Салгыы
Хомус үөрэҕин билиҥҥи туруга

Хомус үөрэҕин билиҥҥи туруга

Ааптар:
30.03.2024, 10:06
Е. Слепцова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр оҕону муусука кэрэ эйгэтигэр уһуйар 160-ча үөрэх кыһата баар. Бу оскуолаларга хомуһу биридимиэт быһыытынан эмиэ үөрэтэллэр. Саха норуотун муусуката сүрдээх баай, уус-уран айымньыта дириҥ ис хоһоонноох. Ону билиҥҥи ыччакка тиэрдэр, үөрэтэр-такайар уһуйааччылар үлэлэрин туһунан сырдатарга сананным.

Бу дьыл кулун тутар 22 күнүгэр Н. С. Шишигин аатынан IX Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьүрүһүй, хомуһум!» хомусчуттар күрэхтэһиилэригэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барыта 364 хомусчут оҕо кытынна. Кинилэр истэригэр 29 ансаамбыл, 64 биирдиилээн толорооччу, 2 дьиэ кэргэн ансаамбыла баар. Бачча элбэх хомусчут оҕону кимнээх үөрэтэллэрий? Биллэн турар, хомуска куттарын туттарбыт, олохторун анаабыт уһуйааччылар бу бааллар: А. С. Жиркова, Е. Ю. Бессонова, Г. С. Мартынова, А. Г. Платонова, Т. А. Жиркова, А. В. Контогорова, Н. Н. Баттахов, Л. В. Кучутова, Э. П. Павлова, Е. А. Семенова, А. Н. Баттахова, М. И. Иванова, М. М. Олесова, Н. В. Дмитриева, Н. С. Теплоухова (Дьокуускай), Л. В. Охлопкова, А. П. Захарова (Томпо), М. И. Гоголева, А. В. Максимова, И. Н. Игнатьев, Н. Ф. Николаева, В. У. Трофимова, Ю. Н. Петрова (Мэҥэ Хаҥалас), А. Ю. Заворовская, Т. А. Баишева (Үөһээ Дьааҥы), А. А. Егоров (Абый), З. Н. Оконешникова, В. М. Константинова, К. Н. Герасимова (Хатас), А. Н. Харитонова (Тулагы), Г. М. Соловьева, В. Н. Гаврильева, Л. А. Максимова (Нам), А. А. Сабарайкина, Р. Г. Неустроева, Л. П. Ефремова (Таатта), В. Нь. Платонов (Ньурба), М. М. Слепцова (Чурапчы), Т. С. Михайлова, Е. В. Атласова, В. Т. Тимофеев, Л. С. Сергеева (Уус Алдан), Л. А. Матвеева, М. Нь. Платонова (Мирнэй), А. Е. Чярина (Сунтаар). Дьэ бу, көрөн кэбиһиҥ, «хомус туһа» диэн баран утуйар ууларын умнан, билиигэ-көрүүгэ угуйар эрэллээх сирдьиттэр, Алтан Сарынныы эттэххэ, «умсурҕан умсууруктара»! Кинилэр кыһамньыларынан, кинилэр сатабылларынан билигин хомус дьүрүһүйэ туойар!

Е. Слепцова хаартыскаҕа түһэриитэ

«Музейнай педагогика» диэн бу музееведение, педагогика уонна психология бииргэ силлиспит научнай дьиссипилиинэтэ» диэн наука быһаарар. Хас биирдии түмэл көрөөччүнү сырдыкка-кэрэҕэ угуйар аналлааҕын, иитэр-үөрэтэр суолтата күүстээҕин наука дакаастаабыта ыраатта.

Былыр да, билигин да хомус тардыытыгар көрдөрөн уонна иһитиннэрэн үөрэтии ньымата туһаныллар. Ол эрээри хомуска көннөрү тарда эрэ үөрэтии кэрэгэй. Этэргэ дылы, уһуйуллааччы хомус устуоруйатын, ханна-хаһан-хайдах үөскээбитин, улуу хомусчуттарын, хомус уустарын, хомус охсуллар ньыматын, хомустаах дойдулар култуураларын туһунан билбэт буоллаҕына, киниттэн үчүгэй хомусчут тахсыбат. Хомуска уһуйааччы сатабылы кытта билиини дьүөрэлии туттаҕына эрэ, оҕоттон норуотун култууратын, үгэстэрин ытыктыыр, сүгүрүйэр, уус-уран айымньытын этигэр-хааныгар дириҥник иҥэриммит киһи тахсыаҕа. Онуоха уһуйааччыларга көмө быһыытынан Хомус түмэлигэр хараллан сытар 9279 хомуска сыһыаннаах араас матырыйаал күүс-көмө буолар. Балар истэригэр хомус үөрэҕэр сыһыаннаах методическай босуобуйалар эмиэ бааллар.

Саха хомуһугар тардыы үөрэҕэр бастакы илиинэн суруллубут научнай ыстатыйаны (препринт) «Искусство игры на якутском хомусе» 1988 сыллаахха И. Е. Алексеев — Хомус Уйбаан бэчээттэтэн таһаартарбыта. Бу научнай үлэҕэ хомус тардыытын үгэс ньымалара уонна үөрүйэхтэрэ аан бастакынан бэрээдэктэммиттэрэ уонна сааһыламмыттара. Ыстатыйаҕа хомус былыргы устуоруйата, хомус охсор уустар уонна хомусчуттар тустарынан, хомус тардыытын үөрэҕин репертуара, куруһуок бырагыраамата киирбиттэрэ. Уһуйааччылар билигин бу преприҥҥэ олоҕуран үлэлэрин былаанныыллар. Маны таһынан Р. Р. Жиркова «Хомус тардыытыгар үөрэнээччилэргэ көмө» (1991), С. С. Шишигин «Хомус тарда үөрэниҥ» (1994), А. С. Адамова «Оскуолаҕа хомус куруһуога» (1997), Р. Р. Жиркова «Хомус тардыытын үөрэҕэ» (2005), А. П. Евсеева «Хомуска «бүлүүлүү сыыйа тардыы» ньыматын утумнааһын» (2011), Е. П. Чехордуна, Н. И. Филиппова, М. К. Попова о. да а. «Хомус как этнокультурное наследие» (2011), А. С. Жиркова «Обучение и воспитание детей через творческое объединение «Этигэн хомус» (2014), Л. М. Борисова «Акустико-артикуляционные приемы игры на хомусе» (2014), «Лука Турнин «бэйбэрэ» уонна «тэтим тардыы» ньымалара» (2016) үөрэх босуобуйалара отуччака сылы быһа тиһигин быспакка бэчээттэнэн тахсыталаабыттара. Хомус тардыытын үөрэҕин араас өттүттэн хабан, учууталларга, уһуйааччыларга көмө матырыйаал быһыытынан анаан бэчээттэммиттэрэ.

1991 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын саҥардан сайыннарыы Кэпсиэпсийэтигэр олоҕуран, оччолорго үөрэх-иитии норуот үгэстэригэр олоҕуруохтааҕа ыйыллыбыт эбит буоллаҕына, билигин ыччаты иитии уонна үөрэтии Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2030 сыллаахха дылы социальнай-экономическай сайдыытын докумуонун олуктарыгар тирэҕирэр. Онно этиллэринэн, «олоҥхо», «хомус» уонна «тойук» көлүөнэ ыччаты иитиигэ тирэх буолуохтара» диэн этиллэр.

Уһуйааччылар үлэлэрин уопутун өрөпүүбүлүкэҕэ тарҕатар уонна хомус муусукатын үйэтитэр сыалтан, Хомус түмэлэ 2023 сыллаахтан араас таһымнаах сэминээрдэри, куурустары, лиэксийэлэри тэрийэн ыытар, босуобуйа бэчээттээн таһаарар.

Былырыын Л. М. Борисова «Бэйбэрэлэтэн» уонна «туотан» хомуска тардыыга үлэ уопутуттан» диэн 40-ча сыллаах үлэтин түмэн сэминээр ыыппыта. Манна «саха хомуһун аҕатынан» ааттаммыт Лука Турнин «таатталыы бэйбэрэ» тардыытын уратытын сиһилээбитэ, «бэйбэрэни» тардарга үөрэппитэ. М. К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, физическэй-математическай наука хандьыдаата Н. Н. Бурцев «Хомус и хомусная музыка: теория, технология и практика» куурсун элбэх истээччи сэҥээрбитэ. Ааптар хомус муусукатын дириҥэтэн ылынары физика сокуонунан дакаастаабыта, хомус тутулугар саҥаны киллэрии дьайыытын кэпсээбитэ. Аан дойдутааҕы хомусчуттар уопсастыбаларын бэрэсидьиэнэ И. Е. Алексеев М. К. Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн тэриллибит А. Е. Кулаковскай нэһилиэстибэтин чинчийэр институт старшай сотруднига С. Д. Дарбасованы кытта кыттыһан, «А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонун ис туругун сэгэтэн көрүү» диэн лиэксийэлэригэр хоһоонунан айымньыга этиллэр түгэх санааны ырыппыттара. Виртуоз хомусчуттар В. А. Степанова уонна Н. Н. Бочкарева Өймөкөөҥҥө ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын хомуһун куонкурсугар анаан, «Хомуска тута хоһуйуу – айар үлэ ураты көрүҥэ» диэн үөрэх тэрийэн ыыппыттара. Манна тута хоһуйуу уустук тутулун быһаарбыттара, өйгө оҥорон көрүүнү сайыннарыыга сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Ити курдук, хомуска араас өрүттээх үлэ уопута түмүллэн, «Хомус туһунан билиини үөрэх таһымыгар тэрийии» диэн аатынан үөрэх тиһилигин брошюра быһыытынан бэчээттээһин саҕаламмыта.

Быйыл кулун тутар 23 күнүгэр хомус куттаахтарга уонна уһуйааччыларга аналлаах «Теоретические и практические основы преподавания приемов игры на предварганах» диэн сэминээр тэриллэн ыытылынна. Сэминээргэ Камчаткатааҕы норуот уус-уран айымньытын киинин үлэһитэ М. Е. Беляева кытынна. Кини «В’анныяяй — архаический варган коренных народов Камчатки» диэн лиэксийэтигэр арыыга олохтоох төрүт омуктар хомустарын туһунан билиһиннэрдэ. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун доцена, искусствоведение хандьыдаата В. Е. Дьяконова Ю. И. Шейкин түмэлин хомустарын туһунан билиһиннэрдэ. Бу сэминээргэ уһуйааччылар Е. А. Тастыгина (Жатай), М. Н. Винокуров (Дьокуускай), Т. А. Алексеева, А. Е. Чярина (Сунтаар) үлэлэрин уопутун атастастылар.

Е.А. Тастыгина – эдэр педагог. Кини Жатайдааҕы «Росток» кылаас таһынан үлэ киинигэр онус сылын уһуйааччынан үлэлиир. «Методика преподавания приемов игры на деревянном хомусе «тымтык» диэн оҕолору үөрэтэр бырагыраамалаах. И. Е. Алексеев үтүө сүбэтинэн, оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах оҕолору тымтык хомуска үөрэтэр. Кини этэринэн, кыра саастаах оҕолору, тииһии сылдьар кэмнэригэр, мас хомуска үөрэтии тэриллиэхтээх, хомустуох иннинэ эти-хааны уһугуннарар «муруну ыраастааһын», «быстахтык тыыныы», «хос тылы хамсатыы», «былчыҥы, тараһаны күүрдүү», «куҥ эти хоҥуннарыы», тыл уонна уос хамсаныыларын оҥорторор ордугун сүбэлээтэ.

А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин төрүт култуураҕа уһуйааччыта М. Н. Винокуров «Саха хомуска ураты сыһыана» тиэмэҕэ ааспыт үйэ 90-с сылларынааҕы Кэбээйигэ ыытыллыбыт экэспэдииссийэ матырыйаалларын чахчыларыгар олоҕуран сэһэргээтэ. Оччотооҕу кырдьаҕастар этэллэринэн, саас төрүөх саҕана, от-мас тыллыыта «сүөһү төрүөҕүн, оту-маһы кэҕиннэрэр» диэн хомуска тардары боболлорун, тимир хомус дэбигис көстүбэт, күндү мал буолан, олус харыстыылларын, үлүбээй илииттэн илиигэ бэриллибэтин, кимиэхэ да тыыттарбакка, өрбөххө суулаан, мас сундуук түгэҕэр кичэллээхтик ууралларын, «тимир хомус ыарахан тыыннаах» диэн оҕоҕо аньыырҕаан туттарбаттарын, тартарбаттарын, бэйэлэрэ хомуска дэҥ кэриэтэ тардалларын, киэһэ хомуска тардары «абааһыны ыҥыраҕыт» диэн аньыырҕыылларын туһунан кэпсээтэ. Кырдьаҕас П. В. Егорова кэпсээнинэн, оҕо хомуһу былдьастаҕына, тимир хомус оннугар, уот күөдьүтэр тымтыгы туттаран саараталлар эбит. Пелагея Васильевна «былыр хомуска бэрт сатыыр дьоннор элиэ саҥатын үтүктэллэрин, биир эмит оҕо кыыл, көтөр саҥатын үтүгүннэҕинэ, «аньыы, көтөр буолан халлааннаан көтөөрү гынныҥ дуо?» диэн мөҕөллөрүн санатта. Сииттэ нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо Е. С. Лебедев эппитинэн, «урут Кулун Күрүөтэ диэн сиргэ Ульяна Колмогорова (Муус Ылдьаана) диэн дьахтар саас муус устар ый ылааҥы күннэригэр, суол-иис баарына, 6-7 Ылдьаана диэн ааттаах чугастааҕы дьахталлары 3-4 хонукка мунньан, кыһын устата ким тугу иистэммитин көрөр-истэр кэмнэригэр ырыа ыллыыр, хомус тардар эбиттэр. Ону кырдьаҕастар «дойдуларын дьөлө туойдулар» диэн сөбүлээбэттэрин эбитин билиһиннэрдэ. Онон, былыр хомус тардыытыгар түөлбэлээн бобуу-хаайыы арааһа баара бэлиэтэнэр. «Билигин ити бобуу-хаайыы хайа эмэ улууска баар буола сылдьыбыта эбитэ дуу?» диэн ыйытыы үөскүүр. Ити туһунан ким эмит билэр буоллаҕына, сиһилии суруйан, Хомус түмэлигэр туттарыан сөп.

Сунтаар улууһугар хомус сайдыытыгар үлэлэһэр уһуйааччылартан Сунтаардааҕы оҕо устуустубатын оскуолатын саха уус-уран айымньытын педагога А. Е. Чярина туспа суоллаах-иистээх үлэһит быһыытынан биллэр. Кини «Хомус тардыытыгар С. А. Зверев-Кыыл Уолун «Оһуор» үҥкүүтүн хамсаныыларын дьүөрэлээһин» диэн лиэксийэтэ сэминээр кыттыылаахтарын сөхтөрдө. Оҕолор, хомус тарда туран, саха былыргы үҥкүүтүн «көҕүөр», «туос», «ураһа», «сарбынньах», «атах тэпсиитэ» о. да а. хамсаныыларын бэлиэ курдук оҥорон араастаан хамсаналлара олус кыраһыабайдык, уратытык көстөр эбит. Анна Егоровна этэринэн: «Хомуска бөлөҕүнэн тардыы, соҕотох хомусчут тардарынааҕар, уустук. Хомусчут оҕо аттыгар турар оҕону кытта биир тэҥ долгуҥҥа киириэн, долгуйуон, үөрүөн уонна ол үрдүк иэйии туругун тулалыыр эйгэҕэ тиэрдиэн наада», – диэн суолу тутуһар эбит. Ааптар «Хамсаныылаах хомус тардыыта», «Утум тардыы» диэн хомус айымньыларыгар тарбах тарбахха охсуллар, таҥалайы таҥырҕатар тыастар, тобук бокуйуута о. да. а. үҥкүү хамсаныыларын хомуһу кытта дьүөрэлээн, дьикти үчүгэй айымньылары айбытын сэминээр кыттыылаахтарыгар үтүгүннэрэн көрдөрдө. Сэминээр кыттыылаахтара хомуска хамсаныылаах тардыыны аан бастаан үтүктэн, астыныы-дуоһуйуу манна буолла.

С. А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Сунтаардааҕы норуот айымньытын киинин фольклор салаатын исписэлииһэ Т. А. Алексеева «Хомуска «ырыалаах тардыы» – үгэскэ олоҕурбут истиил» диэн дьуохардьыт, тойуксут, хомусчут М. И. Егорованы (Тойуктаах Маарыйа) оҕо эрдэҕиттэн сырса сылдьан истиэҕиттэн «хомуска ырыалаах тардыыны» тарҕатар сыаллаах-соруктаах үлэлиир эбит. «Кылыгырас кылыһах, дорҕооннох тойук» уонна хомуска «ырыалаах тардыы» диэн дьарык хаамыытын көрдөрдө, «Алгыс» тойугу хомуска дьүрүһүтэн иһитиннэрдэ. Дьикти кылыһахтаах куолаһынан «… Саргылаахай күммүт, Салаллыбытын туһугар, Сахалыы дьалаһыан Алҕаатаҕым буоллунууй!…» диэн хомуска туойда. Истэргэ эриэккэс, Үрдүк Айыылартан алгыс түспүтүн курдук сананныбыт. Дьэ ити курдук, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар хомус тардыытын үөрэтиигэ утумнаах үлэ ыытыллар. Хомус тула истиҥ кэпсэтии таҕыста, уопут атастаһыы наадалааҕын эттилэр уонна ити сатабыл, үөрүйэх, билии-көрүү хомуһу үөрэтэр үлэҕэ хайдах баҕарар туһаныллыан сөптөөҕүн өйдөөн тарҕастыбыт.

Хомус түмэлин 30-тан тахса сыллаах үлэтигэр хомуска үөрэтии сылтан сыл тупсан иһэр, баай уопут мунньуллар. Билиҥҥи хомус уһуйааччылара туспа суоллаах-иистээх, бэйэлэрин уопуттарын тарҕатар кыахтаах үлэни-хамнаһы тэрийэллэрэ түмэл араас тэрээһиннэриттэн көстөр. Бу тэрээһиннэр саха норуотун ытык бэлиэтин (символ) быһыытынан билиниллэр хомус барахсан сайдарын туһугар туһуланар.

Е. П. Слепцова, Хомус түмэлин уонна киинин билим уонна сырдатыы үлэтин мэтэдииһэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: