Хорсун байыаһы кэриэстээтилэр
Соторутааҕыта Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр байыаннай дьайыыга кыттыбыт Яковлев Иннокентий Иванович сырдык кэриэһигэр гиирэ успуордугар өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытыллан, бастыҥ спортсменнары түмпүтэ.
Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Ю.Комиссаров) бу патриотическай ис хоһоонноох успуорт түһүлгэтин бэркэ тэрийэн ыыппытын туһунан кыттааччылар кэпсииллэр. Ол курдук, байыас кэриэһигэр мемориальнай дуосканы арыйбыттар, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” испэктээги туруорбуттар.
Икки күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтар уонна призердар ааттара биллибит. Ол курдук, 65-тэн 80-тан үөһээ киилэ ыйааһыннаахтарга Адамов Валентин, Гаврил Игнатьев, Вячеслав Титов, Тимофеев Никандр, Алексей Тастыгин кыайыылахтарынан ааттаммыттар. Виталий Николаев (65 к.), Виталий Слепцов (70), Урсун Николаев (75), Эдуард Гоголев (80), Павел Макаров (80 үөһээ) — иккис миэстэҕэ, Олег Иннокентьев (65), Харысхан Протопопов (75), Максим Иванов (80), Дмитрий Долгунов (80 үөһээ) — үһүс миэстэҕэ тигистилэр. Онон сүрдээх тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар дэһэллэр.
Байыаннай дьайыы хорсун кыттыылааҕын Иннокентий Яковлев кэриэһигэр маннык таһымнаах күрэхтэһиилэр буола турдуннар, биир дойдулаахтара тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: