Салгыы
Хорсун хамандыыр сырдык аата үйэтитилиннэ

Хорсун хамандыыр сырдык аата үйэтитилиннэ

Ааптар:
29.09.2023, 15:00
Хаартысканы Виктория Контоева тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах саҥа искибиэр балаҕан ыйын саҥата Уус Алдан улууһун киинигэр аһыллыбыта. Искибиэргэ саха хоһуун ыччата, байыаннай дьайыыга сылдьан дьоруойдуу охтубут улуус чаҕылхай ыччата, хорсун хамандыыр Василий Даниловка аналлаах өйдөбүнньүк туруоруллубута. 

Өстөөҕү кытта кырык­таах киирсии кэмигэр бо­­йобуой доҕотторун, ол иһигэр Саха сириттэн мобилизацияланан барбыт биир дойдулаахтарын быыһыы сылдьан сырдык тыына быстыбыт Василий Данилов сырдык аатын үйэтитиигэ киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар. Бу күннэргэ Дьокуускайга «Набережнай» атыы-эргиэн киин эркинигэр Василий Данилов мөссүөнүн уруһуйдаатылар. Маны таһынан, билигин «Я в тылу не останусь» диэн кинигэ суруллан бэчээккэ бэрилиннэ. Онон, өрөспүүбүлүкэ  салалтата уонна уопсастыбаннас саха хорсун буойунугар   “Арассыыйа Дьоруойа» үрдүк  ааты иҥэриигэ туруорсуулара салҕанар.

Ааспыт ый саҥата Василий  Бороҕоҥҥо оҕо буолан сүүрбүт-көппүт хонуутугар, сөтүөлээбит, балыктаабыт күөлүн аттыгар биир дойдулаахтарын сүгүрүйэр бэлиэ­лэрэ таас өйдөбүнньүк туруо­рулунна.  Өйдөбүнньүк ааптардарын толкуйдарынан, Василий ахтылҕаннаах дойдутугар эргиллэн, уһун, сылаа­лаах айантан сынньана олорор диэн. Ол олорон арааһы эргитэ саныыра хараҕар көстөргө дылы. Онно баар төрүт сиргэ эргиллии үөрүүтэ, онно баар эдэр киһи араас ыараханы, алдьархайы көрбүт, бойобуой доҕотторун сүтэрбит аһыыта, күн сиригэр кылгастык олорор дьылҕатын хомолтото….

Скульптордардыын көрсүһүү

Худуоһунньук-скульптордар Петр Эляков, Владислав Бурцев уонна Владимир Левин сыл аҥаарыттан ордук кэм устата үйэлээх таастан саха саллаатын чочуйан таһаардылар. Бүгүн кинилэр – хаһыаппыт ыалдьыттара.

Уустар чааһынай дьиэ гараа­һыгар баар мастарыс­кыайдарыгар мустан саҥа үлэлэрин былаанныы сылдьалларыгар түбэһэ кэлбитим. Кинилэр саха суруйаач­чыта В.Е.Васильев-Харысхал өйдөбүнньүгүн саҕалаан айар үлэ ухханыгар сылдьаллара.

Өйдөбүнньүк ааптардара – үһүөн худуоһунньуктар. Тааттаттан төрүттээх Петр Эляков  Дьокуускайдааҕы уруһуйдуур-дьүһүннүүр училищены бүтэрбит. Уус Алдаҥҥа төрөөбүт, улааппыт Владислав Бурцев уонна Амма талааннаах уола Владимир Левин – Намнааҕы педагогическай училище выпускниктара. Кэлин тааска сыстан скульптор быһыытынан үлэлии сылдьаллар. Бэйэлэрин норуот скульп­тордарабыт диэн ааттаналлар. Саха сирин араас улууһугар 30-ча айымньылара туруо­рулунна. Ол курдук, Лөгөй, Майаҕатта Бэрт Хара курдук сүдү дьону, айылҕа мааны кыылларын, таастан уран айымньылары айан таһааран үйэлэргэ хааллардылар. Элбэх үлэлэрэ Амма Солобуодатыгар анаммыта. Бу сайын ыраах Эбээн-Бытантайга саха оҕуһугар таас өйдөбүнньүк оҥорон кэлбиттэр. Сакаасчыт быһыытынан биир үксүн нэһи­лиэк, улуус дьаһалталара тахсар эбиттэр. Маастардар биир­диилээн да дьону кытта үлэлэһэллэр. Владимир Левин остуолга турар сувениры, сахалыы тыыннаах өйдөбүнньүк бэлэҕи эмиэ бэркэ табан оҥорор. Кини уран оҥоһуктарын Ил Дархан  Айсен Николаев элбэх үрдүк сололоох ыалдьыкка утары уунан турар. Ол бэлэх Саха сирин сирэйдээн араас эрэгийиэнинэн, тас дойдунан тарҕаммыт.

Василий тааһынан уобараһын чугас дьоно долгуйа ылыннылар

Уус алданнартан Василий Данилов өйдөбүнньүгүн оҥорор үлэ киирбитигэр, балачча толкуйга түспүттэр. Бу иннинэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын үйэтитэр үлэҕэ ылса иликтэр эбит. Уустуктартан биирдэстэрэ – аныгы сэрии сэбин, саллаат экипировкатын оҥоруу буолбут.

Е.М.Ярославскай аатынан түмэл  дириэктэрэ Николай Бугаев эспэнээттэртэн ба­­йыаннай бронежилеты уларсан улаханнык  өйөөн турарын кэпсээ­тилэр. Харабыыны интэриниэт­тэн көрөн үөрэппиттэр.  Петр Эляков байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уолун бэрчээккитин, берцытын үтүгүннэрэн оҥорбуттар. Василий саха эр киһитэ буоларын быһыытынан быһахтаах буоллун диэн буолбут. Сахатын быһаҕа анал харысхаллааҕа – эмиэ бэлиэ көстүү.

Аан бастакы макекка Василий элбэх бойобуой доҕотторун быыһаабыт дьоруойдуу быһыылара сүрүн сюжет буолбут. Буойун күүстээх санныгар бааһырбыт саллааты сүгэн турар уобараһа этэ. Ол эрээри, Василий аймахтарын кытта сүбэлэһии кэннэ саҥа макекка уларыппыттар. Оҕобут барахсан үйэ саас тухары ыарахан сүгэһэрдээх туруо дуо, кута дойдутугар эргиллэн чэпчэкитик, сынньалаҥнык сылдьара ордук диэн сөптөөх санаа баһыйбыт.

Өйдөбүнньүгү  кыһын тымныыга Петр Эляков дьиэтигэр көһөрөн киллэрэн үлэлээбиттэр. Эдэр сааһыгар өстөөҕү кытта хабыр хапсыһыыга сырдык тыына быстыбыт киһини тааһынан айан-чочу­йан таһаа­рыы, биллэн турар, сүрэҕи, санааны баттыыр, санньыар турук, ону кэккэ уһулуччу эппиэ­тинэс, буоллаҕа. Элбэх толкуй уонна мөккүһүүлээх да түгэннэр кэннэ маастардар дууһаларын ууран туран үлэлээбиттэрэ айымньыларыгар тута көстөр. Улахан үлэ түмүгэр айыллан тахсыбыт. Василий тааһынан уобараһын чугас дьоно, биир дойдулаахтара долгуйа ылыннылар, махтаннылар.

“Василий чэпчэкитик табылынна”…

Скульптордар уол уҥуо­ҕун-иҥиэҕин анаан туран үөрэппиттэр. Кинилэр табыллар быаларыгар, Василий биир дойдулааҕа, маастардартан биирдэс­тэрэ Владислав Бурцев байыаннай уолга уһун уҥуоҕа, сирэ­йин быһыыта, дьүһүнэ майгынныыр буолан биэрбит. Онон Владиславы элбэхтик туһаммыттар.

Скульптура сүрүн матыры­йаала бетон. Уопсайынан, кэнники сылларга өйдөбүнньүгү оҥорорго саҥа матырыйаал элбээбитэ үйэтитии боппуруоһугар олус көмөлөөх буолла.

Үлэлиир кэмнэригэр  Василий кэргэнэ Нарыйаана, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Марина элбэхтик кэлэн билсэ турбуттар, көмө буолбуттар. Биир күн үүт-үкчү аҕатын курдук Василий улахан кыыһа Дайаана кэлсибит. Алтатын саҥа туолбут кыра  киһи өйдөбүнньүгү алларааттан көрөн турбут уонна «мин аҕабар майгыннаабат» диэн бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр киһи буолан биэрбит. Ол кэннэ скульптордар алларааттан көрүүгэ Василийга майгыннатыыга үлэлэһэн барбыттар.

Хаартысканы Виктория Контоева тиксэрдэ

Үс скульптор үһүөн эһээлэрэ, абаҕалара Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ уонна  байыаннай дьайыыга сылдьар чугас аймахтаах буолан, бу үлэни уратытык ылынан туран оҥорбуттар. Василий чэпчэкитик табылынна дииллэр. Ол аата, уол санаата ыраас, майгыта көнө диэн сыаналыыллар. Айар үлэҕэ араас түгэн баар буолар. Нүһэр, ыарахан салгыннаах киһи түбэһэн үлэ атахтанара, бытаарара эмиэ баар.

Саха талба талааннара Петр Эляков, Владислав Бурцев уонна Владимир Левин байыннай дьайыы Дьоруойа, хорсун быһыы, модун санаа бэлиэтэ буолбут хамандыыр, разведчик Василий Даниловы сырдык аатын, ыраас мөссүөнүн үйэтитэр улахан суолталаах үлэҕэ сүҥкэн кылааттарын иһин Уус Алдан дьаһалтатын, улуус бары олохтоохторун, кэргэнин Нарыйаана, оҕолоро Дайаана, Сайнаара, аймах-билэ дьоннорун, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарын уонна чугас доҕотторун аатыттан барҕа махтал буолуохтун! Айылҕа маанылаан анаабыт та­­лааҥҥыт арылла турдун, өссө даҕаны элбэх үйэлээҕи айа-тута сылдьыҥ!

+1
15
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: