Салгыы
Хомус тыаһа дууһатын кылын таарыйан, ыалдьыты ытатта…

Хомус тыаһа дууһатын кылын таарыйан, ыалдьыты ытатта…

30.11.2024, 20:29
Хаартыска: Елена Потоцкая түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ киин куорат эрэстэрээннэрэ саха төрүт аһын эрэ буолбакка, култууратын, үгэстэрин эмиэ көрдөрөллөр, кэпсииллэр. 

Биллэн турар, «Махтал» эрэстэрээн маныаха барыларыттан биллэ чорбойдо. Ол курдук, «махталлар» аатырбыт «Гулун» ансаамбыл хотугу үҥкүүтүн уонна виртуоз-хомусчут Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэ хомуска оонньуурун көрдөрөн, бу киэһэ атын эрэгийиэннэртэн ыалдьыттыы кэлбит туристары, шеф-асчыттары соһутта да, үөртэ да.

Онтон биир ураты түгэни бэлиэтии көрбүппүн кэпсиим — хомус дьикти тыаһа харах уутун кытта сибээһин туһунан. Дьүрүйээнэбит аптаах хомуһун тыаһатан ортолоотун кытта, мин ыалдьыттар хайдахтаах курдук иһийэн бу нүөмэри  көрө олороллорун бэлиэтээтим. Видеоҕа уста олорон, биир эдэркээн ыалдьыт кыыс ытыы олорорун көрө түстүм. Хомусчут уутугар-хаарыгар киирэн истэҕин аайы, ыалдьыппыт өссө күүскэ ытыырга дылы.

«Тыый, бу хомус тыаһа киниэхэ маннык дьиктитик дьайар дуу…» дии санаатым. Юлиана хомуһун тыаһатан, көрөөччү дохсун  ытыһын тыаһын хомуйан баран, ол кыыс аттынан ааһан иһэн, тугу эрэ сибигинэйэн, уоскутан ааста.

Мин тохтобулга ол ыалдьыт кыыһы булан анаан кэпсэттим. Москваттан сылдьар тутуу сыанатын хонтуруоллуур киин исписэлииһэ  Наталья Ярымова үлэтинэн сэминээр ыыта кэлбит эбит.

Салгыы ыалдьыппытын кытта маннык кэпсэттибит:

Манна чугас гостиницаҕа түстүбүт. Саха аһын амсайаары «Махтал» эрэстэрээҥҥэ кэлбиппит, биһиги дьолбутугар, «Саха сирин амтана» диэн гастрономическай бэстибээл буола турар эбит. Наһаа интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ сылдьан, бэрт элбэҕи көрдүбүт-биллибит. Саха аһа баайын, амтана уратытын амсайдыбыт. Аал уот иннигэр туран ыраастанныбыт. Саха үгэһин бэркэ кэрэхсээтим. Быһата, аҕыйах чаас иһигэр Саха сирин туһунан олус элбэҕи биллим. Бу маннык туристарга анаан төрөөбүт дойдуну билиһиннэриини аан бастаан көрдүм.

Наталья, ити хомус тыаһыттан эн ытамньыйбыккын көрөн, бэйэм да соһуйдум, долгуйдум. Эн хомус тыаһын саҥа истэҕин дуо?

Оо, мин үгүс сиргэ сылдьан араас интэриэһинэйи соһутары көрдөҕүм дии. Ол эрээри хомус тыаһын аан бастаан иһиттим. Хайдах эрэ этим аһыллан барда, хомус тыаһыттан дьиһигийэн ыллым. «Бу туох буоллум?» дии санаатым. Онтон ытаан бардым. Тохтуу сатыыбын, суох, санаабар, өссө күүскэ марылаччы ытыах курдукпун. Дьэ, дьикти ураты тыас эбит, доҕоор. Хаһан да маннык турукка киирэ илигим. Икки атахтаах маннык дьиктини айар да буолар эбит. Кып-кырачаан тэрил итинник күүстээх дьикти тыаһы таһаарарыттан сөхтүм. Саамай кылаабынайа, киһини ытаппытыттан сөхтүм. Юлиана ааһан иһэн, тохтоон уоскутта уонна: «Үчүгэйгэ ытыыллар. Ити аата эн ыраастанныҥ», — диэтэ.

Кырдьык, хайдах эрэ чэпчээбит курдукпун. Махтал «Махталга» маннык үтүөкэннээх киэһэни бэлэхтээбитин иһин! Наһаа үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттым. Ама, умнар үһүбүөн. Доҕотторбор кэпсиэм да буоллаҕа. «Саха сиригэр хайаан да сылдьыҥ, «Махталга» ыалдьыттааҥ, хомус тыаһын истиҥ» диэн этиэм уонна бу устубут видеобын анаан көрдөрүөм.

Ити курдук, саха хомуһа хайдахтаах курдук атын дойду дьонун дууһатын кылын  кытта таарыйан ытатарын илэ көрөн сөхтүм. Ол да иһин Хомус туспа бэлиэ күннээх буоллаҕа!

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: