Хомустаах киһи уҥуоҕа
Бу дьыл алтынньытыгар Уус Алдан улууһунааҕы Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэлгэ Хомус аан дойдутааҕы түмэлин пуондатыттан былыргыны көрдөрөр, кэпсиир биир хаартыска ис хоһоонун чуолкайдааһын туһунан ирдэһии сурук киирдэ.
Историк, и. н.к., РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Егор Спиридонович Шишигин бэйэтэ мунньар архыыбыттан бу хаартысканы Хомус түмэлин пуондатыгар биэрбит. Егор Спиридонович 1970–80 сыллардаахха Саха сирин тэлэбиидэнньэтигэр кэрэспэдьиэннээбит, “Вилюйский энергостроитель”, “Мирнинский рабочий”, “Социалистическая Якутия”, “Кыым”, “Молодежь Якутии” хаһыаттага фото-кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбит, СӨ култууратын туйгуна Еремей Порядин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ лауреата, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, «Граж-данскай килбиэн», “Суруна-лыыстыкаҕа кылаатын иһин” бэлиэлэрдээх Ушницкай Петр Семеновичтыын (1944–2011) оччолортон бииргэ үлэлээбит, элбэҕи айбыт-туппут, үйэлээҕи мунньубут дьон буолаллар. Бу хаартысканы ааптара П. С. Ушницкай үөлээннээҕэр Е. С. Шишигиҥҥэ бэйэтин кэмигэр пуондаҕа харалтаҕа биэрбитэ биллэр.
Хаартыскаҕа көстөрүнэн, Дүпсүн улууһун I Өспөх нэһилиэгиттэн төрүттээх, 1848 сыллаах төрүөх Макаров Иван Спиридонович диэн киһи 1913 с. хараллыбыт уҥуоҕар саха хомуһа саайыллыбыт. Онон бу былыргы хомус түмэл үлэһиттэрин интэриэһиргэппитэ чуолкай диэххэ наада. Иван Макаров I Өспөх нэһилиэгин Дуонду алааһын төрүт олохтооҕо, 65 сааһыгар өлбүт. Кини төрөппүт уола Андрей Иванович Макаров‑Өргөстөй (Өргөстөөх) Өндүрэй (1903–1967) аҕатын аатын үйэтитэр сыалтан, куораттан сымара тааһы тиэйэн аҕалан, аҕатын аатын-суолун кириллица алпаабытынан кыстарбыт: «Подъ сим камнемъ покоится прахъ инородца 1‑го Оспетскаго наслега Дюп.улуса Ивана Спир. Макарова. Скончавшагося 21 августа 1913 года на 65 году жизни отъ роду. Камень поставленная оплакивающагося на Андрея».
Хомуһу ким саайбытый?
Оттон хомуһу Макаров И. С. уҥуоҕун маһыгар Өргөстөөх Өндүрэй иккис ойоҕуттан кииринньэҥ кыыһа Тарская Елена Филипповна-Өлөөнө саайбыт эбит. Ол туһунан Өлөөнө уола Петр Семенович Ушницкай «Мирнинский рабочий» диэн хаһыат 2010 с. от ыйын 28 күнүнээҕи нүөмэригэр бу курдук суруйар:
“Аармыйаҕа барыам эрэ иннинэ ийэбинээн аймахтарбар дэриэбинэҕэ тахса сылдьыбытым. Ийэбэр ити үөрүүлээх күннэр этилэр, өр сыллаах арахсыы кэниттэн аймахтарын кытта көрсүбүтэ, таптыыр сирдэринэн күүлэйдээбитэ. Сулууспалаан баран (1966), эмиэ ити сирдэргэ тиийэ сылдьыбытым. Аймах оҕолору кытта балыктаабытым, бултаабытым. Бараары сылдьан өбүгэлэрбин ытыктаары көмүллүбүт сирдэригэр тиийэ сылдьыбытым. Онно, хос эһээм Уйбаан Макаарап иинин үрдүгэр ууруллубут тааһын аттыгар олус билэр, ийэм хомуһун бэлиэтии көрбүтүм. Онно өйдөөбүтүм, тоҕо миигин аармыйаҕа атаарыыга ити дьикти хомус тыаһаабатаҕын. Ийэм өлбүтүн кэнниттэн дьиэбитигэр хомус суоҕа.
Кыра эрдэхпиттэн ийэм хомуска оонньуурун сөҕө истэрим. Бэйэм кинини үтүктэн тыас таһааран көрөрүм да, олох сатаабат этим. Онуоха ийэм бу үстүрүмүөҥҥэ оонньуу сүрүн ньымаларын үөрэппитэ. Сотору кэминэн кэҕэ кукууктуурун сатыыр буолбутум. Кэнники сүрэхпэр чугас хомуһу көрөөрү, хос эһээм көмүллүбүт сиригэр хаста да тиийэ сылдьыбытым.
Хас сырыым аайы халлаан уутугар-хаарыгар бэринэн, хомус улам дьэбиннирэн иһэрин көрөр этим. Бу хомус улам айылҕаҕа кыаттаран, дьэбиҥҥэ кубулуйан тыал устун күдээр буолан көтүө дии саныырым. Хомойуох иһин, биирдэ тиийбиппэр, хомус сүппүт этэ”. Онон, быһа холоон 1940‑с сылларга оҥоһуллубут хомус уопсайа 40–50 сыл сытан баран киһи уҥуоҕун маһыттан сүппүт буолуон сөп.
Хаартыскалар олоҕу кэпсиир үтүө суолталаахтар, онуоха бу кылгас сэһэни суруйууга көмөлөспүт Мииринэй куоракка олорор П. С. Ушницкай кэргэнигэр, үлэ бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн”, “СӨ ветеринарнай сулууспа сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэрдээх Елизавета Агафьевна Ушницкаяҕа, Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо, I Өспөхтөн төрүттээх үлэ бэтэрээнэ Елизавета Федоровна Сивцеваҕа, улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ, Өргөстөөх Өндөрөй хос сиэнэ Мария Афанасьевна Ивановаҕа, Уһун Күөл олохтооҕор, Сэмэн Уһунуускай-Хоһуок Сэмэн сиэнэ Светлана Дмитриевна (Сивцева) Куприяноваҕа махталбытын биллэрэбит уонна И. С. Макаров сыдьааннарыгар, билигин тыһыынчанан ахсааннаах хас да көлүөнэ уруу-аймах үйэлэргэ быстыбат ситимэ салҕана туруоҕар баҕарабыт.
М. А. Иванова, Уус Алданнааҕы
Сэһэн Ардьакыап аат. устуоруйаны-кыраайы үөрэтэр түмэл харайааччыта.
20.10.2023 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: