Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан, Улуу Кыайыы 80 сылынан Суотту орто оскуолатыгар долгутуулаах тэрээһин буолла. Бу Ленинград блокадаттан босхоломмута 81 сылыгар аналлаах хорсун быһыыга сүгүрүйэр өйдөбүл тэрээһин.
Тулхадыйбат хорсун быһыыны үйэтитэр тэрээһиҥҥэ 5 (кылаас салайааччыта Пермякова Е.В.) уонна 6 кылаас үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Константинова А.Е.) кыттыыны ыллылар. Кинилэр оччолорго аччык, аас-туор кэмнэргэ дьон хайдах олорбутун, төһө нуорма килиэп олохтоохторго тиксэрин, уо.д.а. кэпсээтилэр. Блокада оҕолорун дьылҕаларын, Таня Савичева күннүгүн туһунан 7 кылаас үөрэнээччилэрэ (кыл.салайааччыта Оконешникова Л.И.) билиһиннэрдилэр. 9 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччылара Копырина А.И., Бубякина В.А. кытта П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар туруоруллубут И.Гоголев-Кындыл суруйуутунан «Кэрэ көмүскэлигэр» испэктээги көрөн Саха сириттэн Ленинград блокадатыгар кыттыбыт Н.Островскай аатынан театральнай институт устудьуоннарын курус дьылҕаларын кэпсээтилэр, испэктээк туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Санкт-Петербург куоракка бу соторутааҕыта эрэ сылдьан, блокада устуоруйатын кэпсиир бэлиэ сирдэри көрөн, элбэҕи билэн кэлбит 10 кылаас үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Бубякина С.В.) бэлэмнээбит матырыйааллара, кэпсээннэрэ көрөөччүлэр болҕомтолорун тарта. Онтон 11 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччыта Егорова К.М. кытта күн бүгүн Санкт-Петербурга сылдьаллар. Кинилэр блокада тиэмэтин арыйар видеонан оҥорбут итэҕэтиилээх устуулара сэҥээриини ылла.»Ленинград блокадатын кыттыылааҕа» м этээлинэн наҕараадаламмыт, 1940-1942 с.с. Ленинградтааҕы Н. Островскай аатынан театральнай институт устудьуона Ксения Васильевна Гаврильева хос сиэннэрэ, 11 кылаас үөрэнээччитэ Захаров Арсен, 9 кылаас үөрэнээччитэ Захарова Саша эбэлэрин туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылара устуоруйаны кэрэһилиир тэрээһин ис хоһоонун дириҥэттилэр.
Оскуола дириэктэрэ Петухова И.М. түмүккэ оҕолорго махтанна уонна Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу тулхадыйбат холобурунан буолбут Ленинград куорат устуоруйата умнуллуо суохтааҕын эттэ. Мин бу тэрээһиҥҥэ кыттан 2024 с. тахсыбыт «Театр. Якутия. Ленинград» кинигэ ис хоһоонун билиһиннэрдим. Дириҥ ис хоһоонноох тэрээһини оскуола педагог-бибилэтиэкэрэ Бочкарева З.Н. бэлэмнээн, тэрийэн ыытта.
Раиса Черкашина,
Суотту модельнай бибилэтиэкэтэ, Уус Алдан.
Феодосия Сыроватская хаартыскаларга түһэриитэ.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…