Хорсун хамандыыр Василий Данилов (иккис чааһа)

Share

Бастакы чааһын манна ааҕыҥ.

Василий Данилов – старшай сержант, “Хорсун быһыы иһин” уордьанынан, “За боевые отличия” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Украинаҕа саха уолаттарын көрөн-истэн, араҥаччылаан илдьэ сылдьыбыта, бааһырбыт байыастары уот анныттан эт санныгар көтөҕөн таһааран, өлөр өлүүттэн элбэхтик быыһаан турар. Олоҕун толук биэрэн туран, доҕотторун быыһаабыта. Дьоруой аата ааттаныахтаах, хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллуо суоҕа!

Суруналыыс Виктория Контоева күтүөтүн туһунан ахтыытын таһаарабыт.

Хаартыска: В.Контоева архыыбыттан.

Парашютист беседката

Биһиэхэ, үс кыыстаах ыалга, сүгэр-көтөҕөр үлэҕэ эр киһи көмөтө өрүү наада. 2019 сыллаахха чааһынай дьиэҕэ көһөн баран, кэргэним күтүөтүн күн аайы саныыр буолла.

Атыыласпыт дьиэбит гарааһыгар массыына нэһиилэ батан киирэр, истиэнэтэ чап-чараас, кыһынын тымныы. Үөһэ өттүгэр үчүгэй баҕайы беседкалаах. Киһи көтүрэн быраҕыан баҕарбат. Гарааһы көтүрэргэ, беседканы ыспакка, сиргэ түһэрэн сынньанар сир оҥосторго диэн буолла. Дьэ уонна Васябытын күүт да күүт. Ити 2020 сыл күһүнэ этэ.

Уолбутугар нэһиилэ уоппуска биэрдилэр. Ол сарсыныгар Вася оҕотунаан Дьокуускайга көтөн кэллилэр. Наймыласпыт биригээдэ гараас тутар буолла. Уһаайбаҕа үлэ күөстүү оргуйда.

Васяны кытта бииргэ алтыспыт, тутууга үлэлээбит дьоно харса суох этэ дииллэр. Сатаа-сатаама түһүнэн иһэр. Онон байыаннай дьайыыга да оннук сылдьыбыт буолуохтаах диэн этэллэр. Кырдьык да оннук. Буулдьа аннынан дьону быыһыы киирээччи — кини. Саамай уустук сорудахха барааччы — кини.

Беседканы ыспакка, гараастан араарыы түбүгэ буолла. Кран-массыына кэллэ. Беседка аллара өттүн гараастан араардылар. Аны үөһэ түөрт муннугуттан трос быанан баайан көтөхтөрүөххэ наада. Вася синньигэс биилигэр страховка курдук быа баанна, ону краҥҥа ииллилэр. Дьэ уонна уол гараас үөһэ турар беседка сарайыттан сыыллан, муннукка трос баайа түстэ. Кутталыын…

Аны туран, беседканы кранынан туттаран баран, атын сиргэ тиэйии баар. Баран иһэн салгыҥҥа тэйбэҥнээн, дьиэҕэ охсуллуон сөп. Онон үөһэ хонтуруоллааччы наада. Онон Вася беседканы кытта «көтүһэр» буолла.

Спецназ разведкатын байыаһа парашютунан элбэхтик ыстаммыт буолан, үөһэттэн куттаммат эбит этэ. Кэлин мэтээллэрин бэрийбиппит, онно «Туйгун парашютист» диэн бэлиэ баара.

Вася бу иннинэ беседка түһүөхтээх оннун кыһыл кумахтаан, гравийдаан оҥорбута. Онно беседка көтөн кэлэн, лоп курдук миэстэтигэр олорбута. Күтүөт уол кыаҕыттан, харса суоҕуттан тутааччылар соһуйуу бөҕө. Аҕа кынна астынан, Вася саннын кэлэн таптайар да таптайар.

Сарсыҥҥытыгар уол беседканы бэртээхэй бэйэлээхтик муосталаабыта. Остуол ньуурун курдук көнө муоста буолбута. Хас да сыл буолла турбута, ханан да арда аппыта, хоппойбута диэн суох. Септик да боппуруоһун үөрүйэхтик туттан-хаптан, ситэрэн-оҥорон кэбиспитэ.

Вася беседкатыгар саас аайы кини аймахтарын, оҕолорун кытта шашлыктыыр үгэс олохтуохпут, уолбутун саныахпыт, ахтыахпыт…

Күндэлэс күннээх тиһэх сайын

Вася тохсус сылын байыаннай систиэмэҕэ үлэлии сылдьар буолан, байыаннай эпэрээссийэ хара саҕаланыаҕыттан, утары турсуу сиригэр бирикээһинэн утаарыллыбыта. Биһиги уонна кини чугас дьоно уол туһугар долгуйар ыгым күннэрбит үүммүттэрэ. Ону сэргэ, иккис оҕотун күүтэр кыыспыт туһугар эмиэ санааргыыр этибит.

Нарыйа Дайаанатынаан Хабаровскайга баар дьиэлэригэр аҕаларын күннэтэ көһүтэ, иккиэйэҕин эрэ хаалбыттара. Уол сибээскэ таҕыстаҕына, чугас аймахха үтүө сонун, сэргэхсийии, уоскуйуу буолара.

Муус устар ыйы быһа Вася суруйбат да, төлөпүөннээбэт да буолан хаалла. Кыыспыт долгуйар, ыксыыр. Мин оҕом туһугар уонна ис иһигэр баар кырачааҥҥа тэҥинэн долгуйабын. Уол байыаннай чааһа тугу да биллэрбэт. Ол күннэргэ Нарыйа балыыһаҕа киирдэ. Бэйэбит — манна, сүрэхпит — онно. Алаадьы буһаран, сахалыы көрдөһөрбүтүгэр эрэ тиийэбит…

Биир күн Нарыйа эрийдэ. «Маама, Вася төлөпүөннээтэ. Барыта үчүгэй диэтэ. Туох да сибээһэ суох сиргэ байыаннай сорудахха сылдьыбыттар», — диэн оҕом дьолломмут куолаһынан биллэрдэ. Дьэ, ыйы быһа ыгылыйыыга сылдьыбыт дьон чэпчии түстүбүт.

Кыра киһибит бэс ыйыгар кэлиэхтээх. Вася оҕом төрүүрүгэр хайаан да уоппуска, эбэтэр, “отгул” ылан дьиэлээбит киһи диэн салалтатыттан көрдөһөр эбит. Ол эрээри дьоно “ээх да, суох да” диэбэккэ эрэйдээбиттэр.

Кырачааммыт аҕыйах күнүнэн эрдэлээн төрөөтө. Эдэр ыалга кыыс оҕо күөх окко төкүнүс гына түспүт үөрүүтэ тосхойдо. Дьэ, доҕоор, аны Васябытын оҕоломмутунан уоппускаҕа ыытар буолбуттар диэн иккис үчүгэй сонун тирилээн кэллэ.

Мин уоппускабын эрдэ былааннаабыт буолан, оҕуруоппун сыыһа-халты олордоот, оҕолорбунаан Хабаровскай диэки көтө турдубут.

Анаабыт курдук, биһиги Дьокуускайтан көтөн кэлэр сарсыардабытыгар Вася самолета Москваттан кэлэн түстэ. Аэропорка көрсүһүү буолла. Васябытын кытта бииргэ куоракка тахсыбыппыт. Аҕатын олус күүскэ ахтыбыт, салгыбакка күннэтэ күүппүт биэстээх Дайаана күндү киһитин көрөн, долгуйан ытаабытын хаһан да умнуом суоҕа…

Вася сыта түстэ дуу, суох дуу, сотору буолаат, төрүүр дьиэ диэки Нарыйалаахха сатыы элэстэнэ турбута. Наһаа да үөрүүлээх күннэр этэ, бу санаатахха. Вася үөрүүтүттэн көтө сылдьар курдуга. Дьиэтигэр, оҕотугар, кэргэнигэр кэлбит буоллаҕа. Саҥа киһи төрөөһүнэ, бастакы долгутуулаах көрсүһүү, ама, туохха тэҥнэһиэй?..

Мин киэҥ соҕустук миин уонна алаадьы буһара хааллым. Саллааты уонна саҥа төрөөн сытар Нарыйаны үчүгэйдик аһатар соруктаахпын. “Выписка” малын атыылаһыыга Вася барытын бэйэм дьаһайыам диэбитэ. Онон төрүүр дьиэҕэ ас аҕалан, түннүгүнэн Нарыйабытын көрөн баран, кыра кыргыттары кытта Хабаровскай устун күүлэйдээтибит.

Ити күннэргэ Васялыын анараа буола турар быһыы-майгы туһунан элбэҕи кэпсэппиппит. Мин сэриигэ сылдьар киһи уларыйбыта буолуо дии санаабытым. Ол эрээри, Вася бэйэтэ бэйэтинэн этэ. Кэлин кыыспыттан эмиэ ыйыппытым, уол баҕар ыарахан, нүһэр майгыламмыт буолуон сөп диэн ийэ киһи долгуйар курдугум. Онно Нарыйа: «Суох, Вася өссө ордук сымнаабыт, биһиэхэ кыһамньылаах, болҕомтолоох буолбут» диэбитэ. Бу кэлин санаатахпына, сэриигэ арааһы көрбүт киһи олоҕу, оҕолорун өссө күндүтүк санаабыт, сыаналаабыт буолуон сөп. Саамай чугас, тапталлаах дьонун кытта тиһэх сайына буоларын ханан эрэ сэрэйэн, хас биирдии күнүн дьолго тиксии курдук ылыммыта буолуо дии саныыбын…

Хаартыска: В.Контоева архыыбыттан.

Сайын кыыһын Сайнаараны көрсүү

Саҥа төрөөбүт кырачааммытын уонна номнуо икки оҕо ийэтэ буолбут Нарыйабытын төрүүр дьиэттэн таһаарар үөрүүлээх күммүт тиийэн кэллэ. Кыыс эппитэ дуу, уол бэйэтэ толкуйдаабыта дуу, Вася хоһун наһаа үчүгэйдик киэргэттэ. Мин куукунаҕа бэрэски буһаран тиритэ-хорута сылдьабын.

Күнүс бары киэргэнэн, “выпискаҕа” бардыбыт. Төрүүр дьиэҕэ оҕолор табаарыстара эмиэ кэлбиттэр. Сибэкки, плакат, саарык аҕалбыттар, бу маладьыастары! Бары үөрүү, долгуйуу бөҕө.

Сотору буолаат, Васяны иһирдьэ ыҥырдылар. Төрүүр дьиэ эргэ, кыараҕас уонна элбэхпит бэрт буолан, биһиги таһырдьа хааллыбыт. Дьэ, Вася кыһыл кыыһын көтөхпүтүнэн, үөрүөҕүнэн үөрэн, сырдыаҕынан сырдаан, тахсан кэллэ. Кини кэнниттэн Нарыйа сыл аҥаара буолан баран, тапталлаах кэргэнин саҥа көрсөн, уулаах харахтаах ааҥҥа көһүннэ. Мин оҕом ытаабытын көрөн, уйадыйдым.

Массыынабытыгар толору симиллэн, дьиэбитигэр айманан-сайманан кэллибит. Эдьиий буолбут Дайаана уонна биһиги кыра кыыспыт Туйаарыма кыһыл оҕону көрөн, соһуйуу-өмүрүү бөҕөлөр, былдьаһа-былдьаһа сирэйин өҥөйөллөр.

Вася иккис оҕото буолан, уопуттааҕа биллэр. Ол күнтэн оҕо суутун сууйан саҕалаата, түүн иккиэн көрөллөр. Уол хайаан да турсар.

Нарыйа кэлин кэпсээбитэ. Арай уутун быыһынан иһиттэҕинэ, түүн Вася оҕотун көтөҕөн олорон: “Мин эйигин биэс күн эрэ билэбин уонна тоҕо маннык күүскэ таптыыбыный?” — диэн кыһыл кыысчаанын ымманыйа, таптыы көрө олорон, сибигинэйэн саҥарара үһү. Вася “сайын кыыһа Сайнаара” диэн сүрэхтээбит оҕотун үс эрэ ыйыгар диэри көрүөхтээҕин, ол олорон хантан билээхтиэй…

Күтүөппүт барахсан, кыра кыыс төрөөбүтүнэн ылбыт уоппускатын кэннэ оҕолорун, кэргэнин бүтэһигин кууһан, сыллаан баран, баҕарбакка буола-буола балаҕан ыйыгар эргиллибэт айаныгар туруммута…

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

8 часов ago