«Хомусный код» бырайыагынан улуустарынан оҕолору хомус тардарга үөрэтэллэр

Share

“Культурно-образовательное событие «Хомусный код” бырайыак СӨ Ил Дарханын граныгар кэммиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэлэр куонкурустарын кыайыылааҕынан буолар.

Бырайыагы култуураны, муусуканы билиһиннэрэр уонна оҕолору хомуска тардарга үөрэтиини киэҥник тарҕатар “Хомус” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ Хомус аан дойду норуоттарын түмэлин уонна киинин кытта үлэлэтэр. “Хомусный код” бырайыак өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр култуура уонна үөрэхтээһин ситимнээх ураты эйгэтин тэрийэр туһунан идиэйэни олоххо киллэрэр соруктаах. Бу эйгэ үүнэр көлүөнэни хомуска тардыы олохсуйбут үгэһин ускуустубатын кытта билиһиннэриэхтээх.

Бырайыак хамаандата Д.Д. Бястинов, М.И. Ковлекова, Т.А. Жиркова, А.П. Деллохов, Н.И. Ефимов бырайыак сүрүн үлэтин сырдатан кэпсээтилэр:

— Бырайыак чэрчитинэн номнуо аҕыс улууһу хабан үлэлээтибит. Балаҕан ыйын бүтүүтүттэн Уус Алдан улууһун Мүрү 2-с нүөмэрдээх оскуолатыттан саҕалаабыппыт. Салгыы алтынньыга Алдан, Нерюнгри, сэтинньигэ Амма, тохсунньуга Мэҥэ Хаҥалас, олунньуга Чурапчы, Томпо, Өймөкөөн улуустарын хаппыппыт уонна бу нэдиэлэ бүтүүтэ Уус Маайаҕа бараары сылдьабыт. Бырайыак Таатта улууһунан түмүктэниэхтээх.

Бырайыакка, уопсайа, түөрт бөлөҕүнэн хомус эйгэтигэр ааттаах-суоллаах уон педагог үлэлэһэ сылдьар. Холобур, киин улуустарга үстүү киһилээх бөлөх тахсар, хоту улуустарга икки педагог барар уонна барытыгар видеограф, фотограф баар.

Улуустарга үс күн үлэлиибит. Бастакы күҥҥэ улуустааҕы үөрэх управлениетын, оскуола кэлэктииптэрин, волонтердары кытта тэрээһин үлэ уонна икки күн үөрэҕи тэрийии. Былаан быһыытынан улуус аайы икки сүүстүү оҕону хабыахтаахпыт. Билиҥҥи туругунан көрдөххө, киин улуустарга, чуолаан Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар үс сүүстэн тахсалыы оҕону хомуска үөрэттибит. Сорох улуустарга 170-180-нуу оҕо үөрэннэ.

Саха сирин 12 биллэр-көстөр хомус ууһун өйөбүлүнэн, бырайыак иһинэн  анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар улуус аайы сүүрбэлии хомус бэлэх быһыытынан туттарылынна.

Бырайыак чэрчитинэн Саха сирин 2000 оскуола саастаах оҕото хомус кэрэ эйгэтигэр уһуйуллуохтаах. Күн бүгүн үлэ былаан быһыытынан баран иһэр диэн тэрийээччилэр этэллэр. Бырайыагы Саха сирин дьоно-сэргэтэ, оскуола кэлэктииптэрэ, үөрэнээччилэр олус биһирээннэр, салгыы ыыта турарбытыгар олус элбэх санаа этилиннэ диэн бэлиэтииллэр.

Хаартыскалар: Алена Сергеева, Станислав Афанасьев, Михаил Елисеев.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago