Салгыы
«ХОМУС КЫРДАЛА» ХОМУСЧУТТАРЫ ТҮМЭР

«ХОМУС КЫРДАЛА» ХОМУСЧУТТАРЫ ТҮМЭР

Ааптар:
05.12.2024, 22:40
Хаартыска: К.П.Аммосова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Сыллата Хомус күнэ улуустарынан бииртэн-биир интэриэһинэйдик тэриллэр. Ол курдук, ахсынньы 3 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр «Хомус кырдала» хомусчуттар икки ардыларыгар күрэхтэһии уон бэһис төгүлүн ыытылынна.

Бырайыак ааптарынан СӨ култууратын туйгуна, хомусчут-импровизатор, «Хомус» түмсүү салайааччыта, В.Д. Лонгинов аатынан Тандатааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Находкин Альберт Алексеевич буолар. Бырайыагы өйөөччүлэринэн Хомус аан дойдутааҕы киинэ уонна түмэлэ, Уус Алдан улууһун салалтата, култууратын салаата буоллулар.

Күрэхтэһии сыалын-соругун быһыытынан хомуска төрүт тардыыны үйэтитии, салгыы сайыннарыы, саҥа ааттары чопчулааһын туруорулунна. Куонкурус балаһыанньатын быһыытынан, биирдиилээн толоруу 4 бөлөҕүнэн, көргүөмүнэн толоруу 2 бөлөҕүнэн араарылынна. Күрэхтэһиигэ ыраахтан-чугастан (Таатта, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Дьокуускай, Уус Алдан) барыта 173 оҕо уонна улахан дьон кытыннылар.

Альберт бырайыагын үбүлүөйдээх тэрээһинин төрөппүттэригэр Ольга Ивановнаҕа, Алексей Пантелеймоновичка анаата. Кини «Хомус кырдалын» тула улууһун дьонун-сэргэтин түмэр дьоҕурдааҕын куруук сөҕө көрөбүт. Сүрүн бириистэри «Якутюрье», «1000 бытархай», «Тандинка» маҕаһыыннар, СӨ Үүнэр көлүөнэтин пуондата, улуустааҕы култуура салаата, II Лөгөй нэһилиэгин салалтата, П.П. Оготоев аатынан Кэптэнитээҕи култуура дьиэтэ, Тулунатааҕы олохтоох кулууп, амбулаторнай балыыһа, Тандатааҕы И.П. Готовцев аатынан түмэл, Тулуна, Танда орто оскуолалара, Тандатааҕы ОДьКХ, Никифоров А.Нь., Матвеев В.В. дьоҕус тэрилтэлэрэ, Находкиннар дьиэ кэргэттэрэ, А.А. Находкин ийэтинэн-аҕатынан чугас аймахтара, Жирковтар дьиэ кэргэттэрэ, А. Рожин, Э. Готовцева, Л.С. Павлова, В.В. Матвеев, Г. Тордуянов, К. Крылова, Л. Софронова, А. Шепелев, С. Иванов, П.Д. Куличкин,  Тандаттан төрүттээх бороҕоттор туруордулар. Кылаан кыайыылаахтар бириистэрин Уус Алдан улууһун култуураҕа салаата көргүөмүнэн толорооччуларга 50 000, биирдиилээн толорооччуга 20 000 уу харчынан туруордулар. «Кэскиллээх хомусчуттар» анал аакка Тандаттан төрүттээх бороҕоттор,   «Саҥа саҕалааччы» — Тандатааҕы орто оскуола,  «Этигэн хомус» — Тандатааҕы ОДьКХ, «Утум тутааччы» — виртуоз-хомусчут А.М. Дегтярева анал бирииһэ, «Кэскиллээх хомусчут» — Байаҕантай нэһилиэгин муниципальнай тэриллиитэ, «Бастыҥ салайааччы» — Дүөндү сынньалаҥ киинэ,  «Бастыҥ салайааччы» — Тандатааҕы оҕо саада, «Саргылаах хомусчут» — улуустааҕы үөрэх салаата,  «Түһүлгэлээх хомусчуттар» — Дүпсүннээҕи «Кэскил» хомусчуттар ансаамбыллара анал ааттарга бириистэрин анаатылар. Ону таһынан Альберт Алексеевич бииргэ үөрэммит доҕотторо, Тулунаттан, Тандаттан төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтара өйөөтүлэр.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн аан дойду виртуоз-хомусчута А.М. Дегтярева, чилиэннэринэн Хомус түмэлин үлэһиттэрэ А.П. Деллохов, К.П. Аммосова үлэлээтилэр.

Барыта 49 хомус айымньытын иһиттибит. Олохтоохтор да, дьүүллүүр сүбэ да хомусчуттар айымньыларын таһыма тупсубутун, сахалыы таҥастарын-саптарын маанытын, сыанаҕа туттуу-хаптыы үрдээбитин бэлиэтээтибит. Хомусчуттар тардар айымньылара  бииртэн-биир ураты, дириҥ ис хоһооннооҕун айымньылар ааттара-суоллара да этэр: «Хомус эйээрдэ кырдалга», «Оһуохайдаан дьүрүһүтүөх», «Өбүгэм сылаас тыына», «Байанай бэлэҕэ», «Төрүт дорҕоон умсулҕана», «Кыһыҥҥы күн сардаҥата», «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо Үрүҥ Уолан өрөгөйө», «Өбүгэм ыллыгынан», «Айыы хомуһун дорҕооно», «Дьүрүскэн дорҕооҥҥо уйдаран» о.д.а.

Сахаҕа «бэрди бэрт баһыйар» диэн уос номоҕо бу күрэхтэһиигэ көһүннэ. Күрэхтэһии тыҥааһынын уонна хомусчуттар ордук туохха болҕомтолорун ууруохтаахтарын туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин  үтүөлээх артыыһа, «Душа России» судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, аан дойду виртуоз-хомусчута, «Айархаан» бөлөх салайааччыта Альбина Дегтярева — Айархаана Хомус Хотун санаата маннык: «Уонтан тахса сыл анараа өттүгэр Уус Алдан улууһугар уустартан Герман Бурцев эрэ баара. Оттон хомусчуттартан аан дойду виртуоз-хомусчута Петр Оготоев суох буолуоҕуттан, бу улуустан аатын ааттатар, кини туйаҕын хатарар хомусчут суох буолаары гынна диэн дьиксинии баара. Онон үөрэнээччим Альберт Находкин улууһун дьонугар хомуска интэриэһи үрдэтээри, саҥа таһымҥа таһаараары «Хомус кырдала» диэн бырайыак оҥороммун улууспар күрэх тэрийэн эрэбин», — диэбитэ. Бастакы тэрээһинэ нэһилиэк, чугас дэриэбинэлэр икки ардыларыгар, онтон салгыы улуус, Илин эҥэр, өрөспүүбүлүкэ, өссө бэл атын омуктар эҥин кыттыылаах буоллулар. Өскөтүн, бастакы сылларга кыттааччылар бары да саҥа хомуска тардан саҕалаабыт эбит буоллахтарына, таһымнара сыл аайы тупсан, сайдан иһэр. Ити барыта бу күрэхтэһии чэрчитинэн ыытыллар маастар-кылаастар, үөрэтиилэр, санаа, уопут атастаһыыларын тиһиктээх үлэтин түмүгэ буолар. Бу 15 сыл устата «Хомус кырдалыгар» кыттан, сайдан, билигин Уус Алдантан киэҥник биллэр «Кэскил» хомусчуттар норуодунай ансаамбыллара, Алдан Рожин, Айтал Мырсанов, Спиридон Иванов курдук эдэр көлүөнэ хомусчуттара иитиллэн, үүнэн таҕыстылар, Быйаман хомус ууһа СӨ норуотун маастара буола үүннэ, эдэр киһи Спиридон Иванов  хомус ууһун быһыытынан эмиэ биллэн эрэр. Бу барыта Альберт Алексеевич «Хомус кырдала» күрэҕи ыытар сыралаах үлэтин үтүө түмүктэрин көрдөрүүтэ буолар. Бу күрэхтэһии тэриллиэҕиттэн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит, маастар-кылаас ыыппыт буоламмын, кыттааччылар таһымнара сыл аайы хайдах уларыйан, тупсан иһэрин барытын бэйэм илэ харахпынан көрөн, тэҥнээн, сыаналаан этэбин.

Быйылгы күрэхтэһии хомуска тардыы таһыма үрдээбитин өссө төгүл көрдөрдө: кыттааччылар хас биирдиилэрэ толоруу араас ньымаларын, тиэхиньикэтин үчүгэйдик баһылаабыттара көстөр, онуоха эбии көстүүмнэрэ мааныта-мандара киһини сөхтөрөр. Ол да буоллар, үксүлэрэ толоруу тиэхиньикэтин баһылаабыт да буоллаллар, айымньы ис хоһоонун арыйан тардыыны ыарырҕаталлар эбит диэн көрдүм. Инникитин ураты ис хоһоонноох, туспа иэйиилээх айымньылары оҥорон, репертуардарын кэҥэтэллэригэр баҕарыам этэ. Быйылгы күрэхтэһиигэ өссө биири бэлиэтии көрдүм: кыттааччылар бары кэриэтэ олохтоох Быйаман Уус хомуһугар тартылар. Онон хомустарын тыаһа, тональноһа бэйэ бэйэлэригэр олус дьүөрэ.

Альберт Алексеевиһы 15-с үбүлүөйдээх  тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааспытынан эҕэрдэлиибин! Үөрэнээччилэрим өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар таһаарыылаахтык, хомуспут сайдарын туһугар араас тэрээһиннэри ыыталларыттан үөрэбин, ситиһиилэринэн киэн туттабын! «Хомус кырдала» өссө да сайда, чэчирии турдун!»

Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, Хомус түмэлин үлэһитэ, импровизатор-хомусчут, Л.Н. Турнин аатынан истипиэндийэ быйылгы кыайыылааҕа Айсен Деллохов «Хомус кырдала» күрэхтэһии туһунан санаатын маннык үллэстэр: «Өрөспүүбүлүкэтээҕи хомусчуттар күрэхтэһиилэрэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Быйыл үбүлүөйдээх сыллара буолан, күрэхтэһии таһыма үрдүк. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар 49 хомуска хоһуйууларын көрдүбүт-иһиттибит. Таһымнара барыларын киэнэ тупсубут. Хомуһу тардыы үлэтэ тыҥааһыннаахтык баран иһэрэ, хас биирдии хомусчут, салайааччы сүдү үлэтэ көһүннэ. Хомуска толорууларын сыаналыырга улахан болҕомтону айымньы төһө сөпкө айыллыбытыгар уурулунна. Бу олус уустук үлэҕэ хас биирдии дорҕоон туһунан санаалары үөскэтэрин таба тайаныы элбэх дьарыгы эрэйэр. Маастар-кылаас кэмигэр уонна күрэхтэһээччилэри кытта санаа үллэстиитигэр болҕомто ууралларыгар сүбэ курдук эттибит. Кыайыылаахтары ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибин, өссө да үүнэ-сайда туруҥ диибин. Күрэхтэһиини тэрийээччилэргэ, чуолаан Альберт Алексеевичка, Уус Алдан улууһун дьаһалтатыгар хомус эйгэтэ сайдарыгар төһүү күүс буолалларыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. «Хомус кырдала» күрэхтэһии инникитин элбэх кыттааччылаах буоллун».

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хомус кырдала» күрэхтэһии түмүгэ маннык буолла.

Оҕолор күргүөмүнэн толоруулара:

1 миэстэ — «Кэскил» ансаамбыл, Дүпсүн, Уус Алдан улууһа (сал. Т.С. Михайлова, Е.В. Атласова).

2 миэстэ — «Чэчирээ» ансаамбыл, Мүрү, Уус Алдан улууһа (сал. Л.С. Слепцова).

3 миэстэ — «Кылыһах» ансаамбыл, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

Улахан дьон күргүөмүнэн тардыылара:

1 миэстэ — «Татыйык» ансаамбыл, Тумул, Уус Алдан улууһа (сал. Т.Г. Габышева).

2 миэстэ — «Ситим» ансаамбыл, Дүпсүн,  Уус Алдан улууһа (сал. У.И. Босикова).

3 миэстэ — «Хатан хомус» ансаамбыл, Мүрү, Уус Алдан улууһа (сал. Л.С. Слепцова).

Биирдиилээн толорооччулар

1 бөлөх (11-14 саастаахтар):

1 истиэпэннээх лауреат – Христофоров Эльдар, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. А.В. Максимова).

2 истиэпэннээх лауреат – Верховцев Эдуард, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. А.В. Максимова).

3 истиэпэннээх лауреат – Байаҕантаайап Уйгун, Танда, Уус Алдан улууһа (сал. А.А. Находкин).

1 истиэпэннээх дипломант – Варламова Эльмира, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. И.Н. Игнатьев).

2 истиэпэннээх дипломант – Холмогорова Айталина, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. И.Н. Игнатьев).

3 истиэпэннээх дипломант – Колесова Сандаара, Баатаҕай, Уус Алдан улууһа (сал. К.И. Румянцева).

2-с бөлөх (15-18 саастаахтар):

1 истиэпэннээх лауреат – Птицына Вилена, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. И.Н. Игнатьев).

2 истиэпэннээх лауреат – Потапова Ася, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. А.В. Максимова).

3 истиэпэннээх лауреат – Дегтярева Элеонора, Мүрү, Уус Алдан улууһа (сал. Дь.М. Заболоцкай).

1 истиэпэннээх дипломант – Васильева Күннэй, Курбуһах, Уус Алдан улууһа (сал. В.Т. Тимофеев, М.Р. Рязанская).

2 истиэпэннээх дипломант – Неустроев Олег, Дүпсүн, Уус Алдан улууһа (сал. Т.С. Михайлова, Е.В. Атласова).

3-с бөлөх (18-35 саастаахтар):

1 истиэпэннээх лауреат – Троева Айыына, Тулуна, Уус Алдан улууһа (сал. Л.И. Жиркова).

2 истиэпэннээх лауреат – Рязанская Милена, Курбуһах, Уус Алдан улууһа.

3 истиэпэннээх лауреат – Винокуров Федот, Өлтөх, Уус Алдан улууһа.

4-с бөлөх (36-тан үөһэ):

1 истиэпэннээх лауреат – Игнатьев Игорь Николаевич, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

2 истиэпэннээх лауреат – Оконешникова Марфа Афанасьевна, Найахы, Уус Алдан улууһа.

3 истиэпэннээх лауреат – Устинова Наталья Гаврильевна, Чурапчы, Чурапчы улууһа.

1 истиэпэннээх дипломант – Степанов Прокопий Тихонович, Мүрү, Уус Алдан улууһа.

2 истиэпэннээх дипломант – Сергеев Иван Иннокентьевич, Тулуна, Уус Алдан улууһа.

3 истиэпэннээх дипломант – Ширяев Егор Васильевич, Сыырдаах, Уус Алдан улууһа.

Кылаан чыпчаал:

Күргүөмүнэн толоруу — «Оһуор» бөлөх, Тулуна, Уус Алдан улууһа (сал. Л.И. Жиркова).

Биирдиилээн толоруу – Максимова Анна Васильевна, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

Анал ааттар:

«Кэскиллээх хомусчуттар» — «Дьүрүскэн» бөлөх, Тулуна, Уус Алдан улууһа (сал. Л.И. Жиркова, Нь.И. Куприянова).

«Саҥа саҕалааччы» — Тордуянов Радомир, Дүпсүн, Уус Алдан улууһа (сал. Т.С. Михайлова, Е.В. Атласова).

«Этигэн хомус» — Ермолаева Нарыйаана, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. И.Н. Игнатьев).

«Утум тутааччы» — Кычкина Лилия, Чычымах, Таатта улууһа (сал. Л.П. Ефремова).

«Кэскиллээх хомусчут» — Лаптева Илона, Мүрү, Уус Алдан улууһа (сал. Л.С. Слепцова).

«Саргылаах хомусчут» — Байаҕантаайап Уйгун, Танда, Уус Алдан улууһа (сал. А.А. Находкин).

«Түһүлгэлээх хомусчуттар» — «Дьиэрэй» бөлөх, Чурапчы, Чурапчы улууһа (сал. А.А. Игнатьева).

«Бастыҥ салайааччы» — Максимова Анна Васильевна, Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

«Бастыҥ салайааччы» — Игнатьев Игорь Николаевич, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

Күрэхтэһии түмүгүттэн көрдөххө, тэрийээччилэр да, кыттааччылар да күүскэ уонна олохтоохтук бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Култуура министиэристибэтин кэтээн көрүүтүн түмүгүнэн, улуустарга 16 «Хомус» куруһуога, устуудьуйата, кылааһа тиһигин быспакка үлэлии, айа-тута олорор. Ханнык баҕарар муусука тэрилигэр айымньыны таҥан таһаарыы уустуктардааҕын бары билэбит. Хас биирдии уһуйааччы таһымнаах айымньыны туруоруон баҕардаҕына, бириэмэтин аахсыбакка үлэлиир. Оччоҕуна эрэ дууһа кылын таарыйар үйэлээх айымньылар айыллаллар. Оттон нэдиэлэҕэ иккилии эрэ чаас дьарыктыыр оскуола, биллэн турар, ситиһиитэ мөлтөх буолар. Биһиги хомуска уһуйааччыларбыт бириэмэлэрин аахсыбакка туран үлэлииллэр, ол иһин ситиһиилэнэллэр. Онон, билигин оскуолаҕа, эбии үөрэхтээһин куруһуоктарыгар норуот уус-уран айымньытын үөрэтии чаастарын чөлүгэр түһэрии тыын боппуруос буолла.

А.А. Находкин «Хомус кырдала» бырайыагын уон биэс сыллаах үлэтин уопутун өйөөн, Уус Алдан улууһун олохтоох дьаһалта, култууратын салаата уонна «Хомус» түмсүү кэлэр сылтан аан дойду виртуоз-хомусчута П.П. Оготоев, «Кэскил» норуот ансаамбылын төрүттээччитэ М.М. Соловьева сырдык ааттарын үйэтитэр тэрээһиннэри ыытарга былааннаммыттар. Онон, Уус Алдан сирин хомустаах кырдала өрөспүүбүлүкэ хомусчуттарын түмэр үтүө холобурдарын бачыымын атын улуустар иилэ хабан ылан, саха норуотун үгэстэрин ытык бэлиэтэ буолбут – хохуоралаах тыллаах хомус барахсаны хоһооҥҥо хоһуйуохтара, ырыаҕа ыпсарыахтара диэн эрэнэбит.

Кия Павловна Аммосова, Хомус түмэлин билимҥэ уонна сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: