха  улуус баһылыгын Граныгар кыттан, харчынан өйөбүл ылан, тимири уһаарыыга  бэлэмнэнэн, 2016 сыл  атырдьах ыйыгар өрөспүүбүлүкэ  биллэр уустарын  ыҥыран, тимири уһааран  35 киилэ  уруудаттан  9,5 киилэ  ыраас болгуону ылбыттара.

2017 сыллаахха  Хаҥалас кыраайы үөрэтэр мусуойун, олохтоох дьаһалта  көҕүлээһиннэринэн уонна Ньурба улууһун дьаһалтата, улуустааҕы култуура департамена, Ньурбатааҕы К.Д.Уткин аатынан Доҕордоһуу мусуойа үбүнэн көмөлөһөн, көхтөөхтүк кыттыһан өрөспүүбүлүкэтээҕи  тимир уустарын  бастакы күрэһэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Бу күрэскэ быһах охсон, хомус оҥорон 8 улуустан 16 тимир ууһа кыттыбыта. Күрэс түмүгүнэн Ньурба ууһа Ариан Афанасьев оҥорбут быһаҕа хас да өрүттээх тургутууну ааһан,  тэҥнээхтэрин булбатаҕа.

Биир дьоһун ситиһиинэн 2017 сыллаахха  Ньурба улууһун иһинэн ыытыллыбыт улуус баһылыгын Граныгар «Хаҥалас» МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы  А.П.Васильева оҥорбут “Уус кыһата” бырайыага 150 тыһыынчалаах Граны ылбыта буолар. Билигин  түмэл тиэргэнигэр “Уус балаҕана” тутуллан, манна олохтоох уус Ариан Васильевич саха төрүт дьарыгар — быһах оҥорорго, хомус охсорго икки бөлөҕүнэн оскуола уолаттарын утумнаахтык дьарыктаан үлэлэһэ сылдьар.

2019 сыл  Уус Арыйаан олоҕор үгүс ситиһиини аҕалбыта. Бу сыл Хаҥалас нэһилиэгэр оскуола оҕолоругар “ Сата Уус” тимир уустарын  өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис күрэхтэһиитэ ыытыллыбыта, Нам улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар тимир уһаарыытын күрэхтэһиитигэр «Сата уустара» диэн хамаанда тэринэн ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ, Ариан Васильевичка “Ньурба улууһун норуотун маастарын” аата иҥэриллибитэ, Ньурба уустарын ассоциациятын салайааччытынан анаммыта.

2020 сыллаахха Хаҥалас нэһилиэгэр “Вудфордская печь” аан дойдутааҕы бэстибээл чэрчитинэн Ньурба улууһун уустарын ассоциациятын салайааччы Уус Арыйаан көҕүлээһининэн, Сата тимирин уһаарыыта куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыта.

Быйыл күһүн Ньурба оройуонугар балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт биир бастыҥ тэрээһининэн Сата уустарын бэстибээлэ этэ. Өбүгэ саҕаттан үгэс буолбут дьарыгы салҕаан, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Сата уустарын киэҥ араҥаҕа таһааран көрдөрүүгэ  алта улуустан 13 саха ууһа кэлэн кыттыыны ылбыта, үгүс көрөөччүнү муспута, кэрэхсэппитэ.

Ариан Афанасьев тустаах үлэтин таһынан  нэһилиэккэ ыытыллар бары уопсастыбаннай  үлэлэргэ тутаах кыттааччы, тэрийээччи, аны киһи быһыытынан көнөтө, элэккэйэ дьоҥҥо үтүө сыһыана мэлдьи кэрэхсэтэр. Байанайдаах булчут. Ариан Васильевич  көҕүлээһининэн, биэс сыл устата сааскы кус сезонугар бастакы хааһы өлөрбүт сааһыкка  бэйэтэ оҥорбут  сахатын быһаҕын бэлэх ууммута.

Байанай ыйыгар төрөөбүт Хаҥалас ууһа Ариан Афанасьев-Уус Арыйаан Хомус күнүн, сэтинньи 30 күнүн, сиргэ кэлбит бэлиэ күнүн быйыл хаһааҥҥытааҕар да  үөрэ көрсөр. Ол курдук,  бу аҕыйах хонуктааҕыта, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев төрүт култуурабытын илдьэ сылдьар, тарҕатар ытык дьоммутугар судаарыстыба таһымыгар өйүүр уурааҕар олоҕуран, Сата уустарын сыдьааныгар Ариан Васильевичка ый аайы төлөнөр Ил Дархан анал истипиэндьийэтин  туоһулуур сэртипикээти  Дьокуускай куоракка бырабыыталыстыба  дьиэтигэр туттарда.

Биир дойдулаахтарыҥ ааттарыттан бу бэлиэ күҥҥүнэн, үрдүк ситиһиигинэн эҕэрдэлээн туран, “Хомуһуҥ дьол туһун хоһуйдун, Айыыһыт арыаллыы сырыттын” диэн алгыс тэҥэ тириэрдэн,  өбүгэлэргиттэн ылбыт талааҥҥын өссө сайыннаран   салгыы үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ утумнаахтык үлэлииргэр, айар кут, уран оҥоһук, сатабыл кэнчээри ыччаккар бэриллэ турарыгар баҕарабыт. Сата тимир уустарын ааттатар  уус кыһатын уота инникитин да кытыаста умайарыгар баҕара хаалабыт.

Мария НИКОЛАЕВА,

Ньурба, Хаҥалас.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

40 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

2 часа ago