Алтынньы 26 күнүгэр “Лена” киинэ тыйаатырын кыра саалатыгар Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларын чэрчитинэн, норуот ырыаһыта, саха мусукаалынай үнүстүрүмүөннэрин ууһа, үҥкүүһүт, үҥкүү туруорааччы, айылҕаттан айдарыылаах Прокопий Егорович Слепцов-Ойуун Борокуоппай төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан, кини айан хаалларбыт «Күһүн көтөрү атаарыы» хоҥсуо ырыатыгар килиип сүрэхтэннэ.
Ол туһунан биһиэхэ СӨ үтүөлээх артыыһа, аан дойду виртуоз хомусчута, аан дойду култууратын маастара, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы мусукаалынай кэллиэс төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын уһуйааччыта Варвара Степанова-Арчыына кэпсээтэ:
-Бу ырыаны 2022 сыллаахха СӨ үтүөлээх артыыһа, «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын аркыастырын кыттыылааҕа Анна Томская кыл кылыһах доҕуһуолунан ыллаабытым, Семен Ченянов устуудьуйатыгар уһуллубуппут. Быйыл үбүлүөйдээх сылынан, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Анна Руслановна Исакова өйөөһүннэринэн, бу ырыаҕа Ариан Пермяков режиссердаан үйэлээх килиип уһулунна.
Прокопий Егорович Слепцов-Ойуун Борокуоппай Абый улууһугар төрөөн, биир чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт, саха ырыаларын, чуолаан хабарҕа, хоҥсуо ырыаларын айан хаалларбыт, мусукаан, мусукаалынай үнүстүрүмүөннэр маастардара, үҥкүүһүт, үҥкүү туруорааччы.
Кини айар үлэтин этно-музыковед Эдуард Ефимович Алексеев үгүһү устан научнай үлэлэригэр таһаартаабыта. 1977 с. Москва куоракка П. И. Чайковскай аатынан кэнсиэртиир саалаҕа норуот ырыаларын толорон биһирэппитэ. Кинини сэргээн, Ленинградтан кэлэн «Камлание шамана» диэн документальнай киинэ устубуттара.
Бу килиип тахсарыгар, өйөбүл буолбут СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Иванович Ноевка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгар Дмитрий Иванович Тихоновка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччытыгар Анна Руслановна Исакова, исписэлиис Александр Сергеевич Кулешовка уонна режиссер Ариан Пермяковкка барҕа махталбын тириэрдэбин.
ххх
М. Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы мусукаалынай кэллиэс фольклорга салаатын уһуйааччылара Ойуун Борокуоппай айар үлэтин сырдатар, сайыннарар туһугар кини ырыаларын-тойуктарын толоро сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.
Манна сыһыаран эттэххэ, айылҕаттан айдарыылаах Прокопий Егорович Слепцов-Ойуун Борокуоппай төрөөбүтэ 105 сылыгар норуот ырыаларын, үҥкүүнү уонна уустарга аналлаах куонкурус кэтэхтэн буола турар. Ахсынньы 7 күнүгэр Саха тыйаатырыгар кыайыылаахтары түмэн улахан гала-кэнсиэр ыытыллыаҕа.
Онтон ахсынньы 18 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ходулов аатынан норуот тыйаатырын үрдүк сыанатыгар Арчыына толоруутугар П.Е.Слепцов-Ойуун Борокуоппай «Күһүн көтөрү атаарыы» хоҥсуо ырыатын килиибэ сүрэхтэниэҕэ. Ону таһынан, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы мусукаалынай кэллиэс төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын уһуйааччылара кыттыылаах төрүт дорҕоон, сахалыы ырыа-тойук дьоро киэһэтэ ыытыллыаҕа.
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…