Соторутааҕыта Арассыыйа 1 ханаала Запорожье туһаайыытынан ВСУ тиэхиньикэлэрин кэккэтин соҕотоҕун үлтү сынньыбыт «Алеша» тааҥка экипаһын кытары көрсүбүтүн устан таһаарбыта. Ол туһунан биһиги саайтпытыгар тахсан турар.
Оттон атырдьах ыйын 5 күнүгэр, субуотаҕа, «Алеша» тааҥка экипаһа судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриллибит. Арассыыйа Дьоруойун аатын Расим Баксиков, Александр Леваков уонна Алексей Неустроев ылаллар.
«Биһиги ыччаппыт. Тыа сирин ыччата» диэн улаханнык долгуйан уонна киэн туттан туран Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир. Кини хорсун байыаһы кытары көрсүөҕэ.
Сиһилии бу туһунан суруйбут KP.RU бэлитиикэни ырытааччыта Александр Гамов Неустроев дойдутугар, Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаевка төлөпүөнүнэн эрийбит.
…- Айсен Сергеевич, соторутааҕыта «Алёша» тааҥка экипаһа, ол иһигэр Саха сириттэн эһиги уолгут Арассыыйа Дьоруойун аатыгар түһэриллибиттэрин туһунан иһитиннэрии кэллэ. Бу улахан бэлиэ түгэнинэн эһигини эҕэрдэлиибин. Бу уол дьонун кытары билсэ сырыттыгыт дуо?
-Биһиги, бүттүүн Саха сирэ, дойдулаахпытын Алексей Неустроевы уонна кини бойобуой доҕотторун хорсун-хоодуот, дьоруойдуу быһыыларын иһин, Оборуона миниистирэ Арассыыйа Дьоруойугар түһэрбититтэн киэн туттабыт.
Аан дойду бүттүүнэ бу хорсун быһыыны кэтээн көрбүтэ.
Билэр дьонум Кытайтан кэллилэр. Кытайдар бу хорсун-хоодуот быһыы туһунан уһуллубутун биһиэхэ кытта көрдөрбүттэрэ диэн кинилэр кэпсээбиттэрэ. Арассыыйаҕа маннык Дьоруойдар баалларыттан үөрэллэр, киэн тутталлар. Биллэн турар, биһиги Алексей Неустроев дьоно-сэргэтэ Уус Алдантан буолалларын билэбит.
<…>
-Оттон тааҥканы тоҕо «Алеша» диэбиттэрий, онно наводчик Алексей Неустроев баарын иһин дуу, өссө да атын Алеша онно баар эбит дуу?
— Ону мин чопчу эппэппин.
— Мин эһигиттэн дьоруойдуу быһыыны оҥорбут экипажка — Алеша диэн ааттаах олус бэртээхэй саха ыччата баар диэн ыйыппыппар эһиги мичээрдээбиккит… Бу ааты тааҥкаҕа биэрбиттэр уонна бу тааҥканы аан дойдуга билэллэр, Индияҕа репотраж оҥорбуттар, Кытайга билэллэр. Түүн биир чаас буолла, онон мин эһигини өр туппаппын. Эһиги Алешаҕытын кытары кэпсэтэр инибит диэн эрэнэбин.
<…>
Сиһилии манны ааҕыҥ: http://WWW.KP.RU: https://www.kp.ru/daily/27538.5/4804487/
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…