Салгыы
Хонтуруолламмат  сыана…

Хонтуруолламмат  сыана…

12.10.2024, 09:00
Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха ынаҕын уонна сылгытын этэ миинэ барарынан, сытынан-сымарынан, амтанынан, тотоойутунан кэлии эттээҕэр төһө эбит ордугун киһи барыта билэр. Арай сыаната ардыгар өрө баран, чопчу сыаллаан-соруктаан саха ынаҕын уонна сылгытын этин амсайыыга эрэ атыылаһарбытыгар тиийдибит. Тоҕо саха ыалын остуолугар сүөһү уонна сылгы этэ аҕыйаата?

Кыаммат ыалга, аҥаардас ийэлэргэ, аҕам саастаахтарга эт күндү ас буолбут. Инникитин бары да кэриэтэ куурусса, сибиин­ньэ,  кэнсиэрбэлэммит сүөһү этин онно-манна булку­йан сиирбит  адьас чугаһаабыт.

«ДЕЛИКАТЕСКА» ХОЛОБУРДААН

Бу күннэргэ киин куоракка Бааһынай ырыынагар илин эҥээр улуустартан ынах этин дэлэйдик киллэрэн атыылаатылар, өссө да атыылыыр буолуохтаахтар. Эт сыаната былырыыҥҥы курдук син биир үрдүк диэн бэлиэтии көрдүм. Өрөбүл да күн буол­лар, дьон-сэргэ улаханнык үмүөрүспэт, урукку сылларга курдук үтүөлэ­һии-анньыалаһыы суох, онон-манан биир-икки аҕам саастаахтар хаамсаллар, кэлии-барыы, атыылаһааччы аҕы­йах. Тоҕо маннык буолла? Сүрүн төрүөт биир –  сыана олус ыарахан.

Соторутааҕыта буолан ааспыт тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар төрүт саха ынаҕын этэ 1500 солк. атыыланан, элбэх киһини сөхтөрбүт буолуохтаах. Төрүт сүөһүбүтүн элбэтэргэ туруммут сахалар амтанныын атын саха ынаҕын этин-үүтүн үрдүк сыанаҕа атыылыыллара биллэр. Саха ынаҕын хаанын буккуһуннарбакка эрэ, үчүгэй усулуобу­йаҕа бэйэтин ыраас көрүҥүнэн иитэн,  айылҕа бэйэтэ селекция­лаан таһаарбыт боруодата буоларын сүрүн куоһур оҥостоллор.  Үүтүн сыата таһыччы үрдүгүн, кытаанах килиимэт усулуобуйатыгар үйэлэргэ миккиллэн кэлбит уһулуччулаах тулуурун, ыарыыга бэриммэт кытаанах удьуор­дааҕын атыылаач­чылар үүттээх чэй иһэ-иһэ хайгыыллар. Аҥаардас отунан эрэ аһаан турар саха сүөһүтүн этин мраморнай суорт быһыытынан сыаналыыллар, ол эбэтэр саамай үрдүк хаачыстыбалаах эт диэн. Атын дойдуларга сүөһү этэ итинник хаачыс­тыбаны ситиһэригэр араас албастары туһанар эбит буоллахтарына, Саха сиригэр бээгэй, улахан истээх ынахпыт улахан көрүүгэ-истиигэ айыл­ҕаттан алҕанан наадыйбат. Холобур, Японияҕа сүөһүнү олива маһын аһын мээккэлэрин кутан эбии аһаталлар. Ол да иһин саха ынаҕын этин  киилэтэ билигин 1500 солк. буолара эмиэ да сөп курдук, ол эбэтэр, саамай үрдүк категориялаах «деликатеска» тэҥнээҕинэн ааҕыллар.

АҺАРА БАРБЫТ ТӨРҮТ АС СЫАНАТА

Аныгы кэмҥэ дьон доруобуйатыгар болҕомтотун уурар буолла. Аһыыр астан, иһэр ууттан, тыынар салгынтан киһи доруобуйата быһаччы тутулуктааҕын дьэ өйдөөн, төттөрү төрүт аска төннөр суолга туруннубут. Ол эрээри, үрдүк сыаналааҕынан ордук куорат саха ыалын остуолугар сүөһү уонна сылгы этэ лаппа аҕыйыыр туруктаах.

Эт-үүт ас сыаната киин куоракка эрэ үрдүк буолбатах. Илин эҥээр уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар ынах этин сыаната улаханнык араастаспат, киилэтэ 700-1000 солк. атыыланар. Дьиэҕэ  үктэлгэ диэри тиэрдии сыаната арыый да үрдүүр, ортотунан, 700 солк. буолар. Оттон киин куорат аатырар Бааһынай  ырыынагар сыананы үөрэтэн көрдөххө, былырыыҥҥыттан эт, үүт сыаната кырата 50-100 солк. эбиллибит. Холобур, ынах этэ киилэтэ 800 солк. саҕалаан 1000 солк. диэри тиийэр, оттон эриллибит эт киилэтэ 800 солк. атыыланар.  Сүөһү быарын киилэтэ  900 солк. турар, буотарах   500 солк. саҕаланар, кутуллубут хаан 800 солк., баһаа­лыста, ылан амсай. Мииҥҥэ анаан «суповой набор» диэн манчыык­танан хомуллубут уҥуохтаах, кырбас ынах этэ киилэтэ 400 солк. атыыланар. Оттон илин эҥээр улуустартан киирбит уҥуоҕа суох ынах этэ 900 солк. саҕалаан 1000 солк. атыыланар. Ынах, сылгы этин солбуйарга  таба этин киилэтин 800 солк.,  сибиинньэ этин 660 солк. булуохха сөп. Оттон ынах арыыта 1350 солк.  саҕалаан 1450 солк. баар.

СИЭБЭППИТ, ОЛ ЭРЭН, АТЫЫЛАНАР

Саха сиригэр билигин даҕаны сылгы, ынах этэ атын тас дойдулартан киллэрэн атыылыыллар. Аныгы кэмҥэ эт-үүт ас соччо-бачча урукку курдук элбэх аҕалыллыбат эрээри,  со­­циальнай ситимнэргэ биллэрии хара ба­­һаам. Онон саха киһитэ, биллэн турар, ыарахан сыаналаах олохтоох сүөһү этиттэн аккаастанан, чэпчэки сыаналаах Бурятияттан, Новосибирскайтан, ону кытта Алтаайтан аҕалыллар сүөһү, сылгы, ону кытта куурусса, сибиинньэ этин атыылаһар буолбута ыраатта. Холобур, киин куоракка аттынааҕы маҕаһыыҥҥа тахсан эт, үүт ас отделыгар киирэн, сүөһү этин түмэлгэ көрүнньүккэ сэдэх эспэнээт курдук сытарын көрөҕүт. Сиэбэппит да буоллар, стейк, бифштекс, стриплойн (премиальный стейк) диэн аат­таах-суоллаах араас эт арааһа маҕаһыыннар  халадыынньык­тарыгар ыы-быччары сытар. Сыаната эмиэ «абытай» –  киилэтэ 3 тыһ. солк.

Оттон Бурятияттан киирбит ынах этин киилэтэ  480 солк. атыыланар, холо  500 солк.,  буута  580 солк. Алтаай сүөһүтүн этин 5-10 киилэнэн батараллар, сыаната биир киилэтигэр 590 солк., оттон 5 киилэни 650 солк. атыылыыллар. Куйаар ситимигэр киин куоракка Усуйаанаттан аҕалыллыбыт таба этин атыылыыр биллэрии эмиэ баар, киилэтигэр 500 солк. көрдүүллэр, 20-40 киилэнэн эмиэ атыыланар. Онон, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ынах, убаһа этин хантан, хайдах сыанаҕа атыылаһалларыгар көрүҥэ да элбэх, сыаната да араас.

Павел Николаев, Уус Алдан олохтооҕо:

–  Бу  аҕыйах хонуктааҕыта тыһаҕаспын киллэрэн атыылаа­тым. Эти киилэтин бастаан 800 солк. батарбытым, ол кэннэ уҥуохтаах хаалбытын 700 солк. түһэрэн атыылаатым. Сорохтор «олохтоох эт сыаната тоҕо үрдүгүй?» дииллэр. Манна биири этиэхпин баҕарабын. Сүөһүнү иитии элбэх көрүүлээх-истии­лээх. Оттооһун, оту тиэйтэрии ороскуота эмиэ хайдаҕа биллэр. Кыһыҥҥы өттүгэр  өрөөн мөтөйөн сыппаккын, күнүстэри-түүннэри үлэлиигин. Ону бары билиэх уонна өйдүөх тус­тааххыт. Билигин үчүгэй тэрилтэ үлэһитин хамнаһа 100 тыһ. солк. тэҥнэһэр, бүддьүөт үлэһитин хамнаһа эмиэ үрдүк, оттон бырамыысыланнас эйгэтигэр үлэлиир дьон хамнаһын этэ да барыллыбат. Холобур, 3  сыл устата кэриҥэ иитэн таһаарбыт тыһаҕаһым этэ баара-суоҕа  130 тыһ. солк. турда. Ону биһиги, тыа сирин дьоно, сайыны быһа оттоон, кыһын устата көрөн-истэн баран бу кыра суумаҕа атыыламмытын кэннэ сири билбэт гына толору дьоллоох киһинэн ааҕынабыт.

+1
8
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: