Хомус куттаах Василена Шарина-Улан

Share

Хомусчут-виртуоз, ырыаһыт, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылаахтара  Василена Шарина-Улан  Үҥкүү тыйаатырыгар 2012 сылтан таһаарыылаахтык үлэлиир.

Кини дэгиттэр талааннаах – ырыаһыт, импровизатор-хомусчут, оһуокайы уонна сээдьэни таһаарар. Ону тэҥэ тыйаатыр испэктээктэригэр кыттар. Василена бэйэтин айар үлэтигэр ирдэбиллээх, бу сыллар тухары хас да айар киэһэни көрөөччүлэригэр бэлэхтээтэ. Элбэх бырайыакка кытынна, гостуруоллаата. Төһө да бириэмэ кырыымчык буоллар, бүгүн мин Василенаны кытары айар үлэтин туһунан сэһэргэстим.
— Эйигин кэлэн иһэр Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин! Үлэҕэр уонна тус олоххор дьоллоох буол! Бэйэҕин кытта билиһиннэр, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буолаҕын?
-Мин Орто Халыма улууһун Сыбаатай диэн нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Алын сүһүөх кылаастарга Сыбаатайга үөрэммитим. Онтон алтыс кылааска Орто Халымаҕа, ол кэннэ сэттис кылааска ийэм дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕатыгар үөрэммитим. Онтон орто оскуоланы Орто Халымаҕа ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Хас да оскуолаҕа үөрэммит буоламмын кылааһынньыктарым элбэхтэр.
-Хас сааскыттан хомуска оонньуурга үөрэмиккиний?
-Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, Орто Халымаҕа мин оҕо эрдэхпинэ саха фольклорун көрүҥнэрэ отой сайдыбатах кэмнэрэ этэ. Ол эрээри, олус кытаанах, былыргы  хомуһунан оонньуу үөрэтэ сатаабыттарын өйдүүбүн. Онтум сатамматаҕа. 2004 с. “Хотугу сулус” күрэххэ кэлэ сылдьаммын, хомуска оонньуулларын көрөммүн наһаа ымсыырбытым. Хомус диэн үнүстүрүмүөн баар эбит диэн дьэ, билбитим. Ийэм Марфа Николаевна ону көрөн Мандар Уус оҥорбут хомуһун бэлэхтээбитэ. Ити кэннэ мин дьэ, хомуска дорҕооннору таһааран барбытым.
-Хомуска бастакы уһуйааччын кимий?
-Муусука кэллиэһин уһуйааччылара, хомусчут идэтигэр такайбыт, хомус иһин-таһын бука бары өттүттэн билэр Варвара Александровна Степанова-Арчыына уонна Вероника Васильевна Лыткина.
-Оҕо сылдан хомус күрэхтэригэр кыттааччыгын дуо?
-Оҕо сылдьан кыттыбатаҕым. Ол гынан баран, Орто Халыматтан Дьокуускайга кэллибит да, ийэм хомус маастар-кылаастарыгар наар сырытыннарара. Мин хомуһунан үлүһүйэрбин билэр буолан, наар баҕа санаабын толоро сатыыра. Билигин бу хомус мин чугас доҕорум, олоҕум аргыһа буолла.
Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһигэр фольклор салаатыгар уһуйааччыларын кимнээх этилэрий? Хомуһу уонна ырыаны иккиэннэрин идэ оҥостон талбытыҥ дуо?
-Кэллиэскэ үөрэнэ сылдьан, кырдьыгынан эттэххэ, мин дьиҥэр артыыс буолуохпун баҕарар этим. Өссө мин дыраама артыыһа буолуохпун баҕарар этим да, хомойуох иһин, ол сыл Щепкин аатынан училищеҕа сүүмэрдээһин суох этэ. Ол да буоллар, артыыс буолар баҕам уостубатаҕа. Син биир артыыс буолуом диэн эрэллээх этим. Дьиҥэр, хомуһунан тахсыам, киэн эйгэҕэ билинии ылыам дии санаабатаҕым. Бэйэтэ хайдах эрэ сыыйа-баайа хомуска оонньуурум тардан барбыта. Уопсайынан эттэххэ, Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһигэр фольклор туох баар жанрыгар барытыгар ылсыһан үөрэннэҕим дии.
-Сыл — хонук. Үҥкүү тыйаатырыгар хомусчутунан уонна ырыаһытынан үлэҕэ киирбитин номнуо уонтан тахса сыл буолбут. Санаан ааһыах эрэ бастакы үлэлээбит сылларгын? Хас да буолан фольклор салаатын бүтэрэн кэлбиккит дии…
-Үҥкүү тыйаатырыгар үлэлээбитим быйыл 12-с сыла, 13 театральнай дьылым. Төрдүс кууруска үөрэнэр Артур Семенов, Айсен Аммосов, Игорь Игнатьев буоламмыт бары сиэттиспитинэн кэлбиппит. Ол курдук, “Айар Кут” диэн фольклор бөлөҕүн уус-уран салайааччыбыт Светлана Прокопьевна Бессонова тэрийэн, бары айар үлэҕэ оройбутунан түспүппүт. Ол кэннэ номнуо 12 сыл ааһа оҕуста. Ити бииргэ кэлбит уолаттарым бары туспа суолланан-иистэнэн, атын кэлэктииптэргэ үлэлии сылдьаллар. Бэйэм соҕотох эрэ хааллым. Тыйаатырга кэлэн баран тыйаатыр күүһүн дьэ, үчүгэйдик билбитим. Үҥкүүһүттэрдээхпит. Кинилэри кытары хас да испэктээккэ кыттабын, үҥкүүлүүбүн. Кыра эрдэхпиттэн ийэм куруук мэлдьи этэрэ: “Артыыс киһи барыны барытын сатыахтаах. Сатаабаппын, кыайбаппын диэн отой толлубакка иннин диэки баран иһиэхтээххин, туох да сатаммат диэн тылы туттубакка. Ытаа диэтэхтэринэ ытаан, үөр диэтэхтэринэ үөрэн». Ол иһин, мин барытын куттамакка, толлубакка ылсан уонна оҥорон иһэбин, ийэм эппит тылларын наар эппэр-хааммар иҥэринэн илдьэ сылдьабын.
-Бастакы айар киэһэн “Алгыстаах айаным аартыга” 2013 с. буолбута.  Наһаа сэргэхтик ааспыта.
-Уопсайынан, тыйаатырга, кэлэктиипкэ үлэлиир наһаа үчүгэй. “Алгыстаах айаным аартыга” айар киэһэ биир тыынынан ааспыта. Оччолорго мин долгуйан да биэрбитим. Ийэм Марфа Николаевна иистэнэр үөрүйэхтээх буолан, сыана көстүүмүн  арааһын тикпитэ, миигин кини куруутун маанылыыр, киэргэтэр-симиир. Биһиги “Айар Кут» бөлөхпүтүнэн икки төгүл “Звездный Хомус” бырайыагы көрдөрбүппүт. Отой толору саала көрөөччүлээх этэ. Мин ити бырайыакка араас хабааннаах саҥа нүөмэрдэри толорбутум. 12 сыл устата репертуарбын бэйэм баҕабынан уонна кыахпынан талан кэллим, афишабын эмиэ бэйэм көрүүбүнэн оҥотторобун. Хас саҥа тэрээһин буолла да,  саҥаттан саҥа көстүүмнэри кэтэбин. Бэйэм тус блогпун сайыннараммын, элбэх устуоруйаны кэпсээммин, элбэх дьон  онно киирэн, билигин мин сурутааччыларым уонна көрөөччүлэрим элбээтэр элбээн иһэллэр.
-Саха тыйаатырын Олоҥхо саалатыгар буолбут иккис айар киэһэҥ «Дууһабар уйдаран, мичээрбэр кыттыһын” диэн бэртээхэй ааттааҕа.
-Саха тыйаатырыгар эмиэ бэрт ис киирбэх кэнсиэр буолан ааспыта. Тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ, аркыастыр артыыстара  – айар аартыгым аргыстара бары күүс-көмө буолбуттара.
«Дьол» бөлөх солистката этиҥ. Эйиэхэ урукку уонна аныгы ааптардар ырыалара барыта биир кэм чугас дуо?
-Мин урукку да, аныгы да, хойукку да ырыалары барыларын сөбүлээн толоробун. Араарбаппын.
Эн наһаа имигэскин, кыахтааххын, кыанаҕын. Тыйаатырга турбут “Уруу” уонна “Үрүҥ Күн оҕолоро” испэктээктэргэ сүрүн оруоллары толороҕун. Өссө “На краю Ойкумены” испэктээккэ эмиэ Индигир өрүс кытылыгар олорор Русскай Устье олохтоохторун толорбутун. Эн ити оруоллары сөбүлээн толороҕун? Ыарырҕаппаккын дуо?
-Режиссердар таба көрөн талбыттарыттан үөрэбин. Бу хас биирдии киһиэхэ итинник оруолу холонон көрүү уонна толоруу дьол буоллаҕа дии. «Уруу» испэктээги тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта Геннадий Семенович Баишев туруорбута. Мин онно кийиит кыыс, онтон “Үрүҥ Күн оҕолоро” этно-балекка Удаҕан оруолун толоробун. Георгий Анатольевич Ковтун курдук аан дойдуга биллэр хореограф сүдү үлэтигэр биир сүрүн оруолга тиксибинэн киэн туттабын. Бу икки оруол миэхэ олус күндү уонна миэхэ барсар.
Эн хомуска элбэх үөрэнээччилээххин. Билиҥҥи оҕолор хомуһу хайдах ылыналларый?
-Билигин кыра оҕолортон эбээлэригэр-эһээлэригэр тиийэ хомуһу тардарга үөрэниэхтэрин баҕарар дьон элбэх. Ол эрээри, мин биирдиилээн үөрэтэрбин уонна  тиһэҕэр диэри тириэрдэрбин сөбүлүүбүн. Ол курдук, билиҥҥи оҕолор наһаа сымсалар, наһаа түргэннэр. Ол гынан баран, хомус артикуляционнай үлэттэн турар. Оҕолор саҥараллара аҕыйаабыт диэн бэлиэтии көрөбүн. Мин баҕа санаам диэн, хомуска оонньооһун артикуляционнай эрчиллии курдук бастакы кылаастан оскуола бырагыраамматыгар киирэрэ буоллар аһара туһалаах буолуо этэ.
-Үөрэнээччилэриҥ хомус күрэҕэр куруук кытталлар?
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах күрэхтэргэ – кылааһынан бүттүүн эбэтэр соҕотохтуу куруук кытталлар.
-Бэйэн тыйаатыр иһинэн сыл аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хомус күрэҕэр дьүүллүүр сүбэ састаабыгар бааргын. Дьүүллүүр ыарахан дуо?
-Дьон хомуска оонньуурун дьүүллүүр наһаа ыарахан дии саныыбын. Наһаа улахан эппиэтинэһи сүгэҕин. Бу оҕо сайдыытын, төһө күүскэ үлэлиирин эбэтэр сыыһа оонньуурун барытын учуоттуохтааххын. Бэйэм ийэ да быһыытынан, барыларыгар ыалдьабын. Ол гынан баран, күрэх аата күрэх. Барытын ымпыктаан-чымпыктаан, көрөн-истэн кырдьыгынан дьүүллүүбүн.
-Хомус эмтиир, ыраастыыр күүстээх дииллэр. Ону эн туһанаҕын?
-Чахчыта оннук. Былыр биһиги эмчиттэрбит хомуһунан дьүһүйэн, дьону, дьиэни-уоту, туттубут малы-салы ыраастыыллара. Билиҥҥи балысхан кэмҥэ хомус ыраастыырын, эмтиирин эмиэ итэҕэйэн ыраастаналлар. Тус бэйэм хомус ыраастыырын, арчылыырын эппинэн-хааммынан билбитим. 2019 с. бэйэм олохпор буолбут түбэлтэ кэнниттэн хомус сүдү күүһэр эрэнэбин.
-Үһүс айар киэһэҥ кыл мүччү хамсык кэмигэр 2020 с. буолбута. Кылгас бириэмэҕэ бэлэмнэнээт да. Кэнсиэр наһаа табыллыбыта. Өр үлэлээбэккэ олорон баран, кылгас кэмҥэ сыанаҕа тахсыбыккар төһө долгуйбуккунуй, кэтэһиилээх көрөөччүлэргин төһө ахтыбыккыный?
-Ити кэмҥэ мин түөрт ыйдаах ыарахан этим. Инньэ гынан, тус бэйэбэр наһаа ыарахан этэ. Икки кэнсиэри нэһиилэ тулуйбутум. Ол гынан баран, кимиэхэҕэ да эппэтэх буоламмын, ким да билбэт буолан, барыта этэҥҥэ ааспыта.
-Василена, эн ийэҕиниин “Алыптаах хомус” оҕо кинигэтин суруйан сүрэхтээтигит. Ити кинигэ матыыбынан тыйаатырга оҕо испэктээгэ турда. Эн сүрүн оруолу толордуҥ. Бу үлэҥ туһунан сэһэргээ эрэ.
-Ити мин эмиэ биир улахан үлэм түмүгэ буолар. Эппитим курдук, дырааама артыыһа буолуох баҕам кэйиэлээбитэ буолуо. Ийэбиниин Кустукчаана кыыс оҕо туһунан суруйбуппут. Кини хорсун уонна бэйэтин сааһыгар улахан киһи курдук оттомноох. Бүрүүкээн кэлбит улахан ыарыыны күөн көрсөн, айыылар көмөлөрүнэн кыйдаабытын, кыайбытын туһунан сэһэргиир испэктээк. Испэктээк режиссера Розалия Тартакинова. Муусукатын дирижер Анюта Иванова хомуйбута. Кини өссө видеоконтент бэйэтин көрүүтүнэн оҥорбута. Премьераҕа “Дьол” бөлөх доҕуһуоллаабыта, “Бриллианты Якутии” үҥкүү бөлөҕө үҥкүүлэринэн киэргэппитэ. Туох баар кыттыгастаах биир идэлээхтэрбэр махталбын биллэрэбин.
-Онлайн маастар-кылаас хомуска ыытаҕын дуо?
-Онлайн маастар-кылаастары ыытабын. Тайлаҥҥа, Нидердаҥҥа олорор дьоннору үөрэппитим. Уопсайынан билигин Куйаар ситимэ түргэн, инньэ гынан, кыах элбэх, төһө да килэмиэтир буоллун, туох да хааччахтаабат. Куйаар нөҥүө дьарыктыыр туох да уратыта суох. Ол гынан баран, бириэмэ арыттаһыыта сороҕор табыгаһа суох буолуон, ол эрэ хааччахтыан сөп.
-Ханнык маастардар хомустарыгар оонньуугун?
-Хомус маастардарым элбэхтэр.  Хайаларын да чопчулаабаппын. Кинилэр хомустарыа миэхэ бука бары күндүлэр.
-Хас хомустааххыный?
-Сүүрбэччэ хомустаахпын.
-Импровизатор-хомусчуттартан кими бэлиэтиигин?
-Биһиги, хомусчуттар, оннук элбэх буолбатахпыт. Хас биирдии хомусчут бэйэтэ истииллээх, манералаах, үөлээннээхтэрбин барыларын сыаналыыбын уонна бэйэбит испитигэр да оннук араарыы суох.

Биир эмэ баҕа санаан туһунан сэгэтэн үллэһин эрэ…
-Билигин  баҕа санаам диэн, аны саас улахан сыанаҕа сольнай кэнсиэрпин оҥоруу.
-Василена Ивановна, быыс буолан интервью биэрбиккэр барҕа махтал буолуохтун. Өрүү маннык айа-тута, сайда-үүнэ  тур диэн алгыспын аныыбын. Баҕарабын күн сиригэр баар бары кэрэни, үгүөнү, тус олоххор дьолу-саргыны, баҕа санаан туолуохтун – улахан кэнсиэрин табылыннын! Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын сэтинньи 15 күнүгэр киэһэ 17:00 чаастан Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатырын Камернай саалатыгар Василена Шарина-Улан ыытар маастар-кылаастаах кэнсиэригэр күүтэбит!

Вера ЧЕРНОГРАДСКАЯ, тыйаатыр литэрэтиирэҕэ салаатын сэбиэдиссэйэ

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэксийэниэр Сергей Осипов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо анаммыты барытын мунньар

Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

626 киһи квотанан үлэ булла

Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…

6 часов ago
  • Сонуннар

Быйаҥныыр сиригэр бөрөлөр билиннилэр

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Тэтим» араадьыйа «Алиса» колонкаҕа үлэлээтэ

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйитээҕи балыыһа кэлэктиибэ 5 дьааһык бэрэски буһаран ыытта

Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…

6 часов ago
  • Сонуннар

Владимир Путин “Земскэй тириэньэр” бырагырааматын киллэрэргэ сорудахтаата

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…

6 часов ago