Хомусчут Спиридон эйгэтэ киэҥ
24 саастаах эдэр киһи хомус оҥорорун истэн баран, олус соһуйбутум. Ол, арааһа, аныгы үйэ ыччата көмпүүтэри эрэ кууһан баран сылдьар курдук диэн саныырбытыттан буолуо.
Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо Спиридон Иванов хомуһу кытта аан бастаан 13 саастааҕар “билсибит”. Дүпсүн оскуолатыгар “Кэскил” диэн уолаттар хомуска оонньуур ансаамбыллара баар эбит. Айар кэлэктииби, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох Мария Соловьева төрүттээбит. Билигин 25 уол оҕо дьарыктанар ансаамбылын Тамара Михайлова дьарыктыыр. “Саха сирэ” хаһыат “Сатабыл” рубрикатын дьоруойа Спиридон Иванов – “Кэскилтэн” үүнэн тахсыбыт хомусчут ааттааҕа.
“Кэскилтэн” саҕаламмыта
– Спиридон, эн хас сааскыттан аан маҥнай хомуһу кытта “билсибиккиний”? Ким уһуйбутай?
– Ким аан бастаан хомуска үөрэппитэй диэтэххэ, билигин чопчу аан бастаан хомуһу аҕалан “мэ, оонньоо…” диэбит киһини өйдөөбөппүн. Оскуолабытыгар хомуһу тардыбат оҕо суоҕун кэриэтэ этэ. Онон үчүгэйдик хомустуурга бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэр этибит. Биирдэ 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, кылааспытыгар учуутал Мария Михайловна Соловьева киирэн, чуо миэхэ кэлэн, “эн хомус ансаамбылыгар киирэҕин” диэт, испииһэккэ суруйан кэбиспитэ. Мин испэр “дьээбэҕэ дьарыктаныам даҕаны” дии санаат, хомусчуттар “Кэскил” бөлөхтөрүгэр киирэн хаалбытым. Онтон ылларан барбытым.
Норуот маастарыгар уһуйуллуу
– Аны хомуһу оҥорорууга хайдах ылсыбытыҥ туһунан кэпсэтиэххэ.
– Ансаамбылбытыгар оонньуу сырыттахпытына, хомустарбыт тостон хаалаллар этэ. Ону оҥорор киһи суоҕа. Ол иһин таах сытыахтара дуо диэн, бастаан оҥорон, өрөмүөннээн көрбүтүм. Син сатаммыта. Онтон эр ылан, 7-с кылааска сылдьан технология олимпиадатыгар кыттаары, хомуһу бэйэтин оҥорорго санаммытым. Эмиэ син майгыннаабыта. Хомус оҥорорбун ийэлээх аҕам көрөн, Ньурбаҕа уус күтүөппэр биир сайын анаан үөрэттэрэ ыыппыттара. Күтүөтүм Ньурбаҕа биллэр уус Ариан Афанасьев тугу билэрин барытын кистээбэккэ үөрэппитэ. 10-с кылааска киин куораппытыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэнэ көспүтүм. Ол сыл ансаамбылым Дүпсүнтэн анаан “Саха” НКИХ уһулла киирбитэ. Уһулларбытыгар норуот маастара, тимир ууһа Роман Готовцев баар этэ. Уһуйааччым Мария Михайловна ону мүччү туппакка, миигин күүһүнэн сиэтэн илдьэн, кини иннигэр туруоран баран, “бу уол уһанар, кинини үөрэт дуу…” диэн көрдөспүтэ. Онуоха Роман Ильич “бу кимий?” диэн соһуйбуттуу миигин көрбүтэ. Ол да буоллар, оҥорбут хомустарбын кэлин көрөн баран, “кэлээр” диэбитэ. Дьэ, киниттэн хомус оҥоруутун үгүс кистэлэҥнэрин билбитим. Роман Ильич баай уопутуттан миэхэ хото “бэрсибитэ”.
“Дьарыгым үгүс…”
– Төһө өр норуот маастарыгар уһуйуллубуккунуй? Матырыйаалгын хантан булаҕын? Уһанар мастарыскыайдааххын дуо?
– Төһө өр үөрэммиппин чопчу этэр кыаҕым суох. Киһи уһанарын тухары туохха эрэ үөрэнэр. Билигин да элбэҕи билэн иһэбин, саҥаттан саҥаны арыйабын. Онон уһуйуллан бүттүм диир кыаҕым суох. Тута табыллан барбыта диэн эмиэ этэр кыах суох. Билигин да барыта уурбут-туппут курдук табыллар дииртэн эмиэ туттунабын. Уһаныы – айар үлэ буоллаҕа. Онон бэйэтэ тахсан иһэр. Матырыйаалы хантан баҕар атыылаһыахха сөп. Арааһынай тимиртэн оҥоробун. Уһанар мастарыскыайданыахпын баҕарабын. Билиҥҥитэ кыалла илик. Уһуйааччым Роман Готовцев мастарыскыайыгар уһанабын. “Төһө хомуһу оҥордуҥ?” диэн ыйыттахтарына, “аахпат буолбутум ыраатта” диибин. Элбэҕи оҥордум. Билигин сакаас киирдэҕинэ иллэҥ кэммэр оҥоробун. Айар киһи буоларым быһыытынан, иэйии киирэриттэн эмиэ тутулуктаах. Дьарыгым үгүс. Холобура, ырыа оҥоробун. Быйыл “Азия оҕолоро” оонньууларга dj-даабыт табаарыһым Далан Тупринныын оҥорбут ырыабытын дьоҥҥо иһитиннэрбиппит.
Москваҕа маастар-кылаас ыытыы
– Ханнык эмэ быыстапкаларга, куонкуруска кыттаҕын дуо?
– Былырыын, 2023 сыллаахха, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн Москваҕа Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар (ВДНХ) хомус оҥоруутугар уонна хомуска оонньуурга маастар-кылааһы ыыппытым. Онно түһүлгэбэр бэрт элбэх киһи тоҕуоруспута. Оҥоро олорон, өссө хомуска оонньоон барарбын дьон сөҕө көрбүтүттэн бэйэм эмиэ үөрбүтүм, долгуйбутум.
Уонна былырыын Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Уус Алдан дэлэгээссийэтин кытта тиийэн, хомус уустарын күрэһигэр бастаабытым. Онон төрөөбүт улууһум ситиһиитигэр сэмэй кылааппын киллэрбитим.
… Ити курдук, сатабыллаах толкуйдаах Уус Алдан ыччата Спиридон Иванов бары кыаҕын туһунан тус-туһунан тиэмэҕэ арааран кэпсэтэ олоруохха сөп. Ол курдук, эдэр киһи лиссиэй-интэринээти 2018 сыллаахха бүтэрэн баран, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физика-тиэхиньиичэскэй институтугар ситиһиилээхтик үөрэнэн, радиофизик идэтин баһылаабыт. Бу саха киһитигэр сэдэх идэ буоллаҕа.
Дүпсүн хомусчут уолаттарын “Кэскил” ансаамбылын тутаах хомусчута, биэс оҕолоох Мария Спиридоновна, Алексей Альбертович Ивановтар дьиэ кэргэннэрин улахан оҕолоро Спиридон Иванов саха норуотун төрүт үгэһи сайыннарар сатабылыгар аны үүнэр көлүөнэни уһуйан эрэр. Санаабытыҥ барыта кэмигэр туолан истин, өссө да үрдүктэн үрдүк сыырдары дабайан ис, саха талааннаах ыччата!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: