Хорсун уолаттар табаарыстарын быыһаатылар

Share

Олоххо араас ыксаллаах түгэн соһуччу буолар аналлаах. Ол курдук, бу күннэргэ Бүлүү улууһун I Күүлэтин нэһилиэгэр  4-с кылаас үөрэнээччитэ ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспит. Ити күн, саатар, халлаан 40 кыраадыска тиийэ тымныйбыт.

Киэһэ Саша икки доҕорун кытта култуурунай кииҥҥэ дьарыктана баран истэхтэринэ, эмискэ боптороот сууллан түспүт. «Уолбар Сашаҕа түөрт саастааҕар астма ыарыыны туруорбуттара, сорох ардыгар ону уста сылдьыбыттара эрээри, кэлин хаттаан туруорбуттара. Астмата дьыл уларыйар кэмигэр бэргээччи. Кыһын халлаан тымныйарын саҕана Саша доруобуйата этэҥҥэ буолааччы, бэйэтин кытта өрүү ингаляторын илдьэ сылдьааччы», — диэн уол ийэтэ Розалия Васильева диэн кэпсиир.

Ити күн Саша бииргэ үөрэнэр  Коля Максимовтыын уонна Афоня Копыринныын киэһэ 17 чаас саҕана  култуурунай кииҥҥэ эбии дьарыкка баран испиттэр.  Эмискэ Сашаҕа ыарыытын бүрүүстүбэ киирбит, охтон түспүт, тыына хаайтарбыт. Онуоха табаарыстара ыксаллаах кэмҥэ уолуйбатахтар. Коля тута балыыһаҕа тиийэн тыллаабыт, ити кэмҥэ Афоня Саша саарпыгын уонна сонун төлөрүтэн, түөһүгэр массаас оҥорбут. Быраас суһаллык кэлээт, уол туругун көрөн-истэн баран, ыксаллаах кэмҥэ сөптөөх көмө оҥоһуллубутун түмүгэр, уолчаан тыыннаах хаалбыт диэн эппит. Афоня төрөппүттэриттэн  итинник сөптөөх көмөнү оҥорору хантан үөрэммитин ыйыталаспыттарыгар, дьиэ кэргэн кыра оҕото тыҥатынан моһуогурар эбит. Онон Афоня адьас кыра эрдэҕиттэн  төрөппүттэрэ массаас оҥороллорун көрөн улааппыт.

Саша олох туһугар туруулаһар кэмигэр, хорсун уолаттар аттыгар суох эбиттэрэ буоллар, дьэ туох буолуон киһи саныан да куттанар. Уолаттар, маладьыастар, ыксаллаах кэмҥэ уолуйбатахтар, барытын сөптөөхтүк уонна суһаллык дьаһаммыттар.

«Икки оҕолоохпун, улаханым Саша уон саастаах, кырам үстээх. Уолум доҕотторугар махталым муҥура суох. Саатар, ити күн халлаан олус тымныйбыта. Атын сиринэн соҕотоҕун кэлбитэ буоллар алдьархай тахсыах эбит», — диэн Саша ийэтэ Розалия Львовна  махталын тиэрдэр.

Хаартыскалар — төрөппүт тиксэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago