Хорсун оҕону наҕараадаҕа түһэрдилэр
Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайы нэһилиэгин үөрэнээччитэ Вася Степанов «Хорсун быһыытын иһин” диэн өйдөбүнньүк мэтээл хаһаайына буолла.
Федерация Сэбиэтигэр хорсун быһыыны оҥорбут 150 оҕону наҕараадаҕа түһэрбиттэр. Саха сириттэн маннык наҕараадаҕа түһэриллибит үс оҕо баар. Ол курдук Кэбээйи уонна Томпо улууһун оҕолоро дьон олоҕун быыһаан хорсун быһыыны оҥорбуттар.
16 cаастаах Вася Степанов массыынаҕа баттаппыт биир дойдулааҕын быыһаабыт. Биир дойдулааҕа массыынатын домкракка туруоран баран тиэхиньикэтин оҥосто сыттаҕына, массыыната хамсаабыт. Вася көмө көрдүүр хаһыыны истээт, тута сүүрэн тиийэн, быыһаан таһаарбыт.
Бу туһунан уолчаан санаатын үллэһиннэ:
— Ханнык баҕарар киһи мин оннубар маннык быыһыа этэ. Ыкса киэһэ уу чуумпуга көмө ыҥырар киһи хаһыытын истэн, элбэҕи толкуйдуу барбакка сүүрбүтүм, — диир.
Хорсун быһыыны оҥорбут оҕолору үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалааһын ахсынньыга буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: