Хоромньу толуйуллар
24.09.2024, 20:02
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:
Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Быһа линияҕа» кыттар.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгар тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах ыйытыылар эмиэ киирэллэр. Биллэрин курдук, быйыл сааскы халаан уута Нам оройуонугар улахан хоромньуну таһаарбыта. Ол да иһин, ити тиэмэҕэ анаммыт ыйытыы Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатыгар тахсыбыт хоромньуну хайдах толуйуу туһунан буолла.
Билигин 56 мөл тахса солкуобай үп ыытыллан, тыа хаһаайыстыбатын тутууларыгар, хотоннорго тахсыбыт хоромньуну толуйууга бэриллиэҕэ.
Санаттахха, быйыл сайын Нам улууһун отчуттара алаас, арыы сирдэринэн оттоон, былааннарын куоһарбыттара. Онон быйыл кыстыкка этэҥҥэ үктэнэр кыахтаахтар. Итиннэ эбии өссө тахсыбыт хоромньуну толуйаллара үчүгэй.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: