Хомус күнүнэн саха хомуһун чинчийээччи, үөрэҕин тарҕатааччы, СӨ култууратын туйгуна Антонина Никитина уонна кини үөрэнээччитэ, импровизатор-хомусчут Алина Николаева “Учуутал –үөрэнээччитинэн” диэн иһирэх кэпсэтиини тэрийдилэр, чааһынай кэллиэксийэлэрин туруордулар.
Бэлиэ күн
Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи 30 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин пуондатыгар араас дойду 1800-тэн тахса муусукаҕа үстүрүмүөннэрэ хараллан сыталлар. Итинтэн 1700-тэн тахсата хомус буолар. Түмэлгэ 205 маастар охсубут хомуһа баар, 56 – ааптара биллибэт.
Үс көлүөнэ
Ааспыт үйэ 1980-с сылларыгар тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, Хомус түмэлин бэрэсидьиэнэ И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан хомуска оскуолатыгар атыттары сэргэ бу күннэргэ Хомус түмэлигэр быыстапката турбут хомуһу чинчийээччи, үгүс оҕону бу алыптаах эйгэҕэ сыһыарбыт Антонина Никитина үөрэммитэ. Антонина Константиновна биир тарбахха баттанар үөрэнээччитин, импровизатор-хомусчут Алина Николаеваны кытта “Учуутал – үөрэнээччитинэн” кэпсэтии киэһэтин тэрийдилэр. Быыстапкаҕа кини сүүсчэкэҕэ чугаһыыр былыргы сэдэх, аныгы хомустарын, эдэр хомусчут Алина тус бэйэтинэн муспут саха, омук маастардара таптайбыт хомустарын дьон көрүүтүгэр таһаардылар. А.К. Ни-
китина уонунан сыллар устата хомуска сыһыаннаах муспут матырыйаалларын, илиинэн суруйбут тэтэрээттэрин, докумуоннарын көрдөрдүлэр. Онон бу тэрээһин көннөрү кэпсэтии эрэ быһыытынан барбата, хомус куттаах, манна сыстаҕас дьон элбэҕи билбиттэрэ-көбүттэрэ саарбахтаммат.
Быһа холуйан 120-130 сыл анараа өттүнээҕи хомус
Антонина Никитина сүүһүнэн кэллиэксийэтигэр Сунтаар улууһугар олоро сылдьыбыт Афанасий Григорьев-Сыҥырыа (1860?-1900?) таптайбыт арҕастаах былыргы хомуһа баар. “Кэллиэксийэбэр 2000 сылтан баар. Сааһа чуолкайа суох, быһа холуйан, 120-130 сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут диэн сабаҕалыахха сөп. Хомус сототун сирэй өттө устатын тухары быһа анньыы ойуулаах. Иитэ икки өттө хаптатыыта суох, үргүлдьү арҕастаах, сототун икки өттүнэн иккилии быһа анньыы ойуу түспүт. Хомус иитэ (тиэрбэһэ) ньолбоҕор быһыылаах. Тылын эминньэҕэр ыарыктаах. Ыгыатта алын сүһүөх оскуолатын сэбиэдиссэйэ Иванов Иван Ильич биэрбитэ”, – диэн билиһиннэрэр.
Манна даҕатан суруйдахха, 2-с нүөмэринэн ыйылла сылдьар арҕастаах уонна 4-с нүөмэринэн ыйылла сылдьар былыргы хомустары Сыҥырыа төрөппүт уола, “II хардыы” холкуоска тимир ууһунан үлэлээбит Василий Григорьев-Сыҥырыа Уола Уус Баһылай (1894-1971) оҥорбута баар. Хомустар кэллиэксийэҕэ 2000 сылтан бааллара ыйыллар. Эмиэ И.И. Иванов биэрбит.
Мас хаалаах былыргы хомус. Бу хомуһу Варлаам Трофимов-Барылаан Уус таптайбыт. Кэллиэксийэҕэ 1989 сылтан баар эбит. Сунтаар Куокуну нэһилиэгин олохтооҕо Р.Н. Кириллина биэрбит. “Хомуһу ийэтиттэн, Евсеева Дария Алексеевнаттан ылбыт” диэн суруктаах.
“Кэллиэксийэм хомустара барыта бэлэх буолбатахтар, сороҕор биир хомуһу ылаары, биэс хомуһу биэрэбин”, – диэн Антонина Константиновна кэллиэксийэтин хайдах курдук сыранан хаҥатынарын кэпсиир.
Алина Николаева кэллиэксийэтэ
Тэрээһин кэнниттэн үһүс көлүөнэ үөрэнээччи Алина Николаеваны хомустарын аттыгар ыҥыран ылан кэллиэксийэтин кылгастык билиһиннэрэригэр көрдөһөбүн.
“Хомуска уһуйааччым Антонина Константиновна Никитина аан маҥнай 2010 сыллаахха киниэхэ үөрэнэ кэлбиппэр алгыс тылларын кытта хомус бэлэхтээбитэ. Бу – Филиппины Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх бамбуктан оҥоһуллубут хомус. Итинтэн ыла хомус мунньан саҕалаабытым. Салгыы Москваҕа сылдьан хомус атыылыыр маҕаһыын баарын интэриниэтинэн көрөн тиийбиппит, сабыллан хаалбыт этэ, чэй атыылыыллар эбит. “Предыдущие хозяева что-то оставили” диэн баран Вьетнам алтан хомуһун таһаарбыттара”, – диэн эдэр кэллэксийэньиэр көрдөрөр.
Таарыйа тас дойдуттан бэлэх быһыытынан кэлбит хомустары аахтахха, Т.А. Гоголева Австрия ууһун, Алина Венгрияҕа тиийэ сырыттаҕына, маастар Золтан Зилаги бэлэхтээбит хомустара, о.д.а. бааллар.
“Саамай бастакы, уһун кэм устата тардыбыт, хомусчут буолан тахсарбар кынаттаабыт хомуһум бу турар. Маастар П.Н. Михайлов оҥорбута, оччолорго кини Арчы дьиэтигэр баар буолааччы, онно түбэһэн атыыласпыппыт.
Кэллиэксийэбэр саамай саастаах хомуһунан, арааһа, эдьийим В.А. Петрова бэлэхтээбит И.Ф. Захаров-Кылыадьы Уус Бүлүү 350 сылыгар анаан алтантан таптайбыт декоративнай хомуһа буолар”, – диэн салгыы кэпсиир.
Аллараа мас хомустар сыталларын бэлиэтии көрөбүн. “Чаҕылҕан маһы оҕустаҕына, мас кыра-кыра хайдар. Дьон тыаһа үчүгэй диэн, баҕар, бастакы хомус мас буолуо диэн сабаҕалаан, Б.М. Егоров эспэримиэннээн оҥорон көрбүт хомуһун 2011 сыллаахха бэлэх быһыытынан биэрбиттэрэ”, – диэн быһаарар.
“Ити курдук кэллиэксийэм 2010 сылтан саҕаламмыта. Күн бүгүн 51 хомустаахпын. Хомуһу мунньарбын билэллэр, онон сүрүннээн чугас уонна билэр дьонум бэлэхтииллэр. Улахан аҥаарын бэйэм атыылаһан түмэбин”, – диэн түмүктээн этэр.
А4 эрэ кээмэйдээх сахалыы кэһиэччик
Тустаах быыстапка биир бэлиэ, кэлбит эрэ киһи хараҕын хатыыр эспэнээттэринэн хомусчут Алина Николаева түөрт сааһыттан кэппит, баара-суоҕа А4 эрэ саҕа, ийэтэ тикпит, аан маҥнай сыанаҕа тахсыбыт кэһиэччигэ, көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэр тикпит, аан дойдуну тилийэ кэрийбит сахалыы таҥастара буолаллар.
“Уһуйааҥҥа сылдьан сыанаҕа тахсыан наһаа баҕарар этэ. Ону бэлиэтии көрөн бэйэм маҥан ырбаахы, кэһиэччик, этэрбэс тикпитим. Оччолорго ыллыыр-туойар этэ. Биир үтүө күн кыыһым оонньуу олорон чуумпуран хаалла. Туох буолла диэн үөһэ этээскэ тахсан көрбүтүм, тэлэбиисэри өрө мыҥаан аҕай олорор, тэлэбиисэртэн наһаа үчүгэй хомус тыаһа иһиллэр. Киһи киирдэ диэн хайыһан да көрбөккө иһийэн олорон иһиттэ. Хомуһу кытта аан маҥнай билсиитэ ити курдук быһыылаах этэ. Аны биир күн убайын хомуһун ылан тырыыҥкайдаа да тырыыҥкайдаа буолла. Аҕатыгар: “Кыыһыҥ убайын хомуһун алдьатыыһы быһыылаах”, – диэбиппэр, тута аҕата хомус тардарга үөрэттэ, бэрт түргэнник ылынна. Арай, кыыспыт сыыйа уһуйааҥҥа ыллыыр ырыаларын хомуһунан үтүктэр буолла. Салгыы сахалыы матыыптарга үөрэммитэ”, – диэн Алина ийэтэ Галина Гаврильевна кэпсиир.
Сыанаттан түспэт кырачаан кыысчаан ураты көстүүлээх таҥастарын салгыы дизайнер Е.И. Заболоцкая, С. Прохорова, о.д.а. иистэнньэҥнэр тиктэлээбиттэр, ону быыстапкаҕа туруорбуттар.
80 саастаах хомус тыаһа
“Учуутал – үөрэнээччитинэн” кэпсэтии, быыстапка аһыллыытын биир сонун сүүрээнин бэлиэтээн ааһар оруннаах. Бу иннинэ быыстапкаҕа тиийдэхпитинэ битириинэҕэ турар хомустары харахпытынан хайгыы, биһирии эрэ көрөр эбит буоллахпытына, бу сырыыга Антонина Никитина кэллиэксийэтин хомустарын аан дойду биллэр-көстөр хомусчуттара бэйэлэринэн тардан иһитиннэриилэрэ ураты көстүү буолла. Ол курдук, быһа холуйан 80-ча сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут Барылаан Уус хомуһун Татьяна Куприянова дьүрүһүтэн иһитиннэрдэ. Тыаһа туох да ааттаах, киһи хайдах даҕаны 80 сыл анараа өттүгэр чочуллубут диэбэт! Амынньыкы Уус, Хабычча Уус, Лука Тимофеев хомуһун И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан, Альбина Дегтярева, Роман Готовцев-Мындыр Уус, Дмитрий Бястинов тыаһатан иһитиннэрдилэр. Хомус тыастара уонунан сыллары уҥуордаан ыраахха дуораһыйда. Ити, саха хомуһа ураты оҥоһуулааҕын, күн-дьыл даҕаны өксүөнүгэр бэриммэтин чаҕылхай туоһутунан буолар.
Чааһынай кэллиэксийэ бар дьон көрүүтүгэр санаатах ахсын тахсыбат. Онон учуутал уонна үөрэнээччи ураты, тус кэллиэксийэлэрин Хомус күнүн иитинэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри Хомус түмэлигэр көрүөххүтүн сөп.
– Хомус түмэлэ тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан көҕүлээһининэн 1990 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр тэриллибитэ.
– Аан дойду 200-тэн тахса норуотугар хомус (варган) араас көрүҥэ баара биллэр.
– Күн бүгүн түмэлгэ аан дойду 57 норуотун 1700-тэн тахса хомуһа хараллан сытар.
– Саха сиринээҕи хомус түмэлэ аан дойдуга соҕотох судаарыстыбаннай тэрилтэ буолар. Атын дойдуларга хомуһу биирдиилээн кэллэксийэньиэрдэр мунньаллара биллэр.
– Түмэлгэ хараллан сытар саамай кыра хомус 8 мм Чурапчы олохтооҕо Никифор Неустроев оҥорон түмэлгэ бэлэхтээбит.
– Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус Хомус кэнгириэһигэр бастаабыт хомуһун 2011-2012 сылларга “Союз” хараабыл хамандыыра Олег Кононенко куйаарга илдьэ тахсан тыаһатан иһитиннэрбитэ. Куосумаска 172 суукка, сиртэн 126,6 мөл. км ыраах сылдьыбыта.
– Мас хомус туһунан бастакы сибидиэнньэ айанньыт, географ Александр Миддендорф “Путешествие в Сибирь” диэн үлэтигэр суруллубута биллэр. “Онно кини “якутский хомус” диэн суруйар уонна ойуута көстөр, онтон атын туох даҕаны сурук-бичик суох.
Сунтаар -- Олоҥхо дойдутугар аны Олоҥхо балаҕана аһылынна. Наталья, Эдуард Эконовтар дьиэ кэргэттэрэ бу сайын…
Аныгы үйэҕэ оскуола саастаах оҕо кинигэни аахпата улахан кыһалҕаҕа кубулуйда. Баҕа өттүнэн оскуола таһынан ааҕар…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 5 түбэлтэтэ тахсыбыта бэлитэннэ, бу дьыалаларынан бэрэбиэркэ ыытылынна уонна холуобунай…
Сыл аайы сэтинньи 30 күнүгэр Саха сиригэр Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Чопчу бу күн 1990 сыллаахха…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин!…
Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, киин улуустарга хаар түһүөҕэ диэн УГМС иһитиннэрэр. Түүн салгын…