Хомус күнүгэр аналлаах кэнсиэр буолла
Дьүрүһүтэр, дьырылатар, хоҥкунатар… хомус араас тыаһын иһиттибит. Сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүгэр, аналлаах дьоро киэһэҕэ Кытайтан кэлбит Ма Гого, аан дойду виртуоз-хомусчуттара Спиридон Шишигин, Альбина Дегтярева, аатырбыт хомус уустара, о.д.а. бэйэлэрин ураты нүөмэрдэрин бэлэхтээтилэр.
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар икки мэндиэмэнинэн дьон толору муһунна. Быйылгы кэнсиэргэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кэлбитин, олорор миэстэ тиийбэккэ эркиҥҥэ өйөнөн туран көрдүлэр диэн бэлиэтиир оруннаах. Хомус тыаһа ол курдук алыптаах, аптаах, умсугутуулаах. Кэнсиэр иннинэ «Болгуо тимири ыллатан» быыстапканы, хомус атыытын тэрийдилэр.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев: “Сэтинньигэ өбүгэлэрбит кыстыкка киирэн, балаҕаҥҥа олорон олоҥхолууллара, хомуска тардаллара, хайдах кыстык ааһыан, аан дойдуну, айылҕаны анаараллара. Билиҥҥи кэмҥэ сайдан, бэйэбит култуурабытын, духуобунаспытын өрө тутан, өрөспүүбүлүкэбит салалтата ону өйдөөн, өйөөн Олоҥхо, Хомус күннэрин бэлиэтиибит. Дириҥ, баай култуурабытын көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ биэрэн иһиибит, бу биһиги сырдыкка талаһыыбыт, кэрэҕэ, сайдыыга аартыктары арыйыыбыт буолар”, — диэн бэлиэтээн эттэ.
Хомус муусукатын тарҕатыыга киллэрэр кылаатын иһин СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин махтал суругун аан дойду виртуоз-хомусчута Ма Гогоҕа, СӨ култууратын уонна ускуустубатын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин “СӨ култууратын туйгуна” бочуоттаах бэлиэнэн Николай Ефремов (Хомус түмэлин уонна киинин диэриэктэрин солбуйааччыта), Мэҥэ Хаҥалас култууратын уонна ускуустубатын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин анал бэлиэнэн Агния Жиркова (“Этигэн хомус” СӨ норуодунай ансаамбылын салайааччыта) наҕараадаланнылар, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Үлэ кыһыл знамята” уордьан кавалера Л.Н.Турнин аатынан анал истипиэндьийэни эдэр хомусчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи XI күрэстэрин кылаан кыайыылааҕар Айсен Деллоховка (Хомус түмэлин уонна киинин экскурсовода) туттардылар.
Кытайтан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыт Ма Гого үс атын-атын хомуһунан бэйэтин эҕэрдэтин бэлэхтээтэ. Бүтэһик нүөмэригэр сахалыы оһуокайы бэрт нарыннык-намчытык хомуһунан дьиэрэппитин саала иһигэр олорооччулар иһийэн олорон иһиттилэр, сыанаттан ытыс хабыллар тыаһынан атаардылар.
Салгыы Саха сирин араас улуустарыттан дьоро күҥҥэ кэлбит, хомуһу ыллаппыт уустар тахсан кырыымпа доҕуһуоллаах хомустаан, туойан дуораһыппыттарын көрөөччүлэр бэркэ сэҥээрэн көрдүлэр-иһиттилэр.
Аан дойдуга аатырбыт хомусчуттар Альбина Дегтярева, Юлияна Кривошапкина, Варвара Степанова, Нарияна Ренантно, “Дыгын” бөлөх, оҕолор хомуска ансаамбыллара, “Дьүрүһүйэр олоҥхо дойдутун хомуһа” дьиэ кэргэнинэн хомуска тардыы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһин кыайыылаахтара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн Кривошапкиннар дьиэ кэргэн о.д.а. сахалыы матыыбы, куйаартан кутуллар муусуканы тыаһатан, саха дьонугар биир умнуллубат бэлиэ күнү бэлэхтээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: