Кыргыттар аан дойдутааҕы күннэринэн бүгүн Уус Алдан улууһугар Хоноҕор бибилэтиэкэтигэр тэрээһин буолла.
Манна тиэхиньикум үөрэнээччилэрэ — устудьуон кыргыттар кыттыыны ыллылар. Бэлиэ күҥҥэ бибилэтиэкэ пуондатыттан кыргыттарга аналлаах литератураны билиһиннэрии, бырааһынньык суолтатын, историятын иһитиннэрии, бэсиэдэ болҕомтону тарта.
Маны тэҥэ «Илии сылааһа» байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан харысхаллаах кыра сыттыктары тигэн оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна. Манна тэрийээччи, педагог Л.П.Заровняева кыргыттары үөрэттэ. Кыргыттар тэрээһиҥҥэ олус көхтөөхтүк кытыннылар, сэргэхсийдилэр, харысхаллары тигэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Тэрээһиҥҥэ барыта 20 киһи сырытта.
Ирина Осипова
Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ.
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…
Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, Өлүөнэ өрүскэ Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалын кэтэһэр пуунуттан 1200…
“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа уонна халлаан сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…
Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…