Хомуурга ыҥырыллыбыттар уонна куотуммуттар

Share

Мобилизацияттан сэдиптээн үөскүүр санаалар

 

Кэм-кэрдии кимтэн да, туохтан да тутулуга суох бэйэтин киэбинэн баран иһэр. Төһөнөн элбэх бириэмэ ааһар да, буолан ааспыт событиелар туһунан санаабыт улам сааһыланар, толкуйбут ыыра сыыйа кэҥиир. Бүгүҥҥү бэлиэтээһиннэрбэр дойдуга ыытыллыбыт хааччахтаах хомуур (частичная мобилизация) төрүөттэрин туһунан суруйбаппын. Хааччахтаах хомуур хаамыытын уонна түмүгүн туһунан анаарбаппын. Бу тэрээһин судаарыстыбаҕа уонна уопсастыба сайдыытыгар кэккэ кыһалҕалары арыйбытын аннынан тардабын. Хомууртан сиэттэрэн миигин билигин долгутар боппуруостарга судаарыстыба, араас таһымнаах салайар уорганнар уонна уопсастыба сыһыаннарын туһунан санааларбын бэлиэтиим.

Хомуур тэрээһинэ эппиэтинэһи ирдиир

Хааччахтаах хомуур судаарыстыба араас институттарын уонна гражданскай уопсастыбабыт төһө сиппиттэрин-хоппуттарын арылхайдык көрдөрдө. Тыҥааһыннаах кэмҥэ гражданскай уопсастыба өй-санаа өттүнэн төһө ситэн-хотон, сайдан кэлбитэ эмиэ тыын суолталаах. Хомуур ыытыллыыта быстах тэрээһин буолбатах. Бу уустук процесс.

Мин санаабар, дойдубут бэрэсидьиэнэ биллэрбит хааччахтаах хомуура сыалын-соругун ситтэ. Манныгы тоһоҕолоон бэлиэтиибин:

  1. Бастатан туран, Украина уонна Арассыыйа икки ардыгар буола турар сэбилэниилээх киирсиигэ дойдубут байыаннай кыаҕын улаатыннарда. Хомуурга хабыллыбыттар аармыйаҕа сулууспалаабыт кэмнэригэр ылбыт байыаннай дьоҕурдарын сайыннараллар, саҥа үөрүйэхтэри баһылаан эрэллэр.
  2. Иккиһинэн, дойду уонна регионнар салайааччыларыгар судаарыстыбаннай институттар тиһиликтэрин уонна гражданскай уопсастыба сайдыытын билиҥҥи туруга хайдаҕын тургутарга кыаҕы биэрдэ.
  3. Үсүһүнэн, араас таһымҥа үлэлээн олорор салайааччылар сатабылларын, дьону кытта сатаан кэпсэтэр, кинилэри биир өйгө-санааҕа сатаан түмэр, биир сыалга-сорукка туһаайар дьоҕурдарын сыныйан көрөргө кыаҕы үөскэттэ.

Тахсыбыт алҕастар хатыламматтар

Хааччахтаммыт хомуур кэмигэр тахсыбыт кэккэ алҕастары ыйан туран, Ил Дархан миэстэтигэр үлэлиир хамыыһыйалары сэмэлээбитин, хомуурга хабыллыа суохтаах, сыыһа ыҥырыллыбыт дьону төнүннэрэр туһунан дьаһалларын көрөн-истэн олоробут. Бу күннэргэ Саха сирин Уопсастыбаннай палататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев хомуурга сыыһа ыҥырыллыбыт 300-тэн тахса биир дойдулаахпыт байыаннай чаастартан төннөллөрүн туһунан иһитиннэрдэ.

Дьон ситэ өйдөөбөт, мунаарар уонна мунчаарар ыйытыктарыгар тутатына хардарар 122 төлөпүөн нүөмэрэ үлэлээтэ. Маннык улахан суолталаах үлэҕэ араас уопсастыбаннай түмсүүлэр күүстэрин түмтүлэр. Уопсастыбанай сүрүннүүр киин тэрилиннэ. Бу барыта ыйыллыбыт алҕастары туоратыыга, маҥнай сытыытык турбут уустук боппуруос тула быһыы-майгы сыыйа сымныырыгар төһүү буолла.

Холобурдаан эттэххэ, Магадан уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай байыаннай комиссардарын дуоһунастарыттан босхолооһун, губернатор Михаил Дегтярев кыраайтан хомуурга түбэспит дьонтон аҥардара сыыһа ыҥырыллыбыттарын туһунан иһитиннэриитэ, Арассыыйа оборуонаҕа миниистирин тыылы хаччыйыыга солбуйааччытын үлэтиттэн ууратыы, Владимир Путин Куттал суох буолуутун (Совет безопасности) үнүргү мунньаҕар хааччахтаммыт хомуур кэмигэр тахсыбыт алҕастары суһаллык уонна төрдүттэн туоратарга модьуйуута — маннык итэҕэстэр дойду үрдүнэн тахсыбыттарын туоһулуур.

Салайааччы уонна сулууспалаах тус бэйэтин эппиэтинэстэрэ

Мантан сиэттэрэн бэлиэтиир буоллахха, тахсыбыт сыыһалар-алҕастар судаарыстыба институттарын хомуурга сыһыанаах тиһигэр үлэ итэҕэстэрин ыйаллар. Маны сэргэ уопсастыбаҕа баар проблемалары эмиэ арыйаллар. Тахсыбыт алҕастарга аҥаардас былаас уорганнарын эрэ буруйдуур сыыһа.

Тэрилтэ үлэһиттэрин байыаннай учуокка туруоруу — тэрилтэ салайааччытын быһаччы эппиэтинэһэ. Маны таһынан, хомуур ыытыллар ыксаллаах кэмигэр тэрилтэ тутаах үлэһиттэрэ суох хаалбатын туһугар, салайааччы кинилэргэ кэмигэр бронь оҥотторуохтаах, сорохторо быстах кэмнээх босхолонууну (отсрочка) ылалларын ситиһиэхтээх, дьон олоҕун-дьаһаҕын, күннээҕи тыын суолталаах кыһалҕаларын быһаарсыахтаах. Бу барыта тэрилтэ салайааччылара военкоматтары уонна былаас уорганнарын кытта бииргэ үлэтин эрэйэр.

Оттон байыаннай учуокка турар дьон доруобуйаларын туругун туоһулуур докумуоннары кэмигэр хомуйан, байыаннай учуокка чуолкайдааһыннары киллэрии эбэтэр учуоттан уһуллуу – тустаах дьон кыһалҕата.

Инньэ гынан, кэлэр өттүгэр бары тэрилтэлэр салаайааччылара уонна биирдиилээн гражданнар байыаннай учуокка, кэмигэр бронь оҥотторорго, быстах кэмнээх босхолонууну туруорсарга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаахтар.

Патриоту иитии суолтата уонна ис хоһооно

Украина уонна Арассыыйа икки ардыгар буола турар айдаан уонна хааччахтаах хомуур уопсастыба иннигэр өссө биир сытыы боппуруоһу туруорда.

Бу событиелартан сибээстээн тыһыынчанан ааҕыллар элбэх ахсааннаах дьон, түптээн олорбут сирдэрин, төрөппүттэрин, аймахтарын, доҕотторун хаалларан, тас дойдуларга көһөн таҕыстылар.

Маннык көстүү тугу көрдөрөрүй:

  1. Биир өттүнэн, эдэр-сэнэх, үлэни кыайар киһи мобильнаһа үрдээбитин туоһулуур. Дьиҥэр, нэһилиэнньэ мобильнаһа — дойду экономикатын сайдыытын туоһута. Нэһилиэнньэ айар-тутар кыахтаах өттө дойду хайа баҕар муннугар көһөн тиийэн, үлэлииргэ-хамныырга бэлэмэ судаарыстыба сайдарыгар төһүү буолар.
  2. Ол эрэн кыраныысса таһыгар тахсар мобильность төттөрү дьайыылаах. Быйыл Сахабыт сириттэн дьон көһөн барыыта икки долгуннанна диэн бэлиэтиэххэ сөп. Маҥнайгы долгуҥҥа анал байыаннай операция саҕаланыытыгар информационнай технологиялары баһылаабыт, IT-эйгэтин үлэһиттэрэ туспа дойдуларга көһөн тахсыбыттара. Дьон көһүүтүн иккис долгуна хааччахтаах хомууру кытта быһаччы ситимнээх.

Мин санаабар, дьон атын дойдуга көһүүтүн төрдө-төбөтө ыччакка патриоттуу өйү-санааны ситэ иҥэрбэтэхпититигэр сытар. ССРС үрэллиитин, уопсастыбаннай, политическэй формация уларыйыытын кэмигэр дойдубут коммунистическай идеологияттан аккастаммыта. Ол кэнниттэн бары араҥа өйүн-санаатын бииргэ түмэр күүстээх идеология олоҕурбатаҕа.

Кэнники кэмҥэ дойдубутугар Арассыыйа тас өттүттэн араас күүстэр норуот модун санаатын самнарарга, араас итэҕэллээх элбэх омук эйэлээхтик түмсүүтүн ыһарга, кинилэр икки ардыларыгар иирсээни тардарга туһуламмыт дьайыыларыгар утары турар патриотическай иитиини киллэрэн эрэбит. Ол эрэн бу иитиибит өссө да ситэ атаҕар тура, тас киэбин уонна ис хоһоонун була илик.

 

Туора дойду салгына атын

Дьиҥэр, патриотизм судургу буолан баран, ис хоһооно олус дириҥ. Урут оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр биир учууталым, дьон-сэргэ барыта убаастыыр кырдьаҕаһа Николай Афанасьевич Алексеев бу өйдөбүлү хайдах быһаарбыта өйбөр хатанан хаалбыт. Кини этэринэн, патриотизм сүрүн өйдөбүлэ — таптал. Киһи төрөппүттэригэр, бииргэ төрөөбүттэригэр, төрөөбүт түөлбэтигэр, нэһилиэгэр, улууһугар, өрөспүүбүлүкэтигэр, дойдутугар таптала, бэриниилээх уонна кинилэри олоҕун толук ууран туран көмүскүүргэ бэлэм буолуута.

Сорох ыччаппыт дойдубут көмүскэлгэ наадыйар кэмигэр төрөппүттэрин, чугас дьоннорун хаалларан көһөн барыыта —  патриотическэй өй-санаа кинилэргэ ситэ иҥмэтэҕин туоһута.

Мантан сылтаан салгыы кэккэ ыйытыктар үөскүүллэр:

  • Ыччат көһөн барар сиригэр кыраныыссаны туорууругар сорох туора дойду пограничниктара Арассыыйа талан ылбыт сайдыытын хайысхатын, политикатын сөбүлээбэттэрин, утаралларын туоһулуур докумуоҥҥа илии баттата сатыыллар. Маннык докумуоҥҥа илии баттаан, көһөн тахсыбыт дьону судаарыстыба таҥнарыахсыттарга дьүөрэлии көрөр. Оччотугар бу дьон кэлэр өттүгэр дойдуларыгар хайдах төттөрү эргиллиэхтэрэй?
  • Хааччахтаах хомуур кэмигэр саппааска сылдьар 300 тыһ. киһи Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэригэр ыҥырыллыахтааҕын туһунан бары билэбит. Күрэнэн көһөн барбыт эдэрдэртэн сороҕо хомуурга бэбиэскэ тутуохтаах дьон буолара эмиэ өйдөнөр. Оччотугар кинилэр хомууртан куотунууларыттан сылтаан атын дьон, ол иһигэр кинилэр аймахтара, доҕотторо, билэр дьонноро хомуурга ыҥырыы туталлар?
  • Хайа баҕарар байыаннай конфликт кэмнээх-кэрдиилээх, төһө эрэ кэминэн уостар, түмүктэнэр. Хомуурга ыҥырыллыбыт дьоммут дойдуларыгар, дьонноругар эргиллэн кэлэр үтүө күннэрэ син биир үүнүөҕэ. Ыҥырыы тутан дойдуларын көмүскээн кэлбит дьон, кинилэр аймахтарын, чугас дьоннорун сыһыана хомууртан куотан, туора дойдуну дойду оҥостубут дьоҥҥо сыһыана хайдах буолуой?
  • Омук сиригэр көһөн барбыт дьонтон үгүстэрэ кэлэр кэнэҕэскилэрин ситэ толкуйдаан, анааран, ыараҥнатан көрбүттэрэ буолуо дуо? Туора дойду дьоно-сэргэтэ кинилэри аһатаары-сиэтээри, таҥыннараары, олохтоору бэлэм буолуо дуо?

Түмүккэ

Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ыйытыктарга бэлэм хоруйдаахпын диир кыаҕым суох. Ааспыт күннэргэ Казахстаҥҥа көһөн тахсыбыт эдэр дьон ол дойдуга олохторун оҥостоору биир дойдулаахтарыттан социальнай ситимнэр нөҥүө үп-харчы хомуйаары ыҥырыы таһаарбыттара. Бу бэйэбиттэн ыйытар уустук ыйытыктарым оруннаахтарын көрдөрөр.

Бүттүүн Арассыыйаҕа уонна аан дойду үрдүнэн буола турар событиелар биһиги аҕыйах ахсааннаах норуоппутугар улахан охсуулаах буолуохтарын сөп. Уопсастыбабыт, омукпут, биир дойдулаахтарбыт, аймах-билэ дьоммут өй-санаа өттүнэн атырдьах маһыныы арахсыбатын туһугар саха омук тумус туттар дьоно бу темаҕа санааларын сааһылаан, толкуйдарын бар дьоҥҥо тиэрдэллэрэ ирдэнэр.

Тирээн турар ыарахаттартан чаҕыйбакка, санааларын күүһүн саппаҕырдыбакка, төрөөбүт дойдуларыгар уонна норуоттарыгар тапталларын уҕарыппакка, норуоту көмүскүүр туһугар хааччахтаах хомуурга ыҥырыы тутан, сулууспалыы барбыт биир дойдулаахтарбытыгар ытыктабылбыт муҥура суох.

Ыҥырыллыбыт дьон тус бэйэлэрин уонна дьиэ кэргэттэрин күннэтэ көрсөр кыһалҕаларын мүлүрүтэргэ туһуламмыт быһаарыныылары ылыныы, кинилэргэ көмөлөөх буолуу, үтүө санааланыы – судаарыстыбабыт уонна биһиги (уопсастыба) бүгүҥҥү күннээҕи ытык иэспит.

Күүлэкээн

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

41 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago