Салгыы
Хомус туһунан сэдэх чахчылар

Хомус туһунан сэдэх чахчылар

30.11.2024, 15:00
Хаартыска: И.Е. Алексеев көрдөһүүтүнэн Каролина Хэмфри (Англия) хаартыскаҕа түһэриитэ, 1975 с.
Бөлөххө киир:

Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин пуондатыгар араас дойду 1882 муусукаҕа үстүрүмүөннэрэ хараллан сыталлар. Итинтэн 1744-дэ хомус буолар, олортон 647-тин саха уустара таптайбыттар. Түмэлгэ 205 маастар охсубут хомуһа баар, 56 – ааптара биллибэт. Хомус күнүн чэрчитинэн, хомуска сыһыаннаах чахчылары билиһиннэрэбит.

 Аан дойдуга соҕотох түмэл

Аан дойдутааҕы хомус тү­­мэлин билимҥэ-сырдатар үлэҕэ мэтэдииһэ Е.П. Слепцова иһитиннэрбитинэн, быһа холуйан 18-с үйэттэн бэттэх оҥоһуллубут хомустар хараллан сыталлар. Маны тас быһыыларыттан көрөн быһаа­раллар, буорга уһуннук сыттаҕына, маҥнай тыла дьэбиннирэр, бэйэтэ тимир буоларын быһыытынан син уһуннук тулуспахтаһар эбит. “Саха былыргы хомуһун туһунан докумуоннарга суруллуу аҕы­йах. Ордук кырдьыктаах сибидиэнньэни И.А. Ху­-дяков “Краткое описание Верхоянского округа” (1913 с.) кинигэтигэр булуохха сөп. Түмэл пуондатыгар барыллаан ааҕыынан, XVII-XIX үйэтээҕи 12 былыргы хомус хараллан сытар. Биһиги сабаҕалыыр­бытынан, итинтэн 6 – XVII-XVIII үйэтээҕи. Былыргы хомус, ортотунан, 8-10 см уһуннаах буолар. Кыралар дьахталларга уонна оҕолорго анаан охсуллубут буолуохтарын сөп диэн быһаараллар. Былыр тимир улахан сыранан уһаарылларын иһин олус сыаналанара”, – диэн Евдокия Павловна кэпсиир. Бүгүн тү­­мэлгэ хараллан сытар хомус­тартан ааҕааччыларбытыгар сороҕун, сэдэх, дириҥ устуоруйалаах өттүн сэгэтэн ааһабыт.

Былыргы хомустар

Хаартыска: Людмила Попова.

Саха былыргы хомустарыттан биирдэстэринэн, 2009 сыллаахха Николай Николаевич Аржаков тиксэрбитэ буолар. Үс Хатыҥ аттыттан булбут. Кырыс анныгар 10 см дириҥҥэ сыппыт, олоччу дьэбиннирбит, ол эрээри, быһыыта уларыйбатах, тыла алдьаммыт, тылын төрдө хаалбыт. Хас сыллаахха оҥоһуллубута биллибэт. Уһуна – 8 см, тиэрбэһэ – 3,2 см, куорпуһа синньигэс.

Иккис хомуһу РНА СС Ньиэп уонна гаас проблемаларын институтун кылаабынай исписэлииһэ Александр Романович Александров 2003 сыллаахха тиксэрбит.
2002 с. саас Дьокуускай куорат Шавкунов уонна Киров уулуссаларын быһа охсуһууларыттан сиргэ сытарын булбут. Этэринэн,  Дьааҥы уустарын охсор ньымаларынан, быһа холуйан, XX үйэ 20-30-сс. таптайыллыбыт диэн сабаҕалыыр. Маны кытта Хомус түмэлин бэрэсидьиэнэ И.Е. Алексеев сөпсөспөт, XVII үйэ саҥаты­нааҕы эбэтэр XVIII үйэ бүтүүтэ оҥоһуллубут диэн этэр. Тыла суох, халыҥ дьэбининэн бүрүллүбүт. Уһуна – 8,6 см, тиэрбэһэ – 4,2 см.

