Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, хорсун буойун, Саха сириттэн, бүтүн Сибииртэн да буолуо – Постдамскай кэмпириэнсийэ уонна Нюрнбергскэй бырассыас соҕотох кыттыылааҕа, аан дойду дьонуттан биир бастакынан Гитлер бункерыгар киирэ сылдьыбыт, Берлинскэй-Потсдамскай кэмпириэнсийэ кэмигэр ССРС, АХШ, Англия — үс судаарыстыба баһылыктарыгар бочуоттаах харабылга турбут, дойду Главнокомандующайа Сталины кытта илии тутуспут, Рейхстаг үрдүнэн кыайыылаах Сэбиэскэй былаах тэлибирии анньылларын илэ хараҕынан көрбүт саха хорсун уола Василий Давыдович ИВАНОВ бу дьыл сэтинньи 24 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
Кини 1923 сыллаахха Бүлүү улууһун II Чочу нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1940 сыллаахха Бүлүүгэ орто оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускай куоракка кэлэн, Культпросветоскуолаҕа үөрэнэ киирэр. 1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар фроҥҥа ыҥырыллаары военкомакка барар да, хараҕынан, доруобуйатын уопсай туругунан, медхамыыһыйаны ааспат. 1942 сыл от ыйыгар, дойдутугар Бүлүүгэ Ааҕар балаҕан уонна нэһилиэк кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, өссө биирдэ төхтүрүйэн, медхамыыһыйанан эмиэ сыыйыллар эрээри, дьүккүөрэ бэрт буолан, бэйэтин баҕа өттүнэн оробуочай-крестьянскай аармыйа кэккэтигэр киирэр. Тута уот ортотугар баар буола түһэр — Сталинград кыргыһыытыгар 68-с гвардейскай аармыйаҕа автоматчигынан фашистары утары сэриилэһэр. Бааһырар. Ол кэнниттэн Соҕуруулуу-Арҕааҥҥы фроҥҥа МГБ пограничнай войскаларыгар отделение хамандыыра, кэлин Донской фроҥҥа 1-й гвардейскай аармыйа 38 гвардейскай дивизиятын разведчига. МГБ 4 ыйдаах куурустарын ааһан, 1944 сыллаахха 1-кы Белорусскай фроҥҥа ССРС МГБ войскаларын Кыһыл Знамялаах 38-с Померанскай полкатыгар взвод хамандыырын көмөлөһөөччүтүнэн буолар. Сэриини полкатын кытта 1945 сыл ыам ыйын 11 күнүгэр Берлин анныгар, Эльба өрүскэ түмүктүүр. Киһи сөҕөрө баар – фроҥҥа тылланан барарыгар 17-лээх уолчаан нууччалыы баара-суоҕа 20-чэ тылы билэрэ, оттон сэрии бүтэһик сылларыгар ньиэмэс тылын үөрэтэн, өстөөхтөрүн тыыннаахтыы билиэн тутан аҕалтыыр буолбута! Кини, 9 бойобуой наҕараадалаах кыайыылаах саллаат — элбэх араанньылаах, контузиялаах, сэрии инбэлиитэ 1948 сыллаахха (сэрии кэнниттэн Германияҕа Сэбиэскэй пограничнай войскаларга сулууспалаан баран) дойдутугар тыыннаах эргиллии үөрүүтүн билбитэ. Кини – Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанын, Аҕа Дойду сэриитин 1 ст. уордьанын, “Сталинграды босхолооһун иһин”, “Хорсунун иһин”, “Варшаваны босхолооһун иһин”, “Берлини ылыы иһин”, “Фашистскай Германияны кыайыы иһин” уонна икки төгүл “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэр кавалердара. Дойдутугар, ССКП райкома кинини САССР ИДьМ органнарыгар үлэҕэ ыытар. ССКП Бүлүүтээҕи райкомун Пленумун чилиэнинэн талыллар. 1959 сыллаахха Мирнэйгэ, алмааһы хостуур бырамыысыланнаска биэдэмэстибэ иһинээҕи охрана дивизионугар үлэҕэ ананар. Мирнэй куораты тутууну, балааккаҕа олорон саҕалаһар. 7 оҕолоох, элбэх сиэннээх дьоллоох ыал аҕата, эһээтэ 1976 сылтан Мирнэй куорат уонна Бүлүү куорат бочуоттаах гражданина. Октябрьскай Өрөбөлүүссүйэ уордьанын кавалера. 1989 с. САССР Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Хорсун үлэһит, көхтөөх уопсастыбанньык Василий Давыдович эйэлээх кэмҥэ уонна да үгүс-элбэх наҕараадалардаах. Кини 2011 сыл алтынньы 7 күнүгэр Орто дойду олоҕуттан барбыта. Мирнэй куоратыгар көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүтэ.
Ити сыл оҕолоро, сиэннэрэ хорсун буойун, амарах аҕа, эйэҕэс эһээ В.Д. Иванов “Я вернусь, мама!…” (под ред. Марии Павловой. 2011 г.) диэн ахтыы-кинигэтин бэчээккэ таһаартарбыттара. Сотору буолан баран, “Мин эргиллиэм, ийээ!” диэн кинигэ сахалыы тылбааһын суруналыыстар Татьяна Маркова, Саргылаана Данилова оҥорбуттара.
Кинигэттэн быһа тардыы: “…бандеровецтар сылдьан ааспыт дэриэбинэлэрин таарыйбыппыт – ынырык да, дьулаан да көстүү турара… Тулата барыта урусхалланан, биир да тыынар-тыыннааҕы ордорбокко кыдыйан, дьиэ бөҕөтүн уматан, ыалы-ыалынан дьиэлэриттэн таһааран ытыталаан, оҕо-оҕонньор диэн аһыммакка имири эһэн, хомуньуустары, сэбиэскэйтэн боломуочуйалаах дьону сордоон-муҥнаан, соруйан көстөр сиргэ ыйаталаан… амырыын көстүү этэ. Дэриэбинэ хаба ортотугар болуоссакка милиционеры, холкуос бэрэссэдээтэлин уонна комсомольскай ячейка сэкирэтээрин үһүөннэрин кэккэлэһиннэри ыйаабыттар. Кинилэргэ түөстэригэр, «Кыһыл ыттар өллүннэр», диэн тыллардаах суругу кэтэрдибит этилэрэ… Эсэсовецтартан үөрэммит “быһыылара” буоллаҕа!”.
Маннык тыллартан киһи куйахата күүрүөх курдук… Соччонон, кыһыйан-абаран туран, бу сир үрдүгэр фашизм диэн суох буоллун, диибит. Хорсун буойун Василий Давыдович Иванов эйэлээх олоххо, оскуола үөрэнээччилэрин, ыччаттары кытта көрсүһүүтүгэр, бэйэтин да оҕолоругар куруутун: “Кылаабынайа – сэрии буолбатын!”, — диирэ. Кэрэ ааттаах Мирнэй куораты тутуспутунан, манна олорбутунан, үлэлээбитинэн киэн туттара. Биир кыыһыгар Мира диэн ааты биэрбитэ.
Чуолаан бу Мира Васильевна кыргыттарын Мария уонна Маргарита көҕүлээһиннэринэн, быйыл эһээлэрин 100 сылынан, “Я вернусь, мама!…” ахтыы-кинигэтэ хос бэчээттэннэ. Өссө 2014 сыллаахха буойун сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ ыччат бастыҥ патриотическай бырайыактарыгар анаан “Именная стипендия солдата Василия Иванова”, 2015 сыллаахха бастыҥ сочинениены суруйбут оскуола үөрэнээччилэригэр “Саллаат Василий Иванов бириэмийэтин” олохтообуттара.
Оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта, сэтинньи 24 күнүгэр, эһээлэрин 100 сылынан, Емельян Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын историятын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах мусуойугар, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кыттыыларынан, өйөбүллэринэн, хорсун буойун Василий Давыдович Иванов мундирын көрдөрөр экспозиция аһыллыыта буолла.
Бу дьоһуннаах тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов, буойун-интернационалист, Афганистаҥҥа бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара Юрий Бережнов, бу бырайыак ааптара – В.Д. Иванов байыаннай киитэлин куопуйатын бэлэмнээбит Лариса Артемьева, хорсун буойун аатын үйэтитиигэ кыттыспыт суруналыыстар Мария Сергеева, Афанасий Гуринов-Арчылан, Василий Давыдович сиэннэрэ Мария Васильевна Попова, Маргарита Васильевна-Илаан Кындыкаан, сиэн быраата Петр Гаврильевич Иванов уонна Дьокуускайдааҕы Кадетскай оскуола курсааннара кытыннылар. Александр Григорьевич Подголов, маннык тэрээһиннэр олус наадалаахтарын, ордук, үүнэн иһэр ыччаттарбыт аҕа көлүөнэлэр дьоруойдуу олохторун билиэхтээхтэрин, чуолаан бу Василий Давыдович курдук төрөөбүт дойдуларын олус таптыыр, дойдуларыгар бэриниилээх дьон чаҕылхай олоҕо ыччаты патриотическай иитиигэ үтүө холобур буолалларын бэлиэтээн эттэ. Курсааннар Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит хорсун буойун Василий Давыдович Иванов бойобуой суолун, эйэлээх олоххо ситиһиилэрин, кини аатын үйэтитиигэ өссө туох оҥоһуллуон сөбүн туһунан олус интэриэһиргээн, тэрийээччилэргэ, буойун сиэннэригэр уонна суруналыыстарга үгүс ыйытыылары биэрдилэр, толору хоруйдары ыллылар.
Хорсун буойун кыргыһыыга барарыгар, “Мин эргиллиэм, ийээ!”, — диэбитэ уонна тылыгар турбута.
Татьяна МАРКОВА.
Хаартыскалары Мария Васильевна Попова тиксэрдэ уонна ааптар түһэриилэрэ.
Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…