“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ.
Бырайыак ааптарынан Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин фольклору сүрүннүүр методиһа Майя Гаврильевна Егорова буолар.
Быйыл “Хомуур олоҥхо” Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр Литературнай түмэлгэ Сардаана Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан ыытылынна. Манна «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо 9 ырыатын ааттаах-суоллаах олоҥхону толорооччулар кэлэн, чаас аҥардыыта кэминэн үллэстэн ыллаатылар: I ырыатын Петр Тихонов (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), II ырыатын Александр Багардынов (Таатта улууһа), III ырыатын Петр Тихонов, IV ырыатын Афанасий Попов (Таатта улууһа), V ырыатын Анатолий Христофоров (Чурапчы улууһа), VI ырыатын Яна Ньургусова (Нам улууһа), VII-VIII-IХ ырыалары Алексей Николаев (Таатта улууһа).
“Олоҥхону истэ тобус толору көрөөччү, эдэр ыччат кэллэ, — диэн үөрэ кэпсиир түмэл үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева. – Толоруохтарын иннинэ олоҥхоһуттар Былатыан Ойуунускай макет-балаҕаныгар тахсан, уот оттон, алаадьы биэрэн көҥүллүүрүгэр көрдөспүттэрэ. Бары уобарастарыгар киирэн, куоластарын араастаан уларытан толордулар. Бүппүтүн кэннэ Кыйы убаһатын этин, дьэдьэни амсайа олорон, олус истиҥ кэпсэтии, ырытыһыы буолла. Бииртэн биир үтүөкэн толорооччуну иһиттэхпит аайы турукка киирэн истибит, оскуола оҕолоругар иһитиннэриэххэ наада, олус астынныбыт диэн өрүкүйбүт көрөөччүлэр санааларын эттилэр.
Олоҥхоһуттар бэйэлэрэ хайдах олоҥхолуурга үөрэммиттэрин кэпсээтилэр. Афанасий Попову оҕо эрдэҕинэ учуутала ыҥыран ылан, эн аҕаҥ олоҥхоһут, онон киниттэн үөрэн уонна бииргэ үөрэнэр оҕолоргун үөрэт диэн сорудахтаабыт. Ол сорудаҕы толорбутун бииргэ үөрэнэр оҕолоро наар санаталлар эбит.
Мустубут дьоҥҥо түмэлбит үлэһитэ Ефросинья Ноговицына Былатыан Ойуунускай олоҥхолуурун истибит дьоннор тустарынан хаартысканан кэпсээтэ. Балаҕан иннигэр Гаврил Колесов олоҥхолуурун устубуттар, ол видео-экспонаппытын көрдөрдүбүт”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: