Хорообут нэһилиэгин историятын кинигэтэ таҕыста
Саха сирин нэһилиэктэрэ бэйэлэрин историяларын үйэтитиигэ киэҥ хабааннаах үлэлэри ыыталлар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгэ быйыл “Хорообут нэһилиэгэ. Бастакы кинигэ” кинигэни үбүлээн, бэчээттэтэн таһаарда.
— Нэһилиэкпит историятын сырдатар кинигэ тахсыбытыттан үөрэн олоробут. Бу үлэни 2017 сыллаахтан саҕалаабыппыт. Онно анал хамыыһыйа тэриллэн, кинигэ ис хоһоонун, хайдах матырыйаалы хомуйар туһунан быһаарсыбыппыт. Дьэ, ол кэннэ күүстээх үлэ саҕаламмыта. Кыраайы үөрэтээччилэрбит Светлана Ильина, Елена Санникова, Агафий Иванов, Татьяна Птицына, Антонина Тихонова, Тамара Семенова уонна “Эркээйи” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Марфа Птицына матырыйааллары хомуйууга, чопчулааһыҥҥа дьаныардаахтык үлэлээтилэр. Онон кинигэбит алтыс сылыгар чөкөтүллэн, бэчээттэнэн таҕыста. Бу кулун тутар 29 күнүгэр кинигэбит биһирэмин тэрийиэхпит, — диэтэ Хорообут нэһилиэгин баһылыга Гаврил Юрьевич Бродников.
Кинигэҕэ Карл Маркс аатынан уонна “Кыһыл сулус” холкуостар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыларын, үлэлэрин, олохторун туһунан суруллубут.
Үчүгэйэ диэн, нэһилиэктэрин историятын үйэтитэр баҕалаах буоланнар, хорообуттар кинигэ иккис чааһын таһаарар санаалаахтар. “Бүгүҥҥү Хорообут” диэн ааттыырбыт буолуо дэһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: