Василий Данилов – старшай сержант, “Хорсун быһыы иһин” уордьанынан, “За боевые отличия” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Украинаҕа саха уолаттарын көрөн-истэн, араҥаччылаан илдьэ сылдьыбыта, бааһырбыт байыастары уот анныттан эт санныгар көтөҕөн таһааран, өлөр-өлүүттэн элбэхтик быыһаан турар. Олоҕун толук биэрэн туран, доҕотторун быыһаабыта. Дьоруой аата ааттаныахтаах, хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллуо суоҕа! Суруналыыс Виктория Контоева күтүөтүн туһунан ахтыытын таһаарабыт.
Ураты билсиһии
Улахан кыыспыт уолламмытын туһунан биһиэхэ аһаҕастык кэпсээбэтэҕин да иһин, мин сэрэйбитим. Киэргэнэр, аһын көрүнэр, барар-кэлэр, хоһугар бэлэх мал көстүтэлиир буолбута. Мин кыыс эрдэ кэргэн тахсыа, идэтэ суох хаалыа диэн, уолланары биһирээбэппин.
Саҥа дьыл өрөбүллэригэр Нарыйа “эбэм аахха Хатаска хас да күн буола бардым” диэбитигэр, үөрүүнү кытта ыыттыбыт. Сарсыныгар хотуммун кытта кэпсэппиппит, арай, кыыспыт кинилэргэ олох да суох буолан биэрдэ.
Мин дэлби кыыһырдым. Көр, оҕолору курдук албыннаабыт, тугу да эппэтэх. Уопсайынан, оччолорго ийэ быһыытынан ирдэбиллээх, кытаанах соҕус этим. Оннук соччото суох эбит диэн кэлин өйдөөбүтүм.
Киэһэ 10 чаас буолла. Кыыс төлөпүөнэ арахсан турар. Социальнай ситимэ биһиэхэ аны көстүбэт. Мин ыксаан бардым. Аҕабытыгар кэпсээтим. Сэрэйбитим курдук, сөбүлээбэтэ.
Бу олорон идиэйэ кэллэ. Социальнай ситимҥэ Нарыйаҕа чугас дьүөгэм уола суруппут буолуохтаах. Кыра саастарыттан бииргэ улааппыт дьон. Сережа кыыс страницатын уһаты-туора хаста уонна “уола Данилов Вася диэн эбит, билигин Уус Алдаҥҥа сылдьаллар быһыылаах” диэтэ. Мин, дьэ, “баттаҕым туран” кэллэ.
Кэргэним Бороҕоҥҥо билэр киһитигэр эрийдэ, силиэстийэ кытаанаҕа буолла. Анарааҥҥыта чочумча толкуйдуу түһэн баран, Васяны билэр эбиппин, мааҕыын кэнсиэргэ маҕан саҕынньахтаах уһун кыыһы кытта сылдьара диэтэ. Дьэ, дьиэ иһинээҕи силиэдэбэтэллэр “ол биһиги кыыспыт” дэстибит да, массыынабыт үрдүгэр түстүбүт уонна түүннэри Бороҕон диэки гаастаан кэбистибит.
Бороҕону түүн ортото буллубут. Тута кулуубу көрдөөтүбүт, дискотекаттан булуохпут дии санаабыппыт. Пахай, үҥкүү былыр үйэҕэ бүппүт. Даниловтар диэн ыал ханна олороллорун хантан билиэхпитий? Дьонтон ыйытыаҕы, тыбыс-тымныы түүн ким таһырдьа дьаарбайа сылдьыаҕай? Толкуйга түстүбүт. «Ээ, полициялартан ыйытыахха, дьуһуурунай диэн баар ини» диэн саҥа аллайдым. Полиция дьиэтин хабыс-хараҥаҕа син өр көрдөөн буллубут.
Дьуһуурунайдар барахсаттар бырааһынньыктарга, баһаалыста, туох да быһылаан тахсыбатар ханнык диэн үҥэн-сүктэн баран, чэй иһэн эрэллэр эбит. Ол олордохторуна, биһиги көтөн түһэн, сүрэхтэрин “хайыттахпыт” дии. Кыһалҕатын оҥорон, Бороҕоҥҥо Василий Данилов диэн ааттаах киһи балачча элбэх эбит. «Кини буолуо дуо, ээ, ол кырдьаҕас киһи, олор бырааттара эбитэ дуу» диэн олохтоох учаастакка күүстээх таайбараҥ буолла.
Ол кэннэ массыынабытыгар түөрт полицейскайы тобус-толору олордон баран, түүннэри Даниловтар диэн араспаанньалаах ыаллары кэрийдибит. Бу санаатахха, күлүүлээх баҕайы эбит. Түүннэри утуйа сытар ыалга тоҥсуур бөҕө, дьон ааны арыйбыта, олбуор толору полиция. “Вася диэн уоллааххыт дуо?” диэннээхпит…
Үһүс дьиэбитигэр дьоммутун булан ыллыбыт. Уоллаах кыыс дэлби соһуйбуттар, куттаммыттар. Мин иккиэннэрин мөҕүү-этии бөҕө буола турдахпына, полицияларбыт баран хаалбыттар этэ. Кыыспытын куоракка илдьэ кэллэхпит дии. Бу түбэлтэни оҕолор кэлин ыал буолбуттарын кэннэ, саныы-саныы күлсэрбит.
Вася Нарыйаҕа ийэҥ наһаа кытаанах быһыылаах диэн күтүөттүү кэлэригэр толлорун эппит. Кэлин билсэн баран: «Ийэҥ бэйэҥ курдук кэпсээннээх, бэһиэлэй баҕайы эбит дии», – диэн, сырдык бэйэтэ өссө сырдаан олорон эппиттээх үһү…
Балыыһаҕа көрсүһүү
Бороҕоммут уола аны кыыска Хабаровскайга тиийбит, байыаннай чааска үлэҕэ киирбит үһү диэн сурах кэллэ. Чэ, бу дьон сыһыаннара ырааппыт уонна мээнэ буолбатах, улахан таптал эбит диэн өйдөөтүбүт.
Оҕобун кытта кэпсэттим, бу сырыыга мөхпөтүм. “Бииргэ сылдьыҥ, ол эрээри ыал буоларга, оҕолонорго ыксаамаҥ, үөрэх, үөрэх уонна өссө төгүл үөрэх”, – диэн нотация син биир баара.
Арай биирдэ устудьуон кыыспыт күүскэ кыраадыһа тахсан, балыыһаҕа киирдэ. Оҕом ыалдьыбытын истэн, сүрэҕим толугуруу мөҕүстэ. Түргэн быһаарыныылаах киһи ыллым да, Хабаровскай диэки көтөн күпсүтэ турдум.
Оҕобор улахан спортивнай суумка муҥунан астаахпын, тиэрмэскэ ип-итии мииннээхпин. Үлэбиттэн кэлээт, түүн көтүөхпэр диэри тура тэбинэн туран, илдьэр аспын астаабытым. Бэрэски, алаадьы, кэтилиэт, ыһаарыламмыт собо, Хатас хортуоппуйа, муорус. Казармаҕа олорор саллаат Васяҕа улахан бакыакка бу астан өлүүлээн, туспа кэһии бэлэмнээтим.
Оҕом миигин көрөн, наһаа үөрдэ. Тута тиэрмэспин арыйа баттаат, итии миининэн аһатан бардым. Ол кэннэ бырааска киирдим.
Нарыйа Васятыгар дьонум кэлэллэр диэн эрдэ биллэрбит. Онон уолбут кэлэрин күүтэн, бастакы этээскэ олордубут. Сотору буолаат, долгуйбут көрүҥнээх, уһун синньигэс бааһынай уол балыыһаҕа сэмэйдик үмүрүччү үктээн киирэн кэллэ. Байыаннай пуормалаах, уһун саппыкылаах. Хата, балыыһаҕа кыра кафе оҕото баар эбит. Онно чэйдээтибит, киһилии билистибит. Мин кэһиибин биэрбиппэр, Вася наһаа соһуйда уонна үөрдэ.
Вася кыыспытыттан 7 сыл аҕа. Биһиги эрдэ ыал буолбут дьон оҕобут улахан, бэйэбит эдэрбит, уолтан 11 сыл эрэ аҕабыт. Ол иһин табаарыстар курдук көстө сырыттахпыт дии.
Астаан аҕалбыт аспар эбии тоҥ эт соһуулаах этим. Онтубун оҕобут уопсайыгар тиийэн, морозилкаҕа толору симээт, кэргэмминээн массыынабытынан Дьокуускайбыт диэки гаастыы турдубут. Үчүгэй уол эбит, ыал да буолабыт диэн турдахтарына, туорайдаспат инибит дэстибит.
Айаннаан истэхпитинэ, Вася миэхэ “смс” ыытта. «Виктория Геннадьевна, спасибо большое за гостинцы. Все было очень вкусно» диэхтээбит этэ. Байыаннай чааһыгар тиийээт, сахалыы аһын ахтыбыт киһи уолаттарын кытта үөрэ-көтө сиэн кэбистэхтэрэ дии.
Куһаҕан бит
2016 сыл атырдьах ыйыгар ыччаттарбыт сыбаайбалаатылар. 200 киһилээх бэртээхэй уруу буолла. Бырааһынньыгы бэлэмнээһиҥҥэ Нарыйалаах Вася бэйэлэрэ сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Кыыспыт олох режиссер курдук, идиэйэ, фотосессия, видеоҕа уһуллуу бөҕө. Эр дьон итинниги соччо сөбүлээбэттэрин курдук, Вася эмиэ «кыһалҕаттан» эрэ фотосессиялыыр.
Сыбаайбабытыгар тура-тура үҥкүүлээ да үҥкүүлээ. Кыыспыт дьүөгэлэриниин үҥкүүлээтилэр, сыбаайбалааччылар вальстара, уруу ыалдьыттара бары кыттыылаах флешмоб буолла. Уол табаарыстара эмиэ үҥкүүлээтилэр быһыылааҕа, онно эбии мин кыыспынаан музыкальнай бэлэхпит эмиэ үҥкүү. Бирээмэ Индия киинэтин дьонун курдукпут. Ыалдьыттар олус астынан, биһиги бырааһынньыкпыт табыллан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Үгэс быһыытынан сарсыҥҥы күнүгэр биһирэмҥэ муһуннубут. Ресторан мансардаҕа баар этээһигэр остуол тартыбыт. Арай, чэйдии олордохпутуна, саалабытыгар чыычаах көтөн киирдэ. Саастаах дьон сөбүлээбэтилэр. Мин эмиэ чыычаах соччото суохха дьиэҕэ киирэр диэни истэр этим. Онон үүрсэр түбүккэ түстүбүт. Барабыай чыычаах дьиэ өһүөтүгэр кэтиллэ-кэтиллэ, балачча өр көтө сырытта, ол кэннэ киирбит сиринэн тахсан барда. Эдэр дьон кыһамматылар. Мин “чэ, мансардаҕа өрүү киирэр-тахсар олохтоох чыычаах ини” диэн куһаҕаны саныы сатаабатым. Уопсай үөрүүгэ олорсон, сотору буолаат, умнан кэбистим.
Бу кыһын ыар сүтүктээх хара күннэр сабардаан кэлбиттэригэр ити түгэни өйдөөн кэлбитим, ийэбэр эппитим. Соһуйуом иһин, ийэм эмиэ биһирэмҥэ куһаҕан бит буолан кэлбит чыычааҕы санаабыт этэ…
Хабаровскайга саха ыалын буруота унаарбыта
Васялаах Нарыйа ыал буоллахтарына, Хабаровскайга өрүү дьиэ куортамнаһыахтара дуо, ыал дьон дьиэлээхтэрэ буоллар диэн санаа үүйэ-хаайа тутар буолбута. Ипотека бырыһыана оччолорго олус үрдүк. Кыыс устудьуон, уол саҥа үлэлээн эрэр.
Балачча толкуйдаан баран, оҕолор сыбаайбаларыгар киирбит бэлэх харчыга эбэн, Хабаровскайга саатар хос ыларга диэн былааннанным. Сыбаайба бүппүт киэһэтигэр оҕолор хосторугар киирэн, харчылаах кэмбиэрдэрин барытын хомуйан ыллым. Эдэр дьон харчыны толкуйа суох окко-маска ыйаан, бүтэрэн кэбиһиэхтэрэ диэн ыксыыбын. Оҕолор барахсаттар олох байан олорор курдук санаммыттар этэ. Кыратык мунаарбыт соҕус сирэйдээх, ол эрээри биир-биэс тыла суох харчыларын биэрбиттэрэ.
Күһүн уоппускабын ылаат, Хабаровскайга көттүм. Вася үлэтинэн “учебкаҕа” барбыт этэ. Онон кыыспынаан хас да дьиэни кэрийэн, биир хоһу сөбүлүү көрдүбүт. Эбии харчы буламмыт, хоспутун ылбыппыт. Үөрүү-көтүү буолан, ас астаммыппыт.
Оҕолорбут барахсаттар үөрэн-көтөн, хосторугар көспүттэрэ. Малы-салы тиэйэргэ Вася байыаннай табаарыстара көмөлөспүттэрэ. Мин дьиэлээбитим. Кэлин хоско баар бэйэ оҥоһуута туалет моһуоктуур буолбут этэ. Ону Вася барыны бары сатыыр буолан, бэйэтэ өрөмүөннээн иһэрэ.
Кэнники оҕолор хосторун атыылаан, былаан быһыытынан кэҥэттиммиттэрэ, бастакы кыбартыыраларын ылыммыттара…
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Хаартыска Виктория Контоева архыыбыттан.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…