Муос уонна мас хомустар

Хаартыска: Людмила Попова.

“Мас хомус туһунан бастакы сибидиэнньэ айанньыт, географ Александр Миддендорф “Путешествие в Сибирь” диэн үлэтигэр суруллубута. Онно “якутский хомус” диэн суру­йар уонна ойуута көстөр, онтон атын туох даҕаны сурук-бичик суох. Мас уонна муос хомус­тар билим эйгэтигэр тимир үөскүөн иннинээҕи хомус­тар быһыытынан биллэллэр. Былыргы киһи кыылы-сүөлү өлөрөн баран ол уҥуоҕуттан муоһунан оҥорон таһаарбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Этиҥ түспүт маһынан оҥорон, оҕоҕо биэрэллэр эбит. Бука сэрэйдэххэ, этиҥ маһы тыһыынчанан кыраадыһынан охсон, тута куурар. Сахалар билигин даҕаны этиҥ түспүт маһынан ыраастаналлар. Былыр оҕону арчылыыр, араҥаччылыыр да сорук­таах, анаан-минээн хомус оҥорон биэриэхтэрин сөп. Ити туһунан ханна даҕаны улаханнык суруллубута суох эрээри, сабаҕалааһын баар”, – диэн Евдокия Павловна кэпсиир.

Сахаҕа мас уонна муос хомус ууһунан Александр Романович Александров буолар. Бу көрөр хомустаргыт кини оҥоһуктара.

Иннокентий Никитич Готовцев-Хоһуун Уус (Нам), Борис Матвеевич Егоров (Сунтаар) хас даҕаны мас хомус­тара Хомус түмэлигэр хараллан сыталлар. Онон түмэл үлэһиттэрэ мас, муос хомустарынан туспа быыстапка даҕаны тэрийэр кыахтаахтар эбит.

Кунсткамера хомустара

Хаартыска: И.Е. Алексеев көрдөһүүтүнэн Каролина Хэмфри (Англия) хаартыскаҕа түһэриитэ, 1975 с.

Устуоруйа билимин хандьыдаата, Кунсткамера сүрүн харайааччыта В.А. Кисель хараллан сытар саха хомустарын кэллиэксийэтин туһунан суруйар. “Хомус ахсаана 9 (10?). Муусука бу үстүрүмүөннэрэ түмэлгэ 1891 с. киирбиттэр. Бастакы хомуйааччынан Р.К. Маак буолар. Кэллиэксийэ салгыы эспэдииссийэ булууларынан уонна бэлэхтэринэн хаҥатыллыбыт. Ити саха хомус­тара бары XIX үйэ бүтүүтэ – XX үйэ бастакы аҥаарыгар оҥоһуллубуттар. Саха сириттэн кэлбит маллар пуондаҕа сүрүн миэстэни ылаллар. Барыта 30 тыһ. тахса ахсаан­наах мал хараллан сытар ­итиэннэ сахалар олохторун барытын кэриэ­тэ көрдөрөр. Ол да буол­лар, олор ортолоругар муусука үстүрүмүөнэ бэрт аҕы­йах. Холобур, уонча саха хомуһа баар. Хомус саха култууратыгар киэҥник биллэр, күннээҕи олоххо-дьаһахха, ойууннар туттар тэриллэрин быһыытынан туһаныллар”, – диэн бэйэтин ыстатыйатыгар суруйбут.

Кунсткамераҕа бастакы хомуһу 1891 с. туттарбыттар. Биридимиэттэри Р.К. Маак хомуйбут. Кини эспэдиисси­йэтэ 1853-1855 сс. Саха уобалаһын Бүлүү уокуругунан сылдьан ааспыта биллэр. “Хомус, приобретенный Р.К. Мааком изготовлен из разных металлов. Рамка сделана из латуни, язычок – из стали. Рамка с правильным кольцевидным расширением имеет необычную форму благодаря пяти ­плоским выступам: один крупный трапециевидный и четыре небольших заостренных”, – диэн быһаарбыттар. Ити курдук Кунсткамераҕа барыта уонча хомус баар диэн Саха сириттэн киирбит малларга эппиэттээх В.А. Кисель суруйбут.

Оҕо куттаах хомус

Хаартыска: Мария Васильева (СИА).

Искусствоведение дуоктара Эдуард Ефимович Алексеев Москваҕа үлэлиир кэмигэр норуот мусукаана Прокопий Егорович Слепцову Москваҕа фольклорнай кэнсиэргэ ыҥырбыт. Прокопий Егорович онно барарыгар Эдуард Алексеевка биир мас хааҕа угулла сылдьар бэйэтэ таптайбыт 3 хомуһун илдьэн бэлэхтээбит.

Искусствоведение дуоктара Эдуард Ефимович кинигэтигэр суруйарынан, бастакы кэргэниттэн оҕолоро суох эбит. Иккис кэргэнэ Зоялыын үс оҕолоноллор. “Үс оҕо кутун хомус­ка иҥэрэн бэлэхтээбитин кэлин өйдөөбүтүм. Былыргы сахалар итэҕэллэринэн, ымыы чыычаах ойуута оҕо кутун бэлиэтиэн сөп.  Суггестивнай санаа быһыытынан миэхэ дьайар күүстээх баҕа санааны иҥэрбит. Зоя биһикки үс оҕолонуубут – Слепцов билгэтин туолуута. Бу ураты бэлэҕи тутарбыт саҕана мин да, өссө Винокурова диэн араспаанньалаах, уруккута Саха сиринээҕи муусука училищетыгар үөрэнээччим, кэлин фольклор эспэдииссийэтин айар үлэһитэ, билиҥҥи кэргэним Зоя даҕаны, Алешаны, Ефимы, Настяны бииргэ улаатыннарыахпыт дии санаабат этибит.

Эбэн эттэххэ, Прокопий Егорович Зоя Винокурованы өссө биһиги билсиэхпит инниттэн билэр эбит. Зоя 1975 с. ахсынньытыгар Дружинаҕа сылдьан кини ырыаларын устубут”, – диэн Э.Е. Алексеев бэйэтин ахтыытыгар тиһэн хаалларбыт. Хаа хаппаҕар үс ымыы чыычаах ойуулаах хомустары Эдуард Алексеев (Америка, Бостон) көрдөһүүтүнэн, 2018 сыллаахха Александра Дмитриевна Халтанова Хомус түмэлигэр тиксэрбит. Хомустар билигин Хомус түмэлигэр эспэнээт быһыытынан тураллар, сэҥээрбит дьон хайаан даҕаны тиийэн көрөргүтүгэр сүбэлиибит.

“Эһэ хомустаабыта”

Хаартыска: Людмила Попова.

Оттон бу көрөр ураты композицияҕыт Иннокентий Никитич Готовцев-Хоһуун Уус элбэх оҥоһуктарыттан биирдэстэрэ буолар, эмиэ бэрт интэриэһинэй устуоруйалаах. Композиция докумуонугар суруллубутунан, былыр тыаҕа сылдьан эһэ чөҥөчөк тырыыҥкатын тардыалыы-тардыалыы бөөҕүнүү олорорун көрөн-истэн турардаахтар эбит. Онон кини этэринэн, маҥнай киһи хомуска тардыбатах, аан бастаан кыыл тыас таһаарбыт. Хоһуун Уус истибит кэпсээнигэр тирэҕирэн, айан таһаарбыт композицията түмэлгэ эспэнээт быһыытынан турар. “Былыргы дьон, баҕар, ити курдук түгэннэртэн сиэттэрэн хомус оҥорон таһаарбыт буолуохтарын сөп”, – диэн Евдокия Слепцова этэр.

Аан дойдутааҕы хомус түмэлигэр хомустар эрэ буолбакка, онно сыһыаннаах бэрт интэриэһинэй, дириҥ силистээх-мутуктаах эспэнээттэр, оҥоһуктар хараллан сыталлар. Хомус күнүн иитинэн хайаан даҕаны баран көрүҥ, истиҥ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: