Хорсун быһыы

Хорсун быһыы

Ааптар:
11.08.2023, 12:30
Хаартыска Т.Горохова-Кобельянова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

 Сахабыт сиригэр күннэтэ дьон-сэргэ хорсун быһыылары оҥорор.

Сайын ортото Бүлүү өрүспүт уута түһэн сөтүөлүүргэ, сөрүүкүүргэ бэртээхэй сиринэн кырылас кумахтаах пляжпыт буолар. Куйаас күннэр сатыылаан турар кэмнэригэр оҕо, дьон бары манна кэлэллэр. Атырдьах ыйын 7 күнүгэр эмиэ буоларын курдук оҕолор оонньуу-көрүлүү сылдьаннар, дириҥ хомоҕо түбэһэн ууга былдьана сыспыттар. Аттыларыгар ГИМС үлэһитэ Василий Петров баар буолан иэдээн тахсыбата. Онтон от ыйын 27 күнүгэр эмиэ бу сиргэ бэлисипиэттээх үс обургу уол сөтүөлүү кэлбит. Олортон биирдэстэрэ ууга тыын былдьаһа сылдьарын көрөн, милиция бэтэрээнэ Владимир Афанасьев быыһыы сүүрбүтүн дьонтон истэн сырдатарга сананным. Болуодьа кыыһа Кайса маны барытын көрөн турбут. Баһылай уонна Болуодьа бэрт түргэнник ыччаттарбытын быыһаабыттар. Кинилэр биһиги аттыбытыгар сылдьар дьоруойдарбытынан буолаллар.

Сунтаарбыт дьоно пляжка киирээт сөтүөлүүргэ ыксаабакка тэйиччинэн киирээриҥ. Манна дириҥ хомолордоох эбит. Хата, оҕолор дьоллоругар милиция бэтэрээнэ, ГИМС үлэһитэ баар буоланнар аанньал кэриэтэ буоллахтара.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Хаартыска Т.Горохова-Кобельянова тиксэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: