Сэттэ саастаах кыыһы эчэтиигэ буруйдаах погрузчик суоппарын холуобунай дьыалата суукка ыытыллыбыт.
Дьокуускай куорат борокуратуурата 1972 с.т. киһи холуобунай дьыалатыгар буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кини РФ Холуобунай Кодексын 264 ыст. 1 ч. буруйданар.
Силиэстийэҕэ биллибитинэн, быйыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр, Дьокуускайга фронтальнай грузчигы ыытан иһэр киһи Билибин уулуссатын 17/1 дьиэтин таһынан ааһан иһэн, хортуон дьааһыгы көрбүт. Уонна туораабакка, дьааһыгы үрдүнэн ааспыт. Ол хортуон дьааһык иһигэр икки кыысчаан оонньуу сылдьан киирбиттэр эбит.
Бу түмүгэр 2017 с. төрүөх кыыс түөһүгэр уонна иһигэр эчэйиини ылан, балыыһаҕа киирбит.
Борокуратуура холуобунай дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыппыт. Силиэстийэ кэмигэр эчэйбит кыысчаан дьиэ кэргэнигэр буруйдаах киһи хоромньуну төлөөбүт.
Хара муора илиҥҥи биэрэгэр арҕааттан күүстээх долгун охсуллан, Грузия, Абхазия аалларын биэтэҥнэттэ. Грузияҕа быйыл күһүн…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Нөөрүктээйи нэһилиэгэр уһулуччулаах салайааччы Михаил Павлович Захаров төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир бэлиэ…
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, куорат үрдүнэн быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтэ буоларынан сибээстээн, күн устата араас…
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, Анаабыр, Булуҥ оройуоннарыгар тыаллаах күн туруоҕа. Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ арҕааттан, хотугулуу-арҕааттан …
Хой Соһуччу доруобуйаҕын көрдөрөргө күһэллиэҥ. Бу араас төрүөттээх буолуон сөп. Эчэйии, урукку ыарыыҥ көбүөн эбэтэр…
Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